Бүгүн Үөдүгэйгэ Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола үөрэнээччилэригэр алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 13 күннэригэр диэри Арассыыйаҕа көрбөт дьоҥҥо аналлаах «Үрүҥ торуоска» ыйынньык чэрчитинэн, «Мир Един» диэн тэрээһин буолан ааста.

Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго харахтарынан мөлтөх уонна көрбөт дьон күннээҕи олохторугар көрсөр араас кыһалҕаларын туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Кинилэртэн аан дойдуга биллэр улахан талааннаах суруйааччылар, композитордар, суруналыыстар, бөлүһүөктэр, бэл, фотографтар тахсыбыттарын билиһиннэрдилэр.

Ол курдук көрбөт дьон кинигэни илиилэринэн бигээн хайдах ааҕалларын көрдөрдүлэр. Инбэлиит дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар сүбэлээтилэр. Тэрээһин түмүгэр оҕолор бэйэлэрин кыахтарынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин кытары аудиокэпсээннэри устан бэлэхтиэххэ диэн баҕа санааларын үллэһиннилэр.
Валентина ФИЛИППОВА