Кинигэ быыстапкатын дьон олус сэҥээрдэ

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- доруобуйа күнэ» чэрчитинэн, доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ аналлаах кинигэ быыстапката буолла.

            Кэлбит дьон Арассыыйа, Саха сирин чулуу эмчиттэрэ, быраастар бэйэлэрин уопуттарыгар олоҕуран суруйбут кинигэлэрин, эмтээх үүнээйилэр туһаларын, биһиги эппит-хааммыт сорох кистэлэҥ күүстэрин туһунан, сүрэх ыарыыларын биричиинэтин, эмтэнии, көрүнүү туһунан «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэ, инсультан хайдах харыстаныахха сөбүн, А. Кулаковскай чөл олох туһунан кинигэ, о.д.а. дьон интэриэһин тартылар.

            Олохторун доруобуйа харыстабылыгар анаабыт күндү дьоммут Е.Н. Андреев, Г.Т.Карадчин, И.Д. Иванов, А.И. Федоров тустарынан кинигэлэрин умсугуйа көрдүлэр, аахтылар, санаа атастастылар.

            Кинигэ быыстапката үгүс санааны биэрдэ, саҥа идиэйэлэр этилиннилэр.