Доруобай аһынан оскуолаҕа аһатыы билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла диэтэхпинэ сөпсөһөр инигит. Спортивнай хайысхалаах оскуолаҕа бастаан үлэлии киирбиппэр анаан – минээн оҕуруоту үүннэрэр, төгүрүк сыл устата түбүгүрэр үлэһит баарын да билбэт этим. Агро хайысхалаах оскуола буолбатах эрээри, манна оҕуруоту олордон, оҕолору сибиэһэй аһынан аһатыыга, ону таһынан, тэлгэһэҕэ араас клумбаларга сибэкки олордон сайын устата көрөн – харайан, күһүн балаҕан ыйыгар оҕолору дьэрэкээн сибэккилээх тэлгэһэҕэ көрсөр ураты үгэстээх эбиттэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ мин суруйар дьоруойум – оскуолабыт оҕуруотун хаһаайката Светлана Валерьевна Обоева буолар.
– Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин баһаалыста билиһиннэриэҥ дуо?
– Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтооҕо, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, «Албан аат» III степеннээх орденнаах, «Хорсунун иһин», «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр хаһаайыннара Дмитриев Алексей Дмитриевич (Отуор Өлөксөй) уонна Гаврильева Мария Ивановна – үлэ, тыыл бэтэрээнэ, түөрт оҕотуттан улахан кыыстарын Роменская Марфа Алексеевна – Балаҕаннаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ уонна Роменскай Валерий Федотович иккис кыыстара Обоева (Роменская) Светлана Валерьевна буолабын.
– Идэҕинэн учуутал уонна иитээччи эбиккин дии?
– Оскуоланы бүтэрэн баран, бастаан 2006 сыллаахха СГУ-га үөрэнэн саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбытым.
Бу идэбинэн төрөөбүт – үөскээбит Балаҕаннаахпар саха тылын учууталынан, уонна библиотекарынан үлэлээбитим. Онтон ыал буолан, Үөһээ Бүлүүгэ көһөн киирэн, оҕолонон олорбутум. Ол кэннэ 7-с нүөмэрдээх “Остуоруйа” оҕо сайдар киинигэр иитээччинэн үлэлии сылдьан, 2017 сыллаахха аны иитээччи – методист идэтигэр кэтэхтэн үөрэммитим.
– Хаһааҥҥыттан бу оскуолаҕа оҕуруот үлэтин туппуккунуй?
Кыра кыыспын оҕолонон олордохпуна, балтым Васильева Мария Куо- Имана Виссарионовна оҕуруот үлэтигэр көмөҕө ыҥыран, онно үлэтин сөбүлээн 2020 – 2021 үөрэх дьылыттан Ю.Н.Прокопьев аатынан спортивнай оскуолаҕа директор Аскалон Данилович үлэҕэ ылан, бэйэм сөбүлүүр дьарыкпын идэ оҥостон оҕуруотчут быһыытынан үлэлиибин.

– Оҕуруотчут быһыытынан үлэҕин кылгастык сырдатыаҥ дуо?
– Сааскыттан саҕалаан күһүҥҥэ диэри үлэлээн бараммын, кыһыҥҥы кэмҥэ уоппускаҕа олоробун. Оскуола кэтэҕэр биир ичигэс уонна икки сайыҥҥы теплицалаахпыт. Онно тохсунньу ый ортотуттан теплица буорун ыраастаан, эмтээн баран сибэккилэри рассадаҕа ыһабын. Былырыыҥҥы диэри тохсунньуттан саҕалаан дьэдьэн үүннэрэр этим, быйыл ону тохтоттум. Бастакынан оҕуруот аһыттан түргэнник ситэр оҕурсууну олордобут. Сааскы каникул кэннэ оскуола оҕолоро үлэ уроуктарын кэмигэр уочаратынан тахсаннар пикировкаҕа көмөлөһөллөр, кыып –кыра сиэмэлэртэн кэрэчээн сибэккилэр тыллан тахсалларын кэтээн көрөн үөрэллэр. Оҕурсуулар хайдах үүнэн, сэбирдэхтэнэн, сибэккилээн, онтон астанан силигилээн тахсалларын илэ – харахтарынан көрөн астыналлар, хаһан сииллэрин долгуйа күүтэллэр.

