Барыта дьон туһугар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэнньэҕэ анаан Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова биирдиилээн консультация ыытта, сүбэ-ама биэрдэ. Быһаарыллыбакка сылдьар боппуруостаах туһааннаах дьон кэлэн боппуруостарын ыйытан, сөптөөх көмөнү ылан, үөрэн-көтөн бардылар. Санатан эттэххэ, бэҕэһээ “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ нэһилиэнньэҕэ эмиэ биирдиилээн консультация ыыппыттара. Инникитин даҕаны дьон кыһалҕатын кыччатар, санаатын чэпчэтэр араас хайысхалаах тэрээһиннэрбитигэр […]

Сэрии диэн алдьархай

…Сэрии киһи олоҕор биир алдьархай хайа да кэмҥэ. Сир дойду толору уот, буруо ортотугар умайар…        Ньукулай ол сыллары умнубат, хараҕын симтэр субу, онно билсибит бииргэ сэриилэспит доҕотторо көстөллөр. Ама  ааспытын иһин арааһы бары тулуйан кэллэхтэрэ… …Саха киһитэ  биирдэ дьиэтиттэн-уотуттан тэлэһийэн ырааппыта, ол улуу уот ортотунан немец омук дойдутугар Берлиҥҥэ тиийэ…      […]

Күүстээх Кирилэ

– Дьээрэ, биир миэтэрэ… тоҕуһуон ордугуна тоҕус! Биир сантымыатыры хайыыбытый, – байыҥкамаат кыыһа ыскамыайкаҕа ыттан туран суруксутуттан ыйытар.  – Итинник бардын. Оччону-баччаны онто да суох эбэбит-сабабыт. Чүүттэр тугу сиэҥҥит дэлби ыстанныгыт, доҕор, бу, – суруксут хаадьылыыр.  – Окуопа хастаргар иэдэйэриҥ буолаахтыа. Хаарыан боруоданы ыытан эрдэхпит… – Ыйааһыммыт… Таак. Оо, сүүс ордугуна…  уон, ноко. Сэнтиниэр уон! […]

Дьылҕа

Саппаҕырбат сардаҥалаах сайыҥҥы күн бастакы сардаҥалара дьиэ иһин сырдата оҕустулар. Ону кытта тэҥҥэ Баһылай уһуктан кэллэ. Күн уотуттан хараҕа саатан симириҥнээн ылла, тыыллаҥнаата. Баһылай 14 саастаах чороччу улаатан эрэр уол. Ыал улахан оҕото, ол да иһин буолуо, Баһылайтан атын аата суох. Атын оҕолор таптал ааттаахтар, оттон киниэхэ оннук аат сыстыбатах. Сэрии буолбутун туһунан сурах кэлэн […]

Өлбөт полк

Үөдүгэй бибилэтиэкэтин архыыбыттан көрүҥ

Аанньаллара күн-ый буолаллара

            Петр Поликарпович сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын ахтыытын, II Үөдүгэйгэ «Партизан”-1929с. (Күрдьэҕэлээххэ), “Саҥа хардыы” -1930 с. (Кудуга), «Чүүт» -1930 с. (Чүүккэ), “Күҥкү”-1932с. (Тыһаҕас Күөлэ, Күүлэ), «Карл Маркс» -1940 с. диэн биэс колхуос баара диэн саҕалыыр. Кэлин «Күҥкү» уонна «Партизан» колхуостар холбоһоннор саҥа колхуос тэриллибит. Олох инники кэлэн иһэр сайдыытын өйдөөччүлэр, сайаҕас дьон колхуоска эрдэ киирбиттэр. […]

«Өрөбүллэргэ астына кинигэ ааҕыам»

Күөх Маай уонна Улуу Кыайыы бырааһынньыктарын өрөбүл күннэрин көрсө сэрии кэмин оҕото, нэһилиэкпит биир ытык киһитэ, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин бастыҥ ааҕааччыта Федора Дмитриева сахалыы кинигэлэри уларсан барда. Кини бибилэтиэкэҕэ нэдиэлэ ахсын сылдьар. Сахалыы да, нууччалыы да кинигэлэри сэҥээрэн ааҕар. Ордук билиҥҥи кэм суруйааччыларын айымньыларын сэҥээрэр. «Маай бырааһынньыктарыгар өрөбүллэр уһун буолааччылар. Онон элбэх соҕуһу […]

Адамов Михаил Николаевич туһунан

Адамов Михаил Николаевич II Үөдүгэй нэһилиэгэр Балаҕат диэн алааска Адамов Ньукулай (Тырай) диэн киһи дьиэ кэргэнигэр 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Холбоһуктааһыҥҥа Давыдов аатынан колхозка киирэн, дьиэлэрин Кудуга көһөрөн олохсуйбуттара. Сэриигэ Мэхээлэ бастакы ыҥырыкка хабыллан 1941 сыллаахха барбыта. Сулууспалаабыт чааһа, фрона биллибэт. Кыһыл Сулус орденын улахан чыыннаах немец офицерын босхоломмут куорат дьиэтин подвалыттан булан командованиеҕа туттарбытын иһин […]

Үөдүгэйгэ- библионочь

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Бэйэ геройдара” диэн «Библионочь-2025» Бүтүн Арассыыйатаҕы аахсыйа чэрчитинэн тэрээһин буолла. Улууспутугар биэстэ кулубанан талыллан дьон-сэргэ ытыктабылын, махталын ылбыт, улууспут баар-суох иккис гильдиялаах атыыһыта, меценат, Куду Харааччыннарыгар күтүөт буолан, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа үлэлэспит тоҕус оҕону күн сиригэр көрдөрбүт Георгий Ефимович Потапов- Баай Батаакап төрөөбүтэ 155 сылыгар аналлаах «Үтүө […]

Батаакаптар-уһулуччулаах дьиэ кэргэн

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуола оҕолоругар Саха сиригэр советскай былааһы олохтооһуҥҥа,  гражданскай сэриигэ активнайдык кыттыбыт, Саха сирин уһулуччулаах, киэн туттар дьоно иитиллэн тахсыбыт  улахан, дьоһун историялаах Батаакаптар дьиэ кэргэннэрин туһунан библиотечнай уруоктары ыыттылар. Бу уруоктарга барыта 240 оҕо сырытта.             Үөһээ Бүлүүгэ биэс төгүл норуотун […]