Үөдүгэйдэр “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся Потапова” испэктээги туруоруохтара

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын, Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин көҕүлээһиннэринэн, дойдуга Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура, Үөһээ Бүлүүгэ үөрэҕирии сылларынан уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылынан Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы быһаччы олохтоспут Үөдүгэй биир чаҕылхай кыыһа Марфа Георгиевна Потапова – Габышева туһунан хатыламмат күүстээх уобараһын арыйар ыччакка тиэрдэр сыаллаах “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся […]

Степан Иванов аатынан “Көмүс бөрүө» күрэххэ кыттыы хайдаҕый?

 Саҥа 2026 сыл үүнээтин, Арассыыйа Бэчээтин күнүн уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылын көрсө биир дойдулаахпыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа бэчээттээччилэрин Гильдиятын чилиэнэ, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат редакторынан үлэлээбит талааннаах салайааччы, сытыы бөрүөлээх суруналыыс Степан Михайлович Иванов аатынан “Көмүс бөрүө” күрэх балаһыанньата биллэриллибитэ. Бу күрэҕи Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ, Үөдүгэйдээҕи култуура […]

Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр – саҥа кинигэлэр

Хас биирдии ааҕааччыбыт бибилэтиэкэҕэ киирэн кэллэ даҕаны, бастакы ыйытыга «Саҥа кинигэ баар дуо?» диэн буолар. Ыйытымына, куруук ааҕар дьон бибилэтиэкэ улахан аҥарын, сорохтор барытын да кэриэтэ аахтахтара. Онон саҥа, сонун кинигэни олус кэтэһэллэр. Өссө араадьыйаҕа, куйаар ситиминэн саҥа тахсыбыт кинигэлэр угуйуктарын көрөн кэлэн ыйытааччылар. Ардыгар бэл, «Айар» кинигэ кыһатын улууспутугар баар киоскатыттан саҥа тахсыбыт кинигэлэртэн […]

Бибилэтиэкэ архыыбыгар сыаналаах бэлэх

Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгиттэн, Дабыыт аҕа ууһуттан төрүттээх, педагогика билимин хандьыдаата, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, бибилэтиэкэбит үтүөкэн сүбэһитэ Мария Даниловна Михайлова бэйэтэ муспут Арассыыйа уонна Саха сирин устуоруйатын кэрдиис кэмнэрин, чулуу дьонун, бэлиэ түгэннэрин туһунан муспут матырыйаалларын Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр бэлэх уунна. Бу матырыйааллары кыраайы үөрэтии саалатыгар ааҕааччылар көрүөхтэрин, туһаныахтарын сөп. Ону […]

Оһуор үҥкүүтэ бибилэтиэкэни сэргэхситтэ

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн, Оһуор үҥкүүтэ флеш-моб буолла. Талааннаах үҥкүүһүт, эдэр ийэ, “Чэмэлиинэ”, “Ай- Куо”, “Иэйии” түмсүүлэр салайааччылара Алина Макарьевна Васильева Оһуор үҥкүүтүн флеш-мобун бэрт интэриэһинэйдик, сэргэхтик тэрийэн ыытта. Оҕолуун улаханныын ис сүрэхтэн иэйэн туран Оһуор үҥкүүтүн хамсаныыларын астына үҥкүүлээтилэр, эти-сиини чэбдигирдэн, эрчимнээх ырыаҕа уйдаран сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Күндү […]

Ийэлэр, эбээлэр Михаил Салтыков- Щедрин остуоруйаларын ааҕаллар

Улуу нуучча суруйааччыта, ХIХ-с үйэ биир чулуу сатирига, суруналыыс, судаарыстыбаннай диэйэтэл Михаил Евграфович Салтыков-Щедрин төрөөбүтэ 200 сылынан уонна «Ааҕар Үөдүгэй”, “Ийэлэр ааҕаллар” диэн бырайыактар чэрчилэринэн, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр «М.Е. Салтыков-Щедрин муударай остуоруйалара» диэн литературнай чаас ыытылынна.             Тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин эдэр ийэлэрэ, эбээлэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Михаил Салтыков олоҕун, норуокка хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтин […]

“Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүүгэ бүгүн ураты күн

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүү көрүстэ. Көрсүһүүгэй айар куттаахтар уонна Үөдүгэйбит Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ Игорь Егорович Сортолов кыттыыны ыллылар. Ааспыт сыл ситиһиилэрин, үлэтин-хамнаһын ырыттылар. Ылан көрдөххө, элбэх, дьоһуннаах үлэ барбыт эбит. Ахтан аастахха ааспыт сыл тохсунньутугар Надежда Куттаах “Умсулҕан” диэн кэпсээнин кинигэтэ тахсан дьон-сэргэ улахан биһирэбилин […]

Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр -дуобакка оонньуулар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнүн” чэрчитинэн, дуобакка оонньуулар буоллулар. Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри саастаах дьоммут тохсунньу тоһуттар тымныытын биир үтүө күнүн бибилэтиэкэҕэ атаардылар. Дуобат – толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕуру, мэйии үлэтин сайыннарар. Дуобакка улахан уопуттаах дьону кытта оонньоон оҕолор, эдэр дьон оонньууллара биллэ тупсубута бэлиэтэннэ. Бу күһүҥҥүттэн Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр дуобакка, саахымакка хаһыс […]

“Сыл Бастыҥ ааҕааччыта ким буолла?”

Үөдүгэй нэһилиэгэр ааспыт 2025 сыл түмүгүнэн саамай элбэх кинигэни аахпыт “Сыл Бастыҥ ааҕааччытынан” Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин биир саамай эрэллээх ааҕааччыта, сүбэһитэ Николай Николаев буолла.Кинигэни ааҕыыны көҕүлүүр, өрө тутар Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Баһылык Альберт Юрьевич Иванов 15000 солкуобайдаах сэртэпикээтинэн наҕараадалаата. “Кинигэ – билии төрдө, кинигэ – үтүө доҕор, сүбэһит”.Барыгытын Р. П. Матвеева аатынан […]

“Сыллары тутаммын кэс тылы арыйар эбиппин”

 Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, ити тыллары суруйбут олохтоох поэт, суруйааччы саҥа кинигэтин Үөдүгэй библиотекатыттан уларсан ааҕыҥ диэн ыҥырабын.  Кинигэ  аатыныы “Кылбаарар кынаппар олорсон ” Наталия Петровна Дордо хоһооннорунан сирдэтэн, тапталлаах дойдубут Үөдүгэйбит кэрэ айылҕатын көрүҥ. Саҥа кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Оҕо буоллун, улахан дьон буоллун тулалыыр эйгэбитин эргиччи көрөн кыһыннары- сайыннары, күһүннэри […]