Батаакаптар-уһулуччулаах дьиэ кэргэн

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуола оҕолоругар Саха сиригэр советскай былааһы олохтооһуҥҥа,  гражданскай сэриигэ активнайдык кыттыбыт, Саха сирин уһулуччулаах, киэн туттар дьоно иитиллэн тахсыбыт  улахан, дьоһун историялаах Батаакаптар дьиэ кэргэннэрин туһунан библиотечнай уруоктары ыыттылар. Бу уруоктарга барыта 240 оҕо сырытта.

            Үөһээ Бүлүүгэ биэс төгүл норуотун тапталын, ытыктабылын, эрэлин ылан кулубанан талыллан үлэлээбит, оройуоммут баар-суох 2-с гильдиялаах атыыһыта, меценат Георгий Ефимович Потапов – Баай Батаакап уонна кини революционер оҕолорун туһунан бибилэтиэкэрдэр кэпсээтилэр. История быыһын сэгэтэн, Баай Батаакап оройуон туһатыгар биэрбит дьиэлэрин, оскуола тутуутугар анаабыт үбүн оҕолор сөҕө-махтайа иһиттилэр. Кини туттубут малларын хаартыскаттан көрөн олус интэриэһиргээтилэр.

Максим Кирович Аммосов 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ сылдьыбытын, Өлөҥ Күөлгэ Баай Батаакаптаахха сылдьыбытын, ол түгэҥҥэ уһуллан хаалбыт хаартысканы көрөн олус сөхтүлэр. Саха Сирэ автономияны ылыныытыгар анаммыт Советтар бастакы съезтэрин делегата, Саха сиринээҕи Киин Ситэриилээх комитетын чилиэнэ,  Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага» уордьаннардаах, хас да мэтээллээх Марфа Потапова Платон Алексеевич Ойуунускайдыын, Максим Кирович Аммосовтыын суруктарын кинигэттэн көрөн интэриэһиргээтилэр.

Бу курдук улууспут киэн туттар, уһулуччу ыалын Батаакаптар тустарынан кэлэр кэнчээри ыччакка өрүү билиһиннэрэ, кэпсии,  тарҕата туруохпут!