Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгиттэн, Дабыыт аҕа ууһуттан төрүттээх, педагогика билимин хандьыдаата, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, бибилэтиэкэбит үтүөкэн сүбэһитэ Мария Даниловна Михайлова бэйэтэ муспут Арассыыйа уонна Саха сирин устуоруйатын кэрдиис кэмнэрин, чулуу дьонун, бэлиэ түгэннэрин туһунан муспут матырыйаалларын Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр бэлэх уунна.
Бу матырыйааллары кыраайы үөрэтии саалатыгар ааҕааччылар көрүөхтэрин, туһаныахтарын сөп. Ону таһынан бэлиэ түгэннэринэн нэһилиэнньэҕэ быыстапкаларга туруохтара. Бибилэтиэкэбит саайтыгар тоҕоостоох кэмнэргэ сырдатыллан куйаар ситиминэн тарҕаныахтара.