Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Аҕам саастаах дьон дэкээдэлэрин уонна “Ааҕар Үөдүгэй» бырайыак чэрчитинэн Үөдүгэй бибилэтиэкэтин уонна улуустааҕы оҕо технопаркатын эбии үөрэхтээһин педагога Анна Павловна Григорьева үөрэтэр оҕолорунаан “Поле чудес”- “Дьиктилээх хонуу” оонньууну тэрийэн ыыттылар. Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччыта Любовь Мартовна Яковлева эҕэрдэ ырыатын бэлэх уунна.


Үөдүгэй бибилэтиэкэтин аҕам саастаах ааҕааччылара кэлэн бу оонньууга кыттан, үөрэн-көтөн, астынан бардылар. Сорудахтар сүрүннээн саха суруйааччыларын айымньыларын тула бэрилиннилэр. Ону тэҥэ нэһилиэккэ “Үөдүгэй бөрүөтэ» түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ тэтимнээхтик үлэлиир. Бу сылга биирдиилээн уонна хомуурунньугунан уонча кинигэ күн сирин көрдө. Онон түөлбэ литэрэтиирэтигэр сыһыаннаах боппуруос эмиэ баар буолла.

Бастакы эргииргэ кыайыылааҕынан 86 саастаах ааҕааччыбыт Вера Павловна Николаева буолла. Кини кинигэни тиһигин быспакка уларсан ааҕар. Аҕам саастаах ааҕааччыбытыгар ыйга иккитэ саҥаттан саҥа кинигэлэри илдьэн уларсабыт.

Иккис эргииргэ кыайыылааҕынан Михаил Гаврильевич Абрахов буолла. Михаил Гаврильевич кинигэни көтөҕүнэн уларсан барар. Билигин Семен Маисов “Ийэм кэпсиир” кинигэ үс чааһын ылан ааҕа сылдьар.
Үһүс эргииргэ кыайыылааҕынан бибилэтиэкэбит биир бастыҥ ааҕааччыта, айар куттаах Аркадий Иванов буолла. Кини ордук нууччалыы сурунааллары, түөлбэбит литэрэтиирэтин айар куттаахтарын кэпсээннэрин, хоһооннорун сөбүлээн ааҕар.

Үс оонньуу тухары «Поле чудес» эргийэр барабааныгар приз, буукуба арыттарыыта, банкрот да тахсан долгуталыы сырытта. Ол да буоллар, бэл, бириистэн аккаастанан туран, биһиги ааҕааччыларбыт салгыы оонньоотулар. Буукубалары арыйыы – туспа үөрүүлээх чыпчылҕан түгэн. Технопарка оҕолоро Аина Михайлова, Варя Егорова үөрэн-көтөн, мичилийэн киирэн буукубалары арыйан үөртүлэр. Бириистэри киллэрэн биэртэлээн кыттааччылар сүргэлэрин көтөхтүлэр.
Салгыы үс оонньуу кыайыылаахтара күөн көрүстүлэр. Манна “ Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин айар куттааҕа Надежда Кардашевская- Куттаах быйыл саҥа тахсыбыт кэпсээнин кинигэтин аатын таайан, Аркадий Иванов кыайыылааҕынан таҕыста.

«Дьиктилээх хонуу» супер-оонньуутугар кыттарга сөбүлэһэн оонньоото. Оонньууга кэлбит хас-биирдии киһи Аркадий Ивановка «ыалдьан» долгуйда. Түмүгэр «Поле чудес»- «Дьиктилээх хонуу» оонньуу кыайыылааҕынан – Аркадий Иванов буолла. Бүгүҥҥү оонньуу кыайыылаахтара, кыттыылаахтара, ыалдьыттара бары Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут бириистэрин туттулар. Дьиктилээх хонуу диэн чахчы баарын итэҕэйдилэр.
Аҕам саастаах ааҕааччыларбыт өссө даҕаны маннык өйү сытыылыыр, дьону түмэр, үөрдэр-көтүтэр, сэргэхситэр оонньуулары ыыта туруҥ диэн баҕа санааларын эттилэр.