“Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” кинигэлэр саҥалыы тыыннанан тахсыахтара
Биир сааскы, кулун тутар ылааҥы күнүгэр, Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр Наталия Кашлакова – Дордо киирэн кэллэ. Үгэс курдук күннээҕи сонуннары, саҥа хоһооннорун эҥин туһунан сэһэргии олорон хараҕа кэннибэр долбуурга ууруллан турар ” Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” диэн Уйбаан Самаайап кинигэтигэр хатанна.Үөдүгэй олохтоох ааптардарын уонна төрдүнү- ууһу, устуоруйабытын кэпсиир кинигэлэри сыа-сым курдук тутан, харах харатын курдук харыстаан кэннибэр […]
Куораттан кэһии кэллэ
Бу күннэргэ Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кинигэ кэһии кэллэ.Үөдүгэйтэн төрүттээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анисим Анисимович Прокопьев аҕатын, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, снайпер, норуот маастара, худуоһунньук, удьуор тимир, көмүс ууһа, муосчут, скульптор, краевед, этнограф Анисим Григорьевич Прокопьев олоҕун, үлэтин киэҥник сырдатар ” Кырдьарга бокуой суох”, “Көмүс сирэйдээх сахалыы ыҥыырдар” диэн кинигэлэрин, ону таһынан […]
Этэр тыл ириэрэр суостаах
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Үөдүгэйтэн үүнэн тахсыбыт бэйээт, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Наталия Петровна Кашлакова- Дордо икки саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Бу үөрүүлээх түгэнинэн Наталия Дордону Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччыта Любовь Васильевна Дмитриева, үлэлээбит М.Т.Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх орто оскуола кэлэктиибин аатыттан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ольга […]
Оҕо буолан ыллыбыт
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Оҕо сааһым сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулара” диэн хамсаныылаах оонньуулар буоллулар. Тэрээһини инструктор Ульяна Капитоновна Иванова ыытта. Аан маҥнай эти-сиини уһугуннарар сэрээккэ буолла. Онтон оҕо сааспыт умнуллубат, көрдөөх оонньууларын: былаатынан сайсыы, имнэнсиһии, хардаҕас суулларыыта, резинканы ойуу, скакалка курдук оонньуулары умсугуйа оонньоотубут. Хас биирдиибитигэр оҕо сааспыт дьоллоох кэмнэрэ көстөн аастылар. Сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн […]
Оҕуруотчут Сибиэтэ
Доруобай аһынан оскуолаҕа аһатыы билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла диэтэхпинэ сөпсөһөр инигит. Спортивнай хайысхалаах оскуолаҕа бастаан үлэлии киирбиппэр анаан – минээн оҕуруоту үүннэрэр, төгүрүк сыл устата түбүгүрэр үлэһит баарын да билбэт этим. Агро хайысхалаах оскуола буолбатах эрээри, манна оҕуруоту олордон, оҕолору сибиэһэй аһынан аһатыыга, ону таһынан, тэлгэһэҕэ араас клумбаларга сибэкки олордон сайын устата көрөн […]
Кыһыл Сулус уордьан кавалера – Гаврил Адамов
БиҺиги аҕабыт Адамов Гаврил Данилович 1922 с. 2-с Үөдүгэй нэһилиэгин Куду учаастагар төрөөбүтэ. Төрөппүт аҕата Арсакыап Тайыла диэн, ийэтэ Хохтука кыыһа Өкүлүүнэ. Бииргэ төрөөбүт убайа Аржаков Григорий Данилович Миниистирдэр Сэбиэттэрин дьыалаларын управляющайынан үлэлээн олорон пенсияҕа тахсыбыта. Аҕабыт 1942 сылга армияҕа ыҥырыллан 1946 сылга дылы сулууспалаабыта. Арҕаа 2 Украинскай фроҥҥа сэриилэспит, хаҥас хараҕа суох төннөн кэлбит […]
Үс омук тылын өрө тутан
Бүгүн Д.С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназияҕа ХI-с төгүлүн үгэскэ кубулуйбут үс тылынан ыытыллар аһаҕас олимпиада буола турар. Быйылгы олимпиада Үөдүгэй нэһилиэгиттэн төрүттээх үс тылынан олимпиаданы төрүттээбит омук тылын учуутала, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, «Саха Азия оҕолоро” пуонда стипендиата Мария Ивановна Шамаева төрөөбүтэ 75 сылыгар ананна. Мария Ивановна Шамаева бэс ыйын 23 күнүгэр 1950 сыллаахха Үөһээ […]
Үүнээйини таптааччылар түһүлгэлэрэ төрүттэннэ
Муус устар 8 күнүгэр Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр үүнээйини көрүүгэ- истиигэ аналлаах олус туһалаах, интэриэһинэй маастар- кылаас буолла.Оҕуруот аһын, сибэкки арааһын таптаан үүннэрээччилэргэ анаан нэһилиэкпит, улууспут бастыҥ оҕуруотчуттара кэлэн бэйэлэрин уопуттарын кэпсээтилэр.Альбина Романовна Кривошапкина “Прививка арбуза на тыкву” диэн тиэмэҕэ бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Аан бастакыттан тугу хайдах гыныахтаахпытын, туох наада буоларын саас сааһынан […]
«Кыһыл Сулус» уордьан Кавалера- Николай Николаев
Оройуоҥҥа Кыһыл Сулус уордьаннаах, элбэх бойобуой мэтээллэрдээх кэлбит дьоннортон бастакылара Николаев Николай Васильевич – Тоһуойах буолар. Кини 1917 сыллаахха Куду учаастагар Сиэр Ат диэн кыра алааска олорор Маччас Баһылай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1941 с. бастакы ыҥырыкка барбыта уонна 1943 с. сэрииттэн аҥар атаҕа суох инбэлиит буолан кэлбитэ. Кэлээт Давыдов учаастагар Балаҕаннаах ферматыгар ынах хомуйааччынан […]
Кинигэни ааҕыаҥ- сайдыылаах буолуоҥ
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Оҕо кинигэтигэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн “Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаа, сайдыылаах буол- кинигэни аах” диэн оҕолорго аналлаах тэрээһин буолан ааста.Бу тэрээһиҥҥэ оҕолор остуоруйаны билиигэ күрэстэһэр викторинаҕа кытыннылар, “Мэник Сэлиичээн” диэн остуоруйаны мүнүүтэҕэ аахтылар. Саха биир чулуу суруйааччыта Семен Данилов ” Күөрэгэй” хоһоонун дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик аахтылар. Оҕолорго анаан бу тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин “Чэгиэн” түмсүүтүн […]