«Кыһыл Сулус» уордьан Кавалера- Николай Николаев

Оройуоҥҥа Кыһыл Сулус уордьаннаах, элбэх бойобуой мэтээллэрдээх кэлбит дьоннортон бастакылара Николаев Николай Васильевич – Тоһуойах буолар. Кини 1917 сыллаахха Куду учаастагар Сиэр Ат диэн кыра алааска олорор Маччас Баһылай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

            1941 с. бастакы ыҥырыкка барбыта уонна 1943 с. сэрииттэн аҥар атаҕа суох инбэлиит буолан кэлбитэ. Кэлээт Давыдов учаастагар Балаҕаннаах ферматыгар ынах хомуйааччынан үлэлээбитэ. Оччотооҕуга ким да олорбот этэ. Онтон райсовекка эмиэ үлэлээн сылдьыбыта. Мария диэн кэргэнинээн соҕотох кыыстара хороччу улаатан иһэн өлбүтүн кэннэ арахсыбыттара. Ол кэннэ Өргүөккэ аймахтарыгар баран олорон 1972 с. өлбүтэ.

            Давыдовтан 51 киһи сэриигэ барбыттарыттан 21 киһи одоҥ-додоҥ буолан төннүбүттэрэ. 30 киһи кыргыһыы хонуутугар хаалбыттара.

“Үөдүгэй нэһилиэгэ» кинигэттэн

 Екатерина Васильевна Адамова ахтыыта, 2009с.