“Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүүгэ бүгүн ураты күн

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүү көрүстэ. Көрсүһүүгэй айар куттаахтар уонна Үөдүгэйбит Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ Игорь Егорович Сортолов кыттыыны ыллылар. Ааспыт сыл ситиһиилэрин, үлэтин-хамнаһын ырыттылар. Ылан көрдөххө, элбэх, дьоһуннаах үлэ барбыт эбит.

Ахтан аастахха ааспыт сыл тохсунньутугар Надежда Куттаах “Умсулҕан” диэн кэпсээнин кинигэтэ тахсан дьон-сэргэ улахан биһирэбилин ылбыта.

Антонина Хобусарова Сергей Зверев- Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сааһын туолар үбүлүөйүгэр анаан суруйбут хоһооно өрөгөй ырыата буолан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ылламмыта.

Олунньуга Антонина Хобусарова “Санаам-ытыллар холорук” диэн хоһоонун кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Кинигэ сүрэхтэниитэ бэйэбит бибилэтиэкэбитигэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта.

Муус устарга Наталия Дордо “Мастар туран эрэн өлөллөр”, “Сымнаҕас хаардаах сырдаах үрдэлим” диэн кэпсээн уонна хоһоон кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсан Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр сүрэхтэммиттэрэ.

Ыам ыйыгар, Улуу Кыайыы 80 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө “Тыыннаахтар умнубат сыллара” диэн кэпсээн хомуурунньуга тахсыбыта.Бу кинигэттэн Антонина Хобусарова “Харах уулаах Кыайыы” диэн испэктээх сценарийын суруйан Үөдүгэйдээҕи тыйаатыр артыыстара үрдүк сыанаҕа туруорбуттара.

Улуу Кыайыыга аналлаах “Кыым” уонна “Күрүлгэн” сурунаал Саха сиригэр ыыппыт күрэҕигэр Куттаах “Күүстээх Кирилэ” диэн биир дойдулаахпыт туһунан кэпсээнэ биһирэбили ылбыта . Ону таһынан кини үс Кыайыыга аналлаах биир дойдулаахтарбыт туһунан кэпсээннэрэ “Кыым” хаһыакка уонна “Күрүлгэн” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ.

“Тыыннаахтар умнубат сыллара” кинигэттэн кэпсээннэри аудиозаписьтаан куйаар ситиминэн тарҕаппыттара.

Бэс ыйыгар “Үөдүгэй үс кута” диэн бырайыагынан өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа кыттан, “Бастыҥ социальнай бырайыак” номинация кыайыылаахтарынан буолбуттара. Сэтинньигэ “Өксөкүлээх. Киһи анала” диэн эрэгийиэннээ5и научнай-практическай конференцияҕа кыттан, бастыҥ бырайыак быһыытынан сыаналанан, бу үлэ уопутун өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатарга диэн резолюцияҕа киллэрбиттэрэ.

Ахсынньыга поэт, суруналыыс В.В. Васильев – Муттуххай Бороҥҥо аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Барыта Муттуххай Бороҥ 8 хоһооно ырыа буолан түөлбэбитигэр дьүрүһүйэ көттө. Уонна Саха сирин 10 улууһугар Муттуххай Бороҥ “Ким билиэй?” диэн хоһооно нууччалыы саҥарда. 4 кэпсээнин дьоруойдарын монолога көрөөччүлэргэ тыыннаахтыы ааҕылыннылар.

Наталия Дородо “Кылбаарар кынаппар олорсон” диэн саҥа хоһоонун, Куттаах “Сүүрбэ сүүтүк” диэн кэпсээнин кинигэлэрэ күн сирин көрдүлэр.

Бүгүн тэрээһин иккис чааһынан саҥа тахсыбыт Куттаах “Сүүрбэ сүүтүк” кинигэтин тула бэртээхэй кэпсэтии таҕыста. Суруйар дьоҕурдаахтар кинигэ ис тутулун туһунан ырытыылары оҥордулар.

Саҥа сылга саҥа былааннар саҕахтарын арыйдылар.