Үөдүгэйдэр сайыны көрүстүлэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр, Арчы дьиэтигэр, саха күөххэ үктэнэр, түптэ буруотугар арчыланан санаатын сааһыланар, киртэн-хохтон ыраастанар, Иэйэхсит чугаһаан, сылаас тыына сиргэ –буорга түһэр, салгыҥҥа иҥэр , өҥү – быйаҥы түстүүр үтүө кэмин уруйдаан,  Ньукуоланан “КҮӨХХЭ ҮКТЭММИЧЧЭ  КӨРҮЛҮӨҔҮҤ!” диэн оһуокай добун түһүлгэтэ төрүттэннэ.


Сайын кэлиитин алгыһынан “Дьүөгэ” түмсүү Далбар Хотуна Раиса Васильева арчылаата.


Ону тэҥэ итии хобордооххо сырдьыгыныы буспут “КҮН ТӨГҮРҮК-АЛГЫСТААХ АЛААДЬЫ” диэн күрэх буолла. Алаадьы буһарыыта да араастаах буолар эбит. Киһи сөҕүөн иһин, ынах тыла буккаастаах алаадьы, быардаах, моонньоҕонноох, сугуннаах, саламааттаах, сордоҥноох, ынах сыатын арыытыгар буспут саһархай алаадьылар остуолга тэлгэннилэр.

Кэлбит ыалдьыттар амсайан, кыайыылааҕы быһаардылар. 1-кы миэстэни Мария Горохова ынах арыылаах алаадьытынан, 2-с миэстэни социальнай үлэһит Мария Андросова быардаах алаадьытынан, 3-с миэстэни Игорь Сортолов сордоҥноох алаадьытынан ыллылар.
Ыалдьыттар уохтаах бырпаҕы, алгыстаах алаадьыны, саламааты, туустаах сордоҥу, эбээ баахылатын астына амсайдылар.
Оһуокайы оройуттан, эһиэкэйи эҥэриттэн туттулар. Оһуокайы СӨ Дархан этээччитэ Валентина Семенова, СӨ Үтүөлээх этээччитэ Марианна Хобусарова, ” Чөмчүүнэ” образцовай ансамбль (салайааччы М. В. Хобусарова), Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола фольклорнай куруһуогун оҕолоро (салайааччы Ульяна Тюкянова) таһаардылар. Кэлбит дьон кэтэһиилээх самаан сайыны үөрэ-көтө көрүстүлэр.