“Поле чудес” оонньууга ким кыайда?

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Аҕам саастаах дьон дэкээдэлэрин уонна “Ааҕар Үөдүгэй» бырайыак чэрчитинэн Үөдүгэй бибилэтиэкэтин уонна улуустааҕы оҕо технопаркатын эбии үөрэхтээһин педагога Анна Павловна Григорьева үөрэтэр оҕолорунаан “Поле чудес”- “Дьиктилээх хонуу” оонньууну тэрийэн ыыттылар. Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччыта Любовь Мартовна Яковлева эҕэрдэ ырыатын бэлэх уунна.             Үөдүгэй бибилэтиэкэтин аҕам саастаах ааҕааччылара кэлэн […]

Уйулҕа үөрэхтээхтэрин кытары истиҥ кэпсэтии

Бүгүн Р.П.Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Үөдүгэй психологтара” түмсүү үрдүк категориялаах, уопуттаах психологтара Мария Тимофеевна Александрова, Альбина Николаевна Тюкянова төрөппүттэргэ анаан “Дьиэҕэ үлэни аахтарыыга төрөппүккэ сүбэлэр” диэн бэсиэдэ, уонна практическай үлэ ыыттылар. Улууспут биир саамай кыһаллымтыа, оҕотун үөрэҕигэр болҕомто уурар төрөппүттэрэ кэлэн олус истиҥ, интэриэһинэй, туһалаах кэпсэтии таҕыста. Төрөппүттэр, эбээлэр бэйэлэрин ыйытыктарыгар сиһилии эппиэттэри, сүбэни-аманы ыллылар. […]

«Урсик» кинигэни уларcан ааҕыҥ

Бу иннибэр уурунан олорор киниғэбин ааҕа да иликпинэ саҕаланыы тылыттан сэҥээрдим. Суруйааччы Эдуард Ефремов- Дэхси тылын- өһүн олус хайҕаатым. Чахчы бу дойдуларын таптыыр, аҕаларын ууһун ахтар, таптыыр, аһынар, сэҥээрэр Саха сирин историятыгар киирэн урукку ыраахтааҕылаах да кэмҥэ, кэлиҥҥи көлүөнэ Эргис ойуун ууһун дьоно ааһар олохторун оҥорууга бэйэлэринэн кыттыспыт, уларыппыт- тэлэриппит дьонунан киирэллэрэ биллэрэ. Холобурдаан ыллахха, […]

“Кинигэ күүһэ” ааксыйаҕа сулустуун кинигэ ааҕыы

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр “Кинигэ күүһэ” ааксыйа ыытылынна. Быйылгы ааксыйа Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга ананна. Көҕүлээччи уонна тэрийээччи – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ буолар. Бүгүн оҕолорго анаан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ, Улуус Сэбиэтин дьокутаата, ырыаһыт Игорь Егорович Сортолов Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” кинигэтиттэн ааҕан иһитиннэрдэ. Ол кэннэ оҕолор кэпсээннэри тула […]

Үөдүгэйдэр сайыны көрүстүлэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр, Арчы дьиэтигэр, саха күөххэ үктэнэр, түптэ буруотугар арчыланан санаатын сааһыланар, киртэн-хохтон ыраастанар, Иэйэхсит чугаһаан, сылаас тыына сиргэ –буорга түһэр, салгыҥҥа иҥэр , өҥү – быйаҥы түстүүр үтүө кэмин уруйдаан,  Ньукуоланан “КҮӨХХЭ ҮКТЭММИЧЧЭ  КӨРҮЛҮӨҔҮҤ!” диэн оһуокай добун түһүлгэтэ төрүттэннэ. Сайын кэлиитин алгыһынан “Дьүөгэ” түмсүү Далбар Хотуна Раиса Васильева арчылаата. Ону тэҥэ итии […]

Ыалдьыт кэллэ

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр дойду тэбэр сүрэҕиттэн- Москваттан биир дойдулаахпыт, Үөдүгэйтэн төрүттээх Маргарита Гаврильевна Лазарева убайынаан Леонид Гаврильевичтыын ыалдьыттаата. Кини Октябрьскай Революция уордьан Кавалера, сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит, “Давыдов” колхоз председателинэн, Карл Маркс отделениетын управляющайынан, “Үөдүгэй” совхоз дириэктэрин солбуйааччынан үлэлээбит Гаврил Гаврильевич Лазарев кыыһа. Маргарита Гаврильевналыын Үөдүгэйбит, Кудубут туһунан кинигэлэри хасыһан, кини чугас дьонун-сэргэтин, чуолаан […]

Барыта дьон туһугар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэнньэҕэ анаан Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова биирдиилээн консультация ыытта, сүбэ-ама биэрдэ. Быһаарыллыбакка сылдьар боппуруостаах туһааннаах дьон кэлэн боппуруостарын ыйытан, сөптөөх көмөнү ылан, үөрэн-көтөн бардылар. Санатан эттэххэ, бэҕэһээ “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ нэһилиэнньэҕэ эмиэ биирдиилээн консультация ыыппыттара. Инникитин даҕаны дьон кыһалҕатын кыччатар, санаатын чэпчэтэр араас хайысхалаах тэрээһиннэрбитигэр […]

«Өрөбүллэргэ астына кинигэ ааҕыам»

Күөх Маай уонна Улуу Кыайыы бырааһынньыктарын өрөбүл күннэрин көрсө сэрии кэмин оҕото, нэһилиэкпит биир ытык киһитэ, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин бастыҥ ааҕааччыта Федора Дмитриева сахалыы кинигэлэри уларсан барда. Кини бибилэтиэкэҕэ нэдиэлэ ахсын сылдьар. Сахалыы да, нууччалыы да кинигэлэри сэҥээрэн ааҕар. Ордук билиҥҥи кэм суруйааччыларын айымньыларын сэҥээрэр. «Маай бырааһынньыктарыгар өрөбүллэр уһун буолааччылар. Онон элбэх соҕуһу […]

Адамов Михаил Николаевич туһунан

Адамов Михаил Николаевич II Үөдүгэй нэһилиэгэр Балаҕат диэн алааска Адамов Ньукулай (Тырай) диэн киһи дьиэ кэргэнигэр 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Холбоһуктааһыҥҥа Давыдов аатынан колхозка киирэн, дьиэлэрин Кудуга көһөрөн олохсуйбуттара. Сэриигэ Мэхээлэ бастакы ыҥырыкка хабыллан 1941 сыллаахха барбыта. Сулууспалаабыт чааһа, фрона биллибэт. Кыһыл Сулус орденын улахан чыыннаах немец офицерын босхоломмут куорат дьиэтин подвалыттан булан командованиеҕа туттарбытын иһин […]

Үөдүгэйгэ- библионочь

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Бэйэ геройдара” диэн «Библионочь-2025» Бүтүн Арассыыйатаҕы аахсыйа чэрчитинэн тэрээһин буолла. Улууспутугар биэстэ кулубанан талыллан дьон-сэргэ ытыктабылын, махталын ылбыт, улууспут баар-суох иккис гильдиялаах атыыһыта, меценат, Куду Харааччыннарыгар күтүөт буолан, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа үлэлэспит тоҕус оҕону күн сиригэр көрдөрбүт Георгий Ефимович Потапов- Баай Батаакап төрөөбүтэ 155 сылыгар аналлаах «Үтүө […]