Улуу нуучча суруйааччыта, ХIХ-с үйэ биир чулуу сатирига, суруналыыс, судаарыстыбаннай диэйэтэл Михаил Евграфович Салтыков-Щедрин төрөөбүтэ 200 сылынан уонна «Ааҕар Үөдүгэй”, “Ийэлэр ааҕаллар” диэн бырайыактар чэрчилэринэн, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр «М.Е. Салтыков-Щедрин муударай остуоруйалара» диэн литературнай чаас ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин эдэр ийэлэрэ, эбээлэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Михаил Салтыков олоҕун, норуокка хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтин туһунан билистилэр. Нуучча литературатын историятыгар кини аата сулустуу сандаарар, үрдүктэн үрдүктүк ааттанар, кэлиҥҥи кэрдиис кэм суруйааччылар айар үлэлэригэр биллэр-көстөр дьайыыны, сайдыыны оҥорбут суруйааччы буолар.
Тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй биир айар куттаах Далбар Хотуна, өр сыллларга Үөһээ Бүлүүтээҕи начаалынай уонна 2 нүөмэрдээх М.Т. Егоров аатынан орто оскуолаҕа педагог-бибилэтиэкэринэн үлэлээбит Наталия Дордо улуу суруйааччы айымньыларын туһунан сэһэргээтэ. Билиҥҥи олоҕу кытары тэҥнии тутан ырытта.

Бу күн ийэлэр, эбээлэр Михаил Салтыков-Щедрины муударай остуоруйалардаах суруйааччы быһыытынан биллилэр. Барыта 35 суруйан хаалларбыт остуоруйаларыттан көрдүлэр-иһиттилэр. Кини остуоруйалара оҕону олоххо иитэр, үөрэтэр сүдү күүстээхтэрин туһунан санааларын үллэһиннилэр. Үйэлэри уҥуордаан кэлбит остуоруйалар бэйэлэрин суолталарын сүтэрбэтэхтэр. Олох сытыы, сиэр-майгы боппуруостарыгар иитэр муударай остуоруйалары ийэлэр, эбээлэр олус сэҥээрдилэр. Кинилэр оҕолорунаан бу остуоруйалары ааҕаннар, улуу нуучча суруйааччыта олоҕу таптыырга, олох араас өрүттэрин кыра эрдэхтэриттэн араара үөрэнэргэ анаан суруйбут остуоруйаларынан олох устун оҕолоро эрэллээхтик хаамалларыгар сирдиэхтэрэ.