Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа суруналыыстарын уонна СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Култууратын туйгуна, Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү улуустарын уонна Өргүөт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 15 дьоһуннаах кинигэлэр автордара Вера Спиридоновна Нанова – Солдатова ,,Аҕам айыы санаатынан» диэн дойдутун, олоҕу, чугас дьонугар тапталын туойбут кинигэтин сүрэхтиир дьоро күн буолан ааста.

Бу истиҥ тэрээһин Вера Нанова- Солдатова «Халтарыйа сырылаан массыынабыт айаннаа” диэн тыллардаах ,,Айан ырыата,, диэн хоһоонугар айыллыбыт ырыатынан арыллыбыта олус долгутуулаах буолла.
Бу ырыа 1970с-80-с сылларга уостан түспэккэ ылламмыт, оччотооҕу ыччат дьон, хас гастрол аайы массыына кузовар тулууп бүрүнэ сытан киэҥ халлааны одуулуу – одуулуу ыллаабыт ,,Айан ырыатын, авторын, бүгүн бу илэ бэйэтин көрсөр үтүө түгэн тосхойон бары да тэҥҥэ ыллаһан үөрдүлэр-көттүлэр. Бу ырыа историятыттан бэрт кылгастык кэпсиир буоллахха, ,,Айан ырыата,, тылын- өһүн Вера Спиридоновна, оччотооҕу эдэркээн кыыс , Бүлүүтээҕи педучилищеҕа 1972 с. үөрэнэ сылдьан суруйбутун учуутала , самодеятельнай композитор Елена Олбутцева ырыа гынан көтүппүтэ. Бу ырыа 20-с үйэ 100 бастыҥ ырыатыгар киирбитэ. Билигин да саха эстрадатыгар, хас массыына ахсын киэҥник ылланар айан ырыата.
Вера Нанова – Солдатова ,,Аҕам айыы санаатынан» диэн төрөөбүт дойдутун, олоҕун, чугас дьонугар тапталын туойбут кинигэтин тула кэпсэтиигэ биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ, айар куттаах дьон, кини үрдүк талааныгар сүгүрүйээччилэр бибилэтиэкэ саалатын тобус-толору муһуннулар. Бу дьоро тэрээһини СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Людмила Лазаревна Петрова салайан ыытта. ,,Аҕам айыы санаатынан» кинигэ Дани Алмас кинигэ таһаарар кыһатыгар Дьокуускай куоракка, 73 бэчээтинэй лиистээх, 140 экз. бэчээттэнэн тахсыбыт.

Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Үөдүгэй бочуоттаах олохтооҕо Иван Егорович Чычахов, СӨ муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ, «Киһи килбиэнэ” бэлиэ туһааннааҕа Марина Спиридоновна Адамова, Арассыыйа Үтүөлээх учуутала Светлана Саввична Ильина, Өргүөт нэһилиэгиттэн улуус дьокутаