Саха сирин биллиилээх учууталларыттан биирдэстэрэ, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, “Кыһыл Сулус» уордьан уонна биэс бойобуой мэтээл кавалера этэ. Кэлин норуот үөрэҕириитигэр үтүөлэрин иһин Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан наҕараадаламмыта.
Николай Васильевич ахсынньы 3 күнүгэр 1903 сыллаахха II Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үөһээ Бүлүү түөрт кылаастаах оскуолатын 1915 сыллаахха бүтэрбитэ. Салгыы Бүлүүгэ киирэн үрдүкү начальнай училищеҕа үөрэммитэ. Онно үөрэнэ сылдьан Бүлүү сүнньүн бастакы комсомолецтарын Маркел Бубякины, Илья Староватовы, Николай Нюрбинцевы, о.д.а. кытары доҕордоспута. 17 сааһыгар Үөһээ Бүлүү улууһун ревкомун суруксутунан үлэлиир, оччотооҕу саҥа былаас дьаһалларын олоххо киллэриигэ көмөлөһөр.
1922 сылтан Ньурбаҕа, онтон дойдутугар төннөн, Үөһээ Бүлүү сэттэ группалаах оскуолатыгар учууталлыыр. Таатта Игидэйигэр үлэлии сылдьан сахалыы тылдьыт ааптарын Э.К. Пекарскайы кытары суруйсар, онно аан-маҥнай научнай үлэнэн дьарыктанар. 1930 сыллаахха Г.П. Хоютановы, Н.Е. Афанасьевы кытта «Сайдыы суола» диэн кыра үөрэхтээх дьон ааҕар кинигэтин суруйан таһааттарбыта.
Сэрии сылларыгар кини рядовой саллааттан взвод командирыгар тиийэ үүнэр, Сталинградка, Курскай тоҕойго хорсуннук сэриилэһэр, Украинаны, Молдавияны, Болгарияны, Румынияны, Польшаны, Венгрияны босхолоһор, бэйэтин бойобуой сырыытын Австрияҕа Вена куоракка түмүктүүр.
Николай Васильевич сэрии кэнниттэн Дьокуускай куоракка олохсуйан 2 №-дээх оскуолаҕа сэттэ сыл учууталлаабыта. Онтон 1954 сыллаахтан олоҕун тиһэх күннэригэр дылы учууталлар идэлэрин үрдэтэр республикатааҕы институт педагогикаҕа уонна начальнай кылаастарга кабинеттарын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, республика чулуу методиһын быһыытынан биллибитэ. Үгүс научнай – методическай үлэлэри, ол иһигэр алта учебниктары, Саха сирин уонна киин сирдэр редакцияларын хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар элбэх ахсааннаах ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Кини баай методическай нэһилиэстибэтэ билиҥҥэ диэри туһалыы турар.
Николай Васильевич Егоров төрөөбүт-үөскээбит Үөдүгэйин дьоно-сэргэтэ реcпублика сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсибит биир чулуу, чаҕылхай уолунан киэн туттар.