Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн, Оһуор үҥкүүтэ флеш-моб буолла.

Талааннаах үҥкүүһүт, эдэр ийэ, “Чэмэлиинэ”, “Ай- Куо”, “Иэйии” түмсүүлэр салайааччылара Алина Макарьевна Васильева Оһуор үҥкүүтүн флеш-мобун бэрт интэриэһинэйдик, сэргэхтик тэрийэн ыытта. Оҕолуун улаханныын ис сүрэхтэн иэйэн туран Оһуор үҥкүүтүн хамсаныыларын астына үҥкүүлээтилэр, эти-сиини чэбдигирдэн, эрчимнээх ырыаҕа уйдаран сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Күндү дьоммутун-сэргэбитин Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ кэлэн өрүү көхтөөхтүк кыттаргытыгар, үөрэн-көтөн, сэгэйэн бараргытыгар ыҥырабыт.