Кинигэни ааҕыаҥ- сайдыылаах буолуоҥ

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Оҕо кинигэтигэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн “Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаа, сайдыылаах буол- кинигэни аах” диэн оҕолорго аналлаах тэрээһин буолан ааста.
Бу тэрээһиҥҥэ оҕолор остуоруйаны билиигэ күрэстэһэр викторинаҕа кытыннылар, “Мэник Сэлиичээн” диэн остуоруйаны мүнүүтэҕэ аахтылар.


Саха биир чулуу суруйааччыта Семен Данилов ” Күөрэгэй” хоһоонун дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик аахтылар.


Оҕолорго анаан бу тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин “Чэгиэн” түмсүүтүн салайааччыта, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола түмэлин үлэһитэ Наталья Николаевна Иванова кэлэн тыыныыга уонна эти- хааны чэбдигирдиигэ аналлаах дьарыгы ырыаҕа доҕуһуоллатан ыытта.

Викторина күрэһин түмүгүнэн 1- кы миэстэни Юлиана Былкова, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 4 “б” кылааһын үөрэнээччитэ, 2-с миэстэни Ньургустаана Колосова, И. Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччитэ, 3-с миэстэни София Саргыдаева, улуустааҕы гимназия 2-с “в” кылааһын үөрэнээччитэ ыллылар.
Мүнүүтэҕэ ааҕыыга 1-кы миэстэни Күннэй Филиппова, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 4 “б” кылааһын, 2-с миэстэни Дима Фомин, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 4″ а” кылааһын үөрэнээччитэ, 3-с миэстэ Сайыына Саввинова, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччитэ буоллулар.


Кыра бөлөхтөргө 1-кы миэстэ София Саргыдаева, улуустааҕы гимназия 2-с “в” кылааһын үөрэнээччитэ, 2-с миэстэ Надя Фомина, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 2-с кылааһын үөрэнээччитэ, 3- с миэстэ Дайаана Долгунова, И. Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ.
Хоһоону дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик ааҕыыга 1-кы миэстэ София Саргыдаева, 2-с миэстэ Дима Фомин, 3-с миэстэ Дайаана Долгунова буоллулар.


Оҕолор бары грамотанан, минньигэс бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бибилэтиэкэҕэ оҕоҕо аналлаах саалаҕа кинигэлэри көрдүлэр, сөбүлээбит кинигэлэрин, сурунаалларын уларыстылар. Өссө да буолар тэрээһиннэргэ үөрүүнэн кэлиэхпит диэн санааларын үллэһиннилэр.