Дьокуускайга ыытыллыбыт «Дойдубут туһугар!» «Ситим-Медиа» тэрилтэ уонна «Кыым» бар дьон хаһыатын итиэннэ «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал эрэдээксийэлэрэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин өйөбүлүнэн ыыппыт күрэхтэригэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылаҕа, айар-суруйар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар ИДьМ бэтэрээнэ Надежда Кардашевская-Куттаах «Күүстээх Кирилэ» кэпсээнинэн
Биһирэбил бириискэ тиксибитэ.

Күрэх Улуу Кыайыы 80 уонна Арассыыйаҕа биллэриллибит Аҕа дойдуну, Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ананар.

Куттаах Үөдүгэйбит чулуу дьоно Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыыларын туһунан суруйбут кэпсээннэрэ Саха сиригэр сэҥээриллэн, “Күрүлгэн» сурунаал бу ыйдааҕы нүөмэригэр киирдилэр. «Күрүлгэн» сурунаалы Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кэлэн ааҕыаххытын, көрүөххүтүн сөп.

Валентина ФИЛИППОВА