– Билигин балачча уопутуран уонна учуутал үөрэхтээҕиҥ быһыытынан оҕолорго чугаһаан аны куруһуок салайан эрэҕин дии?
– Быйыл сайын “Үүнээйис” оскуола лааҕырын оҕолоро сибэкки сыыс отун ыраастааһыныгар көмөлөспүттэрэ. Онтон мин үүнээйилэр араастарын туһунан оҕуруокка экскурсиялатан, сибэккилэргэ уу кутуутугар көмөлөһүннэрэн кылгас да кэмҥэ бэркэ бодоруспуппут. Салгыы, аны үөрэх саҕаламмытыгар, Наталья Николаевна иитии үлэтигэр оҥорбут “Эркээйи эргиирэ” бырайыагар олоҕуран кыыс оҕону үүнээйигэ сыһыарар туһуттан оскуола иһинээҕи сибэккилэри көрүү – харайыы туһунан бастаан кылаастарынан сылдьан бэсиэдэ ааҕан бараммын, “Үүнээйис“ куруһуокка баҕалаах оҕолору ыламмын сибэккилэргэ уу кутуутугар уонна хаппыт сэбирдэхтэрин тууран ыларга, быыллыйбыт сэбирдэхтэрин соторго үөрэтэн, хата кыргыттарым үөрүйэх баҕайытык сибэккилэрин бэркэ кыһын устата көрө – истэ, уу кута сылдьыбыттарыттан олус диэн үөрдүм, махтанным. Бу кыргыттарым сааскы ыһыыбар бастакынан тахсан көмөлөстүлэр. Олунньуттан саҕалаан оҕурсу, помидор, перец, петрушка, укроп, редиска, сибэкки эгэлгэтин ыһан, олордон, көһөрөн инники олохторугар наадалаах сатабылга үөрэннилэр.

– Сайын оскуолабыт тэлгэһэтэ сибэккинэн симэнэрэ, олус да кэрэ көстүүлэнэрэ ханнык баҕарар киһи санаатын, настырыанньатын көтөҕөр дии. Итини хайдах үлэлээн ситиһэҕитий?
– Бу кэрэ көстүү элбэх үлэттэн тахсар уонна коллектив барыта манна кыттыһар.

Муус устар ый устата оҕолору, учууталлары уонна техүлэһиттэри график быһыытынан кыра кэмҥэ ыҥыраммын сибэккилэри көһөрүүгэ бука бары күргүөмүнэн үлэлииллэр. Ыам ыйыгар оскуола эр дьонноро: дворниктан саҕалаан охранниктар, рабочайдар уонна эр дьон учууталлар бары көмөлөөн, завхоз Айталина Сергеевна салалтатынан сибэкки олордор буор бэлэмнээһинигэр, теплицалары сөргүтүүгэ күүстээх үлэ барар. Онтон олордор кэммит бэс ыйыгар буолааччы. Саамай табыгастаах күҥҥэ бука бары үлэһиттэр субуотунньукка тахсан, хас да биригээдэлэргэ арахсан киэһэ сөрүүҥҥэ үөрэ – көтө начаас олордон кэбиһэбит. Төрөппүттэр бу акцияҕа көхтөөхтүк кыттаннар кылаастарга анаммыт ахсаанынан сибэкки рассадаларын аҕалан көмөлөһөллөр. Дьэ, ол кэннэ сайын устата уутун кутуутун киэһэ өттүгэр охранниктар шланганан куталлар, мин салайан эрэ биэрэбин, сыыс оттуубун уонна оҕуруоппун бэйэм көрөбүн, үлэлээх – хамнастаах киһи быһыытынан.

– Үүннэрбит оҕуруоккут аһын хайдах туһанаҕытый?

Остолобуойга оҕолорбутугар салаат арааһын оҥорон, борщ минэ, хаппыыста тууһаан үөрэх дьылын устата төһө кыалларынан уһуннук хаһаанан сиэтэбит, оҕолор битэмииннээх бэйэ – үүннэрии оҕуруот аһын арааһыттан аһааннар доруобуйалара тупсарын туһугар.

Ону таһынан, үүнүүтүттэн көрөн, ордорун атыылаан, эһиилги дьыллааҕы сиэмэбитин, буорбутун ,эмпитин, оҕуруокка аналлаах туттар тэриллэри бэйэбит булунабыт.

- Бастакы урожайгытын хаһааҥҥыттан сиэн бараҕытый?
-Бастакы оҕурсуубутун муус устар ый ортотун диэки амсайан барар үгэстээхпит. Бу ыйга сотору кэминэн ситэллэрин күүтэ сылдьабыт.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
Бэйэм ыалбын, түөрт оҕолоохпун, биир сиэн тапталлаах эбээтэбин. Улахан уолум “Туймаада” ансамбль ырыаһыта Валерий Роменскай диэн эһэтин аатын сүгэр. Музыкальнай училищены бүтэрбитэ, олоҕун аргыһын көрсөн, ыал буолан, кыыс сиэни бэлэхтээбитэ. Билигин музыка үрдүкү оскуолатын 4-с кууруһун устудьуона. Улахан кыыһым Айгылаана Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тускул” оҕо киинин иһинэн үлэлиир “Сомоҕо” оҕо хамсааһынын лидера буолар, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Иккис уолум Юра Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай лицей – интернат 8-с кылааһыгар үөрэнэр, математикаҕа дьоҕурдаах буолан олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар. Кыра кыыс Уйгулаана аны күһүн оскуолаҕа киириэҕэ, “Сказка” оҕо сайдар киинин иитиллээччитэ. Аҕабыт Николай Николаевич Обоев билигин Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай лицей – интернатка үлэлиир. Ийэ киһи быһыытынан иллэҥ кэммин ордук оҕолорбор аныыбын, кыһын уоппускалааҕым ити кэмҥэ абырыыр. Аҕабыт уолаттарын уһанарга, массыына ыытарга, дьиэ ис- тас үлэтигэр, ону таһынан булт абылаҥар уһуйар. Уопсайынан дьиэ кэргэммитигэр үлэҕэ күргүөмүнэн сылдьан үлэлиир үгэстээхпит. Ол курдук, оҕуруот сааскы, күһүҥҥү үлэтигэр бары бииргэ сылдьан үлэлээн, ол түмүгэр тэлгэһэбит дьэрэкээн сибэккилэринэн симэнэн, мас арааһын олордон, тиэргэммитин сыллата көҕөрдүнэн, араас оҕуруот аһын үүннэрэн үөрэ-көтө сиибит. Айылҕаҕа сылдьабыт, сайын тэлгэһэбитин көҕөрдөбүт, дойдубар Балаҕаннаахха тахсан көмөлөһөбүт.Аны санаатахха, миэхэ аҕам барахсан оҕуруоту бүөбэйдиир, көрөр – истэр сатабыла иҥмит эбит.
Дьэ бу курдук, биһиги оскуолабытыгар Светлана Валерьевна курдук үүнээйигэ, оҕуруокка сыстаҕас, туруу үлэһит, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, өрүү сырдыгынан сыдьаайа сылдьар, үөрүнньэҥ, кэрэ сибэккигэ маарынныыр эйэҕэс – истиҥ дууһалаах киһини кытары билиһиннэриибин түмүктүүбүн. Инники өттүгэр күүтэн турар түбүктээх үлэтигэр санаа хоту табыллыыны, ситиһиини, өлгөм үүнүүнү, оҕолор уонна төрөппүттэр махталларынан кынаттанан саҥаттан саҥа дабайыылары баҕарабын.

Наталья Иванова, Ю.Н.Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола эбии үөрэхтээһинин педагога