Бибилэтиэкэ архыыбыгар сыаналаах бэлэх

Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгиттэн, Дабыыт аҕа ууһуттан төрүттээх, педагогика билимин хандьыдаата, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, бибилэтиэкэбит үтүөкэн сүбэһитэ Мария Даниловна Михайлова бэйэтэ муспут Арассыыйа уонна Саха сирин устуоруйатын кэрдиис кэмнэрин, чулуу дьонун, бэлиэ түгэннэрин туһунан муспут матырыйаалларын Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр бэлэх уунна. Бу матырыйааллары кыраайы үөрэтии саалатыгар ааҕааччылар көрүөхтэрин, туһаныахтарын сөп. Ону […]
Оһуор үҥкүүтэ бибилэтиэкэни сэргэхситтэ

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн, Оһуор үҥкүүтэ флеш-моб буолла. Талааннаах үҥкүүһүт, эдэр ийэ, “Чэмэлиинэ”, “Ай- Куо”, “Иэйии” түмсүүлэр салайааччылара Алина Макарьевна Васильева Оһуор үҥкүүтүн флеш-мобун бэрт интэриэһинэйдик, сэргэхтик тэрийэн ыытта. Оҕолуун улаханныын ис сүрэхтэн иэйэн туран Оһуор үҥкүүтүн хамсаныыларын астына үҥкүүлээтилэр, эти-сиини чэбдигирдэн, эрчимнээх ырыаҕа уйдаран сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Күндү […]
Ийэлэр, эбээлэр Михаил Салтыков- Щедрин остуоруйаларын ааҕаллар

Улуу нуучча суруйааччыта, ХIХ-с үйэ биир чулуу сатирига, суруналыыс, судаарыстыбаннай диэйэтэл Михаил Евграфович Салтыков-Щедрин төрөөбүтэ 200 сылынан уонна «Ааҕар Үөдүгэй”, “Ийэлэр ааҕаллар” диэн бырайыактар чэрчилэринэн, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр «М.Е. Салтыков-Щедрин муударай остуоруйалара» диэн литературнай чаас ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин эдэр ийэлэрэ, эбээлэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Михаил Салтыков олоҕун, норуокка хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтин […]
Олох туһугар охсуһуу

Баһылай 78 хаарын уулларда. Бэйэтин сааһырдым диир сааһыгар кэллэҕэ. Кэргэнэ Настаа күн сириттэн күрэммитэ 3 сыл буолла. Настаа барахсан кэрэ да киһи этэ. Аан бастаан көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин таптаһыахтарыттан 53 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорон, 5 оҕону төрөтөн, сиэн оҕолордонон үчүгэйдик да олорбуттара. Билигин да Баһылай санаатыгар Настаата киирэн кэлиэх, нарын баҕайытык “Баһылаай” диэн ыҥырыах курдук. Ол […]
Ыалдьыт

Бу киэһэ Валентина Петровна үлэтиттэн эрдэ көҥүллэттэ. Куруук буоларыныы, оскуолаҕа таарыйан оҕотун ылан кэллэ. Кыракый дьиэлэрэ кыһыҥҥы киэһэ кинилэри кэтэспиттии, тула өттүн кэтэммиттии саһан чөкөллөн турара көстө түстэ. Бу даҕаны дьиҥэ ыал эргэ дьиэтэ. Ону икки сайыны мэлдьи оҥостон киирбиттэрэ. Туспа олорон абыраннылар. Тула бары олохтоох ыал. Биир өттүгэр Валентина аҕатын кырдьаҕас дьиэтигэр эдьиийэ […]
“Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүүгэ бүгүн ураты күн

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүү көрүстэ. Көрсүһүүгэй айар куттаахтар уонна Үөдүгэйбит Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ Игорь Егорович Сортолов кыттыыны ыллылар. Ааспыт сыл ситиһиилэрин, үлэтин-хамнаһын ырыттылар. Ылан көрдөххө, элбэх, дьоһуннаах үлэ барбыт эбит. Ахтан аастахха ааспыт сыл тохсунньутугар Надежда Куттаах “Умсулҕан” диэн кэпсээнин кинигэтэ тахсан дьон-сэргэ улахан биһирэбилин […]
Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр -дуобакка оонньуулар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- Доруобуйа күнүн” чэрчитинэн, дуобакка оонньуулар буоллулар. Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри саастаах дьоммут тохсунньу тоһуттар тымныытын биир үтүө күнүн бибилэтиэкэҕэ атаардылар. Дуобат – толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕуру, мэйии үлэтин сайыннарар. Дуобакка улахан уопуттаах дьону кытта оонньоон оҕолор, эдэр дьон оонньууллара биллэ тупсубута бэлиэтэннэ. Бу күһүҥҥүттэн Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр дуобакка, саахымакка хаһыс […]
“Сыл Бастыҥ ааҕааччыта ким буолла?”

Үөдүгэй нэһилиэгэр ааспыт 2025 сыл түмүгүнэн саамай элбэх кинигэни аахпыт “Сыл Бастыҥ ааҕааччытынан” Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин биир саамай эрэллээх ааҕааччыта, сүбэһитэ Николай Николаев буолла.Кинигэни ааҕыыны көҕүлүүр, өрө тутар Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Баһылык Альберт Юрьевич Иванов 15000 солкуобайдаах сэртэпикээтинэн наҕараадалаата. “Кинигэ – билии төрдө, кинигэ – үтүө доҕор, сүбэһит”.Барыгытын Р. П. Матвеева аатынан […]
“Сыллары тутаммын кэс тылы арыйар эбиппин”

Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, ити тыллары суруйбут олохтоох поэт, суруйааччы саҥа кинигэтин Үөдүгэй библиотекатыттан уларсан ааҕыҥ диэн ыҥырабын. Кинигэ аатыныы “Кылбаарар кынаппар олорсон ” Наталия Петровна Дордо хоһооннорунан сирдэтэн, тапталлаах дойдубут Үөдүгэйбит кэрэ айылҕатын көрүҥ. Саҥа кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Оҕо буоллун, улахан дьон буоллун тулалыыр эйгэбитин эргиччи көрөн кыһыннары- сайыннары, күһүннэри […]
Үөдүгэйбит дьонун туһунан – «Күрүлгэҥҥэ»!

Дьокуускайга ыытыллыбыт «Дойдубут туһугар!» «Ситим-Медиа» тэрилтэ уонна «Кыым» бар дьон хаһыатын итиэннэ «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал эрэдээксийэлэрэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин өйөбүлүнэн ыыппыт күрэхтэригэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылаҕа, айар-суруйар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар ИДьМ бэтэрээнэ Надежда Кардашевская-Куттаах «Күүстээх Кирилэ» кэпсээнинэнБиһирэбил бириискэ тиксибитэ. Күрэх Улуу Кыайыы 80 уонна Арассыыйаҕа биллэриллибит Аҕа дойдуну, Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ дойдуну […]