Поэт иэйиитин уостубат төлөнө

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Барҕарыы” фонда лауреата, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Поэт иэйиитин уостубат төлөнө” диэн тэрээһин буолла. Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов эҕэрдэ тылы эттэ. Үөдүгэй дьаһалтата, бибилэтиэкэтэ, 7 нүөмэрдээх «Сказка» оҕо уһуйаанын […]
«Тулабар чыычаахтар ыллыыллар» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ

Бүгүн, ыам ыйын 14 күнүгэр, Олоҥхо дьиэтигэр Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Барҕарыы” фонда лауреата, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Тулабар чыычаахтар ыллыыллар» диэн оскуола иннинээҕи саастаах уонна начаалынай кылаас оҕолоругар аналлаах улуустааҕы ырыа-хоһоон түһүлгэтэ тэнийдэ. Ырыа-хоһоон күрэҕигэр улуус иһинээҕи оҕо уһуйааннарыттан уонна Ороһуттан барыта 70 нүөмэр, […]
Аанньаллара күн-ый буолаллара

Петр Поликарпович сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын ахтыытын, II Үөдүгэйгэ «Партизан”-1929с. (Күрдьэҕэлээххэ), “Саҥа хардыы” -1930 с. (Кудуга), «Чүүт» -1930 с. (Чүүккэ), “Күҥкү”-1932с. (Тыһаҕас Күөлэ, Күүлэ), «Карл Маркс» -1940 с. диэн биэс колхуос баара диэн саҕалыыр. Кэлин «Күҥкү» уонна «Партизан» колхуостар холбоһоннор саҥа колхуос тэриллибит. Олох инники кэлэн иһэр сайдыытын өйдөөччүлэр, сайаҕас дьон колхуоска эрдэ киирбиттэр. Онон […]

Аанньаллара күн-ый буолаллара Петр Поликарпович сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын ахтыытын, II Үөдүгэйгэ «Партизан”-1929с. (Күрдьэҕэлээххэ), “Саҥа хардыы” -1930 с. (Кудуга), «Чүүт» -1930 с. (Чүүккэ), “Күҥкү”-1932с. (Тыһаҕас Күөлэ, Күүлэ), «Карл Маркс» -1940 с. диэн биэс колхуос баара диэн саҕалыыр. Кэлин «Күҥкү» уонна «Партизан» колхуостар холбоһоннор саҥа колхуос тэриллибит. Олох инники кэлэн иһэр сайдыытын өйдөөччүлэр, сайаҕас дьон колхуоска […]
Ааҕар оҕо- билиилээх оҕо

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо кинигэтин нэдиэлэтин чэрчитинэн, Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Ааҕар оҕо- билиилээх оҕо” диэн тэрээһин буолла. Бу күн оҕолор улуу нуучча суруйааччыта Л.Н. Толстой оҕолорго аналлаах кэпсээннэрин кытары билистилэр, айымньылар ис хоһооннорун ырыттылар, туохха үөрэтэллэрин туһунан санааларын атастастылар. Ону тэҥэ төрөөбүт төрүт тылы төһө билэллэрин бэрэбиэркэлиир, чиҥэтэр, сайыннарар тыл оонньууларын оонньоотулар. […]
Эн Үөһээ Бүлүү чаҕылхай кыыһаҕын!

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа суруналыыстарын уонна СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Култууратын туйгуна, Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү улуустарын уонна Өргүөт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 15 дьоһуннаах кинигэлэр автордара Вера Спиридоновна Нанова – Солдатова ,,Аҕам айыы санаатынан» диэн дойдутун, олоҕу, чугас дьонугар тапталын туойбут кинигэтин сүрэхтиир дьоро күн буолан […]
Сэриини сырбаҥ – татай сааһыгар көрсүбүтэ

Сэрии сылларын оҕотуттан – Екатерина Васильевна Адамоваттан истэн, сэрии саҕаланарыгар үлэ-хамнас, олох күннээҕи кыһалҕата диэни үчүгэйдик өйдүүр, оҕус сиэтэр оҕо сааһа ааһан, уҥуоҕа кытаатан, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит обургу оҕо тылыттан суруйуохпун баҕарар санаабын толордум. Эрдэттэн болдьоһон, кулун тутар 17 күнүгэр Екатерина Васильевна дьиэтигэр тиийэн, сыалбын-сорукпун ситиһэрдии иҥэн-тоҥон ыйыталаһан бардым. Ааҕааччыларбар кэпсиир дьонум күн […]
Сүрэх, дьулус үрдүккэ!

Аҕата саас эпэрээһийэҕэ барыан эрэ иннинэ Кэнтиккэ кэлэ сылдьыбыта. Улахан уолун уу баһар массыынатыгар олорсон, интэринээт иннигэр хорус гына түспүтэ. Түргэн-тарҕан туттунуулаах Хабырыыл көхсө дьиктитик холбойбутун, сэриигэ сүтэрбит соҕотох хараҕа ууламмытын көрөн Туонньа бастаан “дьик” гыммыта. Онтон аҕата сэттэ оҕотуттан саамай атааҕар, хотунугар, хары чаһытын сиэбиттэн хостоон таһаарбытыгар, оҕо оҕо курдук, бары болҕомтото тирии […]
Ис сүрэхтэн эҕэрдэ

Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр, Үөдүгэйтэн төрүттээх физика уонна математика билимнэрин дуоктара, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей дириэктэрэ, Ил Түмэн V ыҥырыытын дьокутаата, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин ытык киһитэ Иван Иванович Шамаев төрөөбүт күнэ. Ытыктыыр, күндү киһибитин, убайбытын Иван Ивановиһы аанньалыҥ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт дойдуҥ киил маһыныы кытаанах доруобуйаны, дьоҕурдаах оҕону сайыннаран, үүннэрэн таһаарар лицейыҥ үлэтэ күннэтэ сайда – […]
Үөдүгэйгэ-хаартыска быыстапката

Олунньу 25 күнүгэр Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэкпит төрүттэммитэ 255 уонна Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ – “Тохтоо даа, күүт, дьоллоох түгэн!…” диэн Үөдүгэйбит биир чулуу уола, Арассыыйа Үтүөлээх энэргиэтигэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Пудович Аянитов тутан ылаттаабыт түгэннэрин – хаартыскаларын быыстапкатын үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста. Бу быыстапкаҕа оҕо саас […]