Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Оҕо сааһым сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулара” диэн хамсаныылаах оонньуулар буоллулар.

Тэрээһини инструктор Ульяна Капитоновна Иванова ыытта.

Аан маҥнай эти-сиини уһугуннарар сэрээккэ буолла. Онтон оҕо сааспыт умнуллубат, көрдөөх оонньууларын: былаатынан сайсыы,

имнэнсиһии, хардаҕас суулларыыта, резинканы ойуу,

скакалка курдук оонньуулары умсугуйа оонньоотубут.

Хас биирдиибитигэр оҕо сааспыт дьоллоох кэмнэрэ көстөн аастылар. Сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн оҕо буолан ыллыбыт.