Куттаах кинигэтэ таҕыста!

Бүгүн Үөдүгэйгэ биир сэргэх сонун кэллэ.”Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин нэһилиэстибэтигэр өссө биир кинигэ эбилиннэ.Айылҕаттан айар- суруйар дьоҕурдаах Үөдүгэйбит кыыһа Надежда Кардашевская- Куттаах “Умсулҕан” диэн оҕо саас умсугутуулаах кэмнэрин, эдэр саас үлэҕэ буһуутун- хатыытын, орто саас тургутуулаах сылларын, кырдьар саас кэккэ кэрэтин ойуулаабыт тэттик кэпсээннэрэ киирбит кинигэтэ күн сирин көрдө.Кинигэ  кытаанах тастаах, хаачыстыбалаах, тупсаҕай дизайннаах, 150 экземплярынан “Дани […]

Баар эбит…

   – Таптал туһунан былыр-былыргыттан араас улуу суруйааччылар сурулаччы суруйан, аатырбыт, ама да ырыаһыттар ымыы гынан ыллаан кэллэхтэрэ ээ. Көннөрү дьон ыллаан –туойан, хоһуйан да барбаталлар ити ылланар, кэпсэнэр таптал таарымтатыттан дьоллонон дуу, сордонон дуу, үөһэ–аллара түстэхтэрэ аҕай буолуо ээ. Ол үрдүнэн син –биир кини өйдөммөт. Туох күүс дьөлө имнэнэн, көҥүл киһи барахсан биир чыпчылҕан […]

Солуурчах кылдьыыта

      Оо, күһүн обургу күлүбүрэтэн-илибирэтэн, тыалыран-кууһуран, ардаан, эмиэ да  күн уотунан чаҕылыннаран, буола-хаала турдаҕаа… Атаҕым анныгар хайы-үйэ хатан эрэр сэбирдэх сардьыгыныыра, онон-манан сиик өтөн тахсан чаалыйбыт буор бычыахтаан чаллырҕыыра эрэ иһиллэр. Ойуур иһэ тугу эрэ кэтэспиттии иһийэн, “мин эрэ баарбын дуу” диэх курдук санаа кииртэлиир. Тиийиэхтээх сирим билигин да тэйиччи. Хаамар тэтиммин эппэккэ, киэһэ хонукпар […]

Дьоллоох буолуу күлүүһүн туттулар

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн иһэр Кэрэ аҥардар күннэринэн «Дьахтар дьолун кистэлэҥнэрин арыйыы” диэн психологическай тренинг ыытылынна.  “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ Алла Догорова, Анна Донская олус интэриэһинэй тренины ыыттылар. Кэлбит Кэрэ Аҥардар бэйэлэрин ис туруктарын биллилэр, кыахтарын арыйдылар. Кэрэ буоларга, бэйэни таптыырга, олоххо дьоллоох буоларга кистэлэҥ күлүүһү буллулар. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ ыытар тэрээһиннэригэр кэлэн сайда, тылла […]

Үөдүгэйтэн тахсыбыт Кыайыыны кынаттыыр хоһооннор

“Ситим” медиа бөлөх, “Кыым” бар дьон хаһыатын уонна “Күрүлгэн” уус-уран сурунаал эрэдээксийэлэрэ СӨ национальнай бибилэтиэкэтин өйөбүлүнэн анал байыаннай дьайыы чахчытын уус-уран тыл күүһүнэн арыйан, буойуннар хорсун быһыыларын уонна бар дьон дойду кыайарын, барҕарарын туһугар дьулуурун көрдөрөр “Дойдубут туһугар” диэн ааттаах хоһоон күрэҕэр Саха сирин үрдүнэн барыта 81 киһи кытынна. Күрэх түмүгүнэн, Үөдүгэй нэһилиэгиттэн “Үөдүгэй бөрүөтэ” […]

Үчүгэй да кинигэлэр кэлбиттэр

Саҥа сылга Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр сахалыы, саҥа кинигэлэр кэлэн ааҕааччылар үөрүүлэрин үксэппитэ. Биир бастакынан бу кинигэлэри уларсыбыт бастыҥ ааҕааччыбыт Владимир Федоров үс кинигэни уларсан аахта. Ол туһунан кини бүгүн санаатын үллэһиннэ: – Сахабыт билиҥҥи кэмин суруйааччылара бу курдук саҥаттан саҥа кинигэни  ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаараллара кэрэхсэбиллээх, махталлаах. Бу уларсан аахпыт кинигэлэрбин олус сэргээтим. Афанасий Гуринов-Арчылан “Ийэлэриэм, […]

Кинигэ доҕордоох ыал таптала

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин бастыҥ ааҕааччылара, 2024 сылга Үөдүгэй нэһилиэгэр “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн” диэн анал ааты, бириэмийэни ылбыт Татьяна, Петр Николаевтар дьиэ кэргэттэрин туһунан бүгүн, олунньу 14 күнүгэр, Тапталлаахтар күннэригэр сырдатан ааһыахпыт.             Татьяна 1977 сыллаахха «Оскуола-үлэ-үрдүк үөрэх” диэн оччотооҕу кэм ыччаты ыҥырар суолунан Чочу Күөлүгэр атын үөлээннээхтэрин курдук ыанньыксыттыы тахсыбыта. Дьэ, үүтү […]

Умсулҕан

        Оҕо эрдэхпинэ киинэттэн ордук умсулҕаннаах аан дойдуга суоҕун курдук саныырым. Аан бастаан көрбүт киинэбэр, остуолга турар чэрэниилэ иһитэ ыллаан, үҥкүүлээн тэйэн, төбөтүн арыммытыгар, чэрэниилэ иһитэ тыыннаах эбит дуу, диэммин олус дьиктиргээбитим. Кэлин арыый өйүм оҕото хойдо быһыытыйан, кулууп кэннин одуулаһарым. Ити киинэ куораттара, дьиэлэрэ, дьоно кулууп дьиэтин кэннигэр хайдах баталларын толкуйдуу сатыырым. Киинэ бүттэҕинэ […]