Ыалдьыт кэллэ

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр дойду тэбэр сүрэҕиттэн- Москваттан биир дойдулаахпыт, Үөдүгэйтэн төрүттээх Маргарита Гаврильевна Лазарева убайынаан Леонид Гаврильевичтыын ыалдьыттаата. Кини Октябрьскай Революция уордьан Кавалера, сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит, “Давыдов” колхоз председателинэн, Карл Маркс отделениетын управляющайынан, “Үөдүгэй” совхоз дириэктэрин солбуйааччынан үлэлээбит Гаврил Гаврильевич Лазарев кыыһа.

Маргарита Гаврильевналыын Үөдүгэйбит, Кудубут туһунан кинигэлэри хасыһан, кини чугас дьонун-сэргэтин, чуолаан ийэлээх аҕатын, аҕатын бииргэ төрөөбүттэрин туһунан суруйуулары булан аахта, бэлиэтэннэ. Бу кинигэлэр Үөдүгэй олохтоохторугар сыаналаах өйдөбүнньүк буолалларын бэлиэтээтэ.

Төрөөбүт дойдубут үлэни-хамнаһы өрө туппут дьоһун дьонун, олорон ааспыт көлүөнэ туһунан ахта-саныы сылдьарбытын дуоһуйа кэпсэттибит. “Нэһилиэкпит кырдьаҕастарыттан урукку үлэлээн ааспыт кэмнэрин туһунан ахтыылары ылан хаалыахха. Колхоз үлэтин туһунан киэҥник сырдатар кинигэ эмиэ тахсыан наада, “- диэн сүбэлээтэ.

Бу курдук дойдутуттан төһө да ыраах да олордор, ахтылҕаннаах Үөдүгэйин салгыгыган сайа тыына, дьонун-сэргэтин кытта билсэ маргарита Гаврильевна сыл ахсын кэлэн барар эбит. Аҕата туттарбыт Үөдүгэйин кулуубугар сылдьан көрдө-иһиттэ, Үөдүгэй үлэһит дьонун туһунан кэпсиир искибиэргэ сырытта. Маннык дойдуларын таптыыр, ахтар, историятын, кэскилин интэриэһиргиир дьонноохпутуттан үөрэбит.