Батаакаптар-уһулуччулаах дьиэ кэргэн
Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуола оҕолоругар Саха сиригэр советскай былааһы олохтооһуҥҥа, гражданскай сэриигэ активнайдык кыттыбыт, Саха сирин уһулуччулаах, киэн туттар дьоно иитиллэн тахсыбыт улахан, дьоһун историялаах Батаакаптар дьиэ кэргэннэрин туһунан библиотечнай уруоктары ыыттылар. Бу уруоктарга барыта 240 оҕо сырытта. Үөһээ Бүлүүгэ биэс төгүл норуотун […]
“Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” кинигэлэр саҥалыы тыыннанан тахсыахтара
Биир сааскы, кулун тутар ылааҥы күнүгэр, Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр Наталия Кашлакова – Дордо киирэн кэллэ. Үгэс курдук күннээҕи сонуннары, саҥа хоһооннорун эҥин туһунан сэһэргии олорон хараҕа кэннибэр долбуурга ууруллан турар ” Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй” диэн Уйбаан Самаайап кинигэтигэр хатанна.Үөдүгэй олохтоох ааптардарын уонна төрдүнү- ууһу, устуоруйабытын кэпсиир кинигэлэри сыа-сым курдук тутан, харах харатын курдук харыстаан кэннибэр […]
Куораттан кэһии кэллэ
Бу күннэргэ Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кинигэ кэһии кэллэ.Үөдүгэйтэн төрүттээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анисим Анисимович Прокопьев аҕатын, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, снайпер, норуот маастара, худуоһунньук, удьуор тимир, көмүс ууһа, муосчут, скульптор, краевед, этнограф Анисим Григорьевич Прокопьев олоҕун, үлэтин киэҥник сырдатар ” Кырдьарга бокуой суох”, “Көмүс сирэйдээх сахалыы ыҥыырдар” диэн кинигэлэрин, ону таһынан […]
Этэр тыл ириэрэр суостаах
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Үөдүгэйтэн үүнэн тахсыбыт бэйээт, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Наталия Петровна Кашлакова- Дордо икки саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Бу үөрүүлээх түгэнинэн Наталия Дордону Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччыта Любовь Васильевна Дмитриева, үлэлээбит М.Т.Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх орто оскуола кэлэктиибин аатыттан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ольга […]
Оҕо буолан ыллыбыт
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Оҕо сааһым сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулара” диэн хамсаныылаах оонньуулар буоллулар. Тэрээһини инструктор Ульяна Капитоновна Иванова ыытта. Аан маҥнай эти-сиини уһугуннарар сэрээккэ буолла. Онтон оҕо сааспыт умнуллубат, көрдөөх оонньууларын: былаатынан сайсыы, имнэнсиһии, хардаҕас суулларыыта, резинканы ойуу, скакалка курдук оонньуулары умсугуйа оонньоотубут. Хас биирдиибитигэр оҕо сааспыт дьоллоох кэмнэрэ көстөн аастылар. Сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн […]
Оҕуруотчут Сибиэтэ
Доруобай аһынан оскуолаҕа аһатыы билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла диэтэхпинэ сөпсөһөр инигит. Спортивнай хайысхалаах оскуолаҕа бастаан үлэлии киирбиппэр анаан – минээн оҕуруоту үүннэрэр, төгүрүк сыл устата түбүгүрэр үлэһит баарын да билбэт этим. Агро хайысхалаах оскуола буолбатах эрээри, манна оҕуруоту олордон, оҕолору сибиэһэй аһынан аһатыыга, ону таһынан, тэлгэһэҕэ араас клумбаларга сибэкки олордон сайын устата көрөн […]
Үүнээйини таптааччылар түһүлгэлэрэ төрүттэннэ
Муус устар 8 күнүгэр Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр үүнээйини көрүүгэ- истиигэ аналлаах олус туһалаах, интэриэһинэй маастар- кылаас буолла.Оҕуруот аһын, сибэкки арааһын таптаан үүннэрээччилэргэ анаан нэһилиэкпит, улууспут бастыҥ оҕуруотчуттара кэлэн бэйэлэрин уопуттарын кэпсээтилэр.Альбина Романовна Кривошапкина “Прививка арбуза на тыкву” диэн тиэмэҕэ бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Аан бастакыттан тугу хайдах гыныахтаахпытын, туох наада буоларын саас сааһынан […]
Кинигэни ааҕыаҥ- сайдыылаах буолуоҥ
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Оҕо кинигэтигэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн “Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаа, сайдыылаах буол- кинигэни аах” диэн оҕолорго аналлаах тэрээһин буолан ааста.Бу тэрээһиҥҥэ оҕолор остуоруйаны билиигэ күрэстэһэр викторинаҕа кытыннылар, “Мэник Сэлиичээн” диэн остуоруйаны мүнүүтэҕэ аахтылар. Саха биир чулуу суруйааччыта Семен Данилов ” Күөрэгэй” хоһоонун дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик аахтылар. Оҕолорго анаан бу тэрээһиҥҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин “Чэгиэн” түмсүүтүн […]
Куттаах кинигэтэ таҕыста!
Бүгүн Үөдүгэйгэ биир сэргэх сонун кэллэ.”Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин нэһилиэстибэтигэр өссө биир кинигэ эбилиннэ.Айылҕаттан айар- суруйар дьоҕурдаах Үөдүгэйбит кыыһа Надежда Кардашевская- Куттаах “Умсулҕан” диэн оҕо саас умсугутуулаах кэмнэрин, эдэр саас үлэҕэ буһуутун- хатыытын, орто саас тургутуулаах сылларын, кырдьар саас кэккэ кэрэтин ойуулаабыт тэттик кэпсээннэрэ киирбит кинигэтэ күн сирин көрдө.Кинигэ кытаанах тастаах, хаачыстыбалаах, тупсаҕай дизайннаах, 150 экземплярынан “Дани […]
Дьоллоох буолуу күлүүһүн туттулар
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн иһэр Кэрэ аҥардар күннэринэн «Дьахтар дьолун кистэлэҥнэрин арыйыы” диэн психологическай тренинг ыытылынна. “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ Алла Догорова, Анна Донская олус интэриэһинэй тренины ыыттылар. Кэлбит Кэрэ Аҥардар бэйэлэрин ис туруктарын биллилэр, кыахтарын арыйдылар. Кэрэ буоларга, бэйэни таптыырга, олоххо дьоллоох буоларга кистэлэҥ күлүүһү буллулар. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ ыытар тэрээһиннэригэр кэлэн сайда, тылла […]