Үөдүгэй нэһилиэгэр ааспыт 2025 сыл түмүгүнэн саамай элбэх кинигэни аахпыт “Сыл Бастыҥ ааҕааччытынан” Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин биир саамай эрэллээх ааҕааччыта, сүбэһитэ Николай Николаев буолла.
Кинигэни ааҕыыны көҕүлүүр, өрө тутар Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Баһылык Альберт Юрьевич Иванов 15000 солкуобайдаах сэртэпикээтинэн наҕараадалаата.
“Кинигэ – билии төрдө, кинигэ – үтүө доҕор, сүбэһит”.
Барыгытын Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн истиҥ ааҕааччы буоларгытыгар, бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!