Адамов Михаил Николаевич II Үөдүгэй нэһилиэгэр Балаҕат диэн алааска Адамов Ньукулай (Тырай) диэн киһи дьиэ кэргэнигэр 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Холбоһуктааһыҥҥа Давыдов аатынан колхозка киирэн, дьиэлэрин Кудуга көһөрөн олохсуйбуттара.

Сэриигэ Мэхээлэ бастакы ыҥырыкка хабыллан 1941 сыллаахха барбыта. Сулууспалаабыт чааһа, фрона биллибэт. Кыһыл Сулус орденын улахан чыыннаах немец офицерын босхоломмут куорат дьиэтин подвалыттан булан командованиеҕа туттарбытын иһин биэрбиттэрэ диэн чугас дьонугар кэпсиирэ үһү. Уһуннук арҕаа уоттаах сэриигэ сылдьыбыт киһи диэтэххэ улахан бааһырыыта суоҕа, арай хаҥас илиитин икки тарбаҕын быстарбыт этэ.
Мин Мэхээлэни кырабыттан билэбин. Кини ортону үрдүнэн уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, ис киирбэх төгүрүк сирэйдээх киһи этэ, кыраттан кыйахаммат, киэҥ-холку майгылааҕа, аҕыйах саҥалааҕа, кэһиэхтээх сөҥ куоластааҕа. Сэрииттэн кэлээт колхуос үлэтигэр төбөтүнэн түстэҕэ. Кини солбуллубат кыдамаһыт этэ. Кээһиигэ кини үлэлиир звенотугар икки сайын оҕус сиэтээччинэн сылдьыбытым. Салайааччыбыт- Омуков Бүөтүр оҕонньор от үрдүгэр турааччы, атыттар уларыйа сылдьааччылар.
Ол саҕанааҕы кэбиһиилээх оттор билиҥҥилэрдээҕэр лаппа бөдөҥ буолаллара. Сайыҥҥы кэмҥэ от үлэтигэр кыайыылаах үлэһит, оттон кыһынын сорсуннаах түүлээхсит этэ. Итини таһынан кыра, улахан тутуулар кинитэ суох ыытыллыбаттара, бастыҥ оһохчут идэлээҕэ.
Олоҕун оҥостоору Өргүөттэн Павлова Евдокия Степановна диэн дьахтары сүгүннэрэн аҕалбыта да оҕо төрөөбөтөҕө. Ол иһин Чарастаевтартан Кеша диэн оҕону ииттэн оҕо гыммыттара. Аҕыйах сыл бииргэ олорон оҕоломмокколор арахсыбыттара. Оҕотун ийэтинээн уонна кыра балтын кытта көрөн Куду оскуолатын бүтэттэрбиттэрэ. Кэлин ийэтэ өлөн, балта эргэ тахсыбытын кэннэ уолун салгыы үөрэттэрэр кыһалҕаттан, пенсияҕа тахсан баран Тамалакааҥҥа көспүтэ. Онно тиийэн Николаева Анастасия (Баһырҕас ойоҕо) диэн соҕотох кыыстаах огдообо дьахтардыын ыал буолбута.
Тамалакаан бочуоттаах олохтооҕо Иванова Ираида Михайловна ахтарынан, Мэхээлэлээх Настаа бэрт иллээхтик-эйэлээхтик, сүөһү-ас ииттэн, дьиэлэрин, уһаайбаларын саҥалыы сөргүтэн, элбэх саҥа тутуулары ыытан, уоллаах кыыс оҕолорун үөрэттэрэн совхоз араас үлэтигэр кыайалларынан кыттан уһуннук олорбуттара. Ол олорон Мэхээлэ 1977с. ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Иннокентий Сергеевич Федоров, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 2009 сыл, кулун тутар ый 15 к.