Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, ити тыллары суруйбут олохтоох поэт, суруйааччы саҥа кинигэтин Үөдүгэй библиотекатыттан уларсан ааҕыҥ диэн ыҥырабын.
Кинигэ аатыныы “Кылбаарар кынаппар олорсон ” Наталия Петровна Дордо хоһооннорунан сирдэтэн, тапталлаах дойдубут Үөдүгэйбит кэрэ айылҕатын көрүҥ.
Саҥа кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Оҕо буоллун, улахан дьон буоллун тулалыыр эйгэбитин эргиччи көрөн кыһыннары- сайыннары, күһүннэри саастары дьүһүйбүтүн, “Сир үрдэ кэрэтиэн, көрүүй “диэн ааҕааччыны сэҥээрдиэх тыллардаах хоһооннор сүргэҕитин көтөҕүөхтэрэ.
Киһи бэйэтэ билбэтинэн алыптаах айылҕа араас дорҕооннорунан аралдьытан ааҕааччыны тардыа.
“Одуулууруҥ тыаҕа
Оччугуй ойук олоҕо”
Хоһоонунан биһиги сирбитинэн – буорбутунан, оппутунан- маспытынан, тыабытынан, күөллэрбитинэн тыыннанан олорорбутун бэлиэтээн хоһоонугар хоһуйбут.
“Айылҕа аатын суоллаһан
Одун хаантан анаппыт”
Ити быыһыгар өбүгэ олоҕун тылыгар киллэрбит Наталия Дордо саҥа хоһоонордоох кинигэтин уларсыҥ. Бэйэҕит быыскытыгар үөскээн- төрөөн олорор киһи санааларын билсиҥ.