Алтынньы 9 күнэ – Бүтүн Арассыыйатааҕы ааҕыы күнэ. Бу күн ааҕааччыларга, суруйааччыларга уонна бибилэтиэкэрдэргэ бэлиэ күн, бырааһынньык.
Ааҕыы бу сиргэ саамай интэриэһинэй, туһалаах дьарык. Биһиги Үөдүгэйбит бибилэтиэкэтин ааҕааччылара – бииртэн биир ураты, муударай, киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон, үтүө сүбэһиттэрбит, чугас доҕотторбут, буолаллар. Кинилэр бары тус-туспа сөбүлүүр суруйааччылардаахтар, ааҕар хайысхалаахтар. Ааҕааччыларбытыгар анаан саҥа кэлбит кинигэлэри ким, тугу сөбүлээн ааҕарынан билиһиннэрэбит, ааҕыллыбыт кинигэлэр тула санаа атастаһабыт. Ардыгар үлэ, олох туһунан сүбэ, соргу ылабыт.
Күндү Үөдүгэйбит бибилэтиэкэтин ааҕааччыларын Бүтүн Арассыыйатааҕы Ааҕыы күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Биһигинниин өрүү бииргэ буолуҥ! Үөрэ-көтө мичилийэн, үгүс сонуннаргытын кэпсээбитинэн бибилэтиэкэ аанын аһан киирэн кэлэргитин туохтааҕар да ордук кэтэһэбит!
Тутуспутунан саамай ааҕар нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду буоларга дьулуһуоҕуҥ!
Салгыы биһиги бибилэтиэкэбит ааҕааччыларын түбэһэ түһэн хаартыскаҕа уһулан үйэтиппит түгэннэрбитин көрүҥ. Галереяҕа киирбэтэх үгүс ааҕааччыларбыт алы гыныҥ дуу. Инникитин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитии үлэтэ салҕаныаҕа.
























