Үөдүгэйбит дьонун туһунан – «Күрүлгэҥҥэ»!

Дьокуускайга ыытыллыбыт «Дойдубут туһугар!» «Ситим-Медиа» тэрилтэ уонна «Кыым» бар дьон хаһыатын итиэннэ «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал эрэдээксийэлэрэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин өйөбүлүнэн ыыппыт күрэхтэригэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылаҕа, айар-суруйар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар ИДьМ бэтэрээнэ Надежда Кардашевская-Куттаах «Күүстээх Кирилэ» кэпсээнинэнБиһирэбил бириискэ тиксибитэ. Күрэх Улуу Кыайыы 80 уонна Арассыыйаҕа биллэриллибит Аҕа дойдуну, Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ дойдуну […]
«Сүүрбэ сүүтүк” диэн Куттаах саҥа кинигэтэ таҕыста!

Үөдүгэйбит бибилэтиэкэтигэр бу сабыс-саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни Надежда Кардашевская – Куттаах бэлэх уунна. Онон саҥа үүнэн эрэр 2026 сылы көрсө ааҕааччыларбытыгар сэргэх, сонун кинигэ таҕыста. Кинигэҕэ ааптар 1980-с сыллартан бэттэх олох-дьаһах кэрчиктэрин ойуулуур. Сүнньүнэн тыаҕа да, куоракка да буолан ааспыт улахан, кыра тэрээһиннэр, быһылааннар истэрэ-тастара ахтыллар. Бу кинигэҕэ тиһиллибит сүүтүк кэпсээннэригэр Куттаах олох, үлэ […]
Үөдүгэй биир чулуу уола Николай Егоров төрөөбүт күнэ

Саха сирин биллиилээх учууталларыттан биирдэстэрэ, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, “Кыһыл Сулус» уордьан уонна биэс бойобуой мэтээл кавалера этэ. Кэлин норуот үөрэҕириитигэр үтүөлэрин иһин Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Николай Васильевич ахсынньы 3 күнүгэр 1903 сыллаахха II Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үөһээ […]
Үөдүгэйдэр сэтинньи ыйдааҕы хаһыаппыт сыһыарыыта таҕыста!

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ иһинэн бэлэмнэнэн тахсар «Үүнэр-сайдар Үөдүгэй” диэн Үөдүгэйбит хаһыатын сыһыарыытын сэтинньи ыйдааҕы 7 нүөмэрэ “Үөһээ Бүлүү» хаһыакка бэчээттэнэн таҕыста. Бу нүөмэргэ Аҕам саастаахтарбыт дэкээдэтин түмүктүүр дьоро күн, саҥа айар сезону арыйар «Түмэр Кэрэ Эйгэ” диэн улахан бырааһынньыктааҕы кэнсиэрт туһунан, П.Н. Тобуруокап төрөөбүтэ 108 сылын көрсө 108 кырачаан чуопчаара хоһоон аахпыт тэрээһинэ, […]
Үөдүгэйгэ – Дапсы дьыктаана

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл билимин хандьыдаата, төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта Михаил Петрович Алексеев- Дапсы төрөөбүт күнүгэр “Дапсы дьыктаанын” суруйуу буолла. Бу күн улуустааҕы «Ийэ тыл» түмсүү салайааччыта Антонина Хобусарова кэлэн эҕэрдэ тылы эттэ. Михаил Петрович – Дапсы хаан-уруу балтыта Алгыстаана Семенова, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо кэлэн дьыктаан […]
Дуобакка, саахымакка күүстээх оонньуулар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнүн” чэрчитинэн, дуобакка, саахымакка күүстээх оонньуулар буоллулар. Ону таһынан баарыс оонньонно. Садуоба диэн интэриэһинэй, хас да түһүмэхтээх оонньуу буолла. Бүгүҥҥү оонньууну саахыматчыт, Үөдүгэй бибилэтиэкэтин эрэллээх ааҕааччыта, айар куттаах Аркадий Иванов тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыытта. Оонньуу саҕаланыытыгар саахымат оонньуу үөскээбит историятын, Арассыыйаҕа уонна чуолаан биһиги улууска сайдыбыт историятын кэрдиис […]
Кырачааннар ыалдьыттаатылар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаанын оҕолоро иитээччилэрин кытары киирэн бибилэтиэкэҕэ экскурсиялаатылар. Оҕолорго аналлаах араас интэриэһинэй кинигэлэри көрдүлэр. Остуол оонньууларын оонньоотулар, пазл сааһылаатылар. Саҥарар азбуканы ордук интэриэһиргээн, билэр буукубаларын баттаан хоһооннору иһиттилэр. Сорох оҕо энциклопедиялары интэриэһиргээн көрдө. Оҕолор быыһыгар куукуланан, массыынанан да оонньоон ыллылар. Онтон иитээччилэр сахалыы ааҕар кинигэлэри уларыстылар. […]
“Мир един” тэрээһин буолла

Бүгүн Үөдүгэйгэ Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола үөрэнээччилэригэр алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 13 күннэригэр диэри Арассыыйаҕа көрбөт дьоҥҥо аналлаах «Үрүҥ торуоска» ыйынньык чэрчитинэн, «Мир Един» диэн тэрээһин буолан ааста. Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго харахтарынан мөлтөх уонна көрбөт дьон күннээҕи олохторугар көрсөр араас кыһалҕаларын туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Кинилэртэн аан дойдуга биллэр улахан талааннаах […]
Кинигэ быыстапкатын дьон олус сэҥээрдэ

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- доруобуйа күнэ» чэрчитинэн, доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ аналлаах кинигэ быыстапката буолла. Кэлбит дьон Арассыыйа, Саха сирин чулуу эмчиттэрэ, быраастар бэйэлэрин уопуттарыгар олоҕуран суруйбут кинигэлэрин, эмтээх үүнээйилэр туһаларын, биһиги эппит-хааммыт сорох кистэлэҥ күүстэрин туһунан, сүрэх ыарыыларын биричиинэтин, эмтэнии, көрүнүү туһунан «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэ, инсультан хайдах харыстаныахха сөбүн, А. […]
Ааҕааччыларбыт- үтүө сүбэһиттэрбит, чугас доҕотторбут

Алтынньы 9 күнэ – Бүтүн Арассыыйатааҕы ааҕыы күнэ. Бу күн ааҕааччыларга, суруйааччыларга уонна бибилэтиэкэрдэргэ бэлиэ күн, бырааһынньык. Ааҕыы бу сиргэ саамай интэриэһинэй, туһалаах дьарык. Биһиги Үөдүгэйбит бибилэтиэкэтин ааҕааччылара – бииртэн биир ураты, муударай, киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон, үтүө сүбэһиттэрбит, чугас доҕотторбут, буолаллар. Кинилэр бары тус-туспа сөбүлүүр суруйааччылардаахтар, ааҕар хайысхалаахтар. Ааҕааччыларбытыгар анаан саҥа кэлбит кинигэлэри ким, тугу […]