Үүнээйини таптааччылар түһүлгэлэрэ төрүттэннэ

Муус устар 8 күнүгэр Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр үүнээйини көрүүгэ- истиигэ аналлаах олус туһалаах, интэриэһинэй маастар- кылаас буолла.
Оҕуруот аһын, сибэкки арааһын таптаан үүннэрээччилэргэ анаан нэһилиэкпит, улууспут бастыҥ оҕуруотчуттара кэлэн бэйэлэрин уопуттарын кэпсээтилэр.
Альбина Романовна Кривошапкина “Прививка арбуза на тыкву” диэн тиэмэҕэ бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Аан бастакыттан тугу хайдах гыныахтаахпытын, туох наада буоларын саас сааһынан сааһылаан олус үчүгэйдик арыйан кэпсээтэ. Кэлбит дьон олус интэриэһиргээн бэлиэтэннилэр. Ону тэҥэ плектрантус икки көрүҥүн, джинура, традесканция үс көрүҥүн, циссус диэн дьиэ сибэккилэрин отростоктарын атыылаан, оҕуруотчут, мааны хаһаайкалар сибэккилэрин көрүҥүн өссө элбэттилэр.


Зоя Васильевна Романова “Георгин сибэккини көрүү- истии” диэн уонтан тахса сыл аан дойду биир саамай кыраһыабай, улахан сибэккитин хайдах бүөбэйдээн үүннэрэрин, кыһыннары- сайыннары көрүү – истии кистэлэҥнэрин сэһэргээтэ.Сибэккилэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппитин, кэрэлэрин, араастарын сөхтүбүт.


Светлана Валерьевна Обоева  “Садовай моонньоҕону элбэтии. Сиэмэнэн уонна череноктаан олордуу” диэн биир олус интэриэһинэй тиэмэни кэпсээтэ. «Саха сирин биир чулуу учуонайа Иннокентий Федоров сүбэлэрин-амаларын элбэхтик туһанабын. Бу череноктаан олордууну эмиэ «Тиэргэн” биэриигэ Иннокентий Федоров кэпсиирин түбэһэ көрөммүн 2022 сылтан моонньоҕоммун череногунан силис таттаран олордобун. Бэс ыйын 10-тан 20 күнүгэр диэри череногунан силис таттарар эбиппит.Бу кэмҥэ саҥа үнүгэс силис тардарга сэниэтин ылар кэмэ эбит. Мантан салгыы уһатан кэбистэхпитинэ, кыаҕа эстэн, мастыйарга барар эбит. Онон силис тардыбат эбит. Онон бу кэмин таба тутуохха наада эбит. Мин холобура аан бастакыбын бэс ыйын 11 күнүгэр олордубутум. Атырдьах ыйын 11 күнүгэр хостоон көрбүтүм силиһэ сиппит, торолуйбут этэ.  ”,- диэтэ.

Аан бастаан соҕуруу дойдуттан кэлбит сад моонньоҕонун Үөдүгэй нэһилиэгин бастыҥ оҕуруотчута Тамара Васильевна Чоросоваттан рассадаламмыт моонньоҕон ылан үүннэрбитин, билигин элбэх араас сад моонньоҕонун үүннэрэрин сэһэргээтэ. Онтон биирдэрэ саха селекционердара таһаарбыт “Хара кыталык” суортара буолар. Моонньоҕону олортоххо аһын түөрт сылынан биэрэр эбит,- диэтэ.

Бу курдук улууспут оҕуруотунан дьарыктанар Далбар Хотуттара кэлэннэр уопуттарын атастаһан, саҥаны билэн, үөрэнэн, махтанан тарҕастылар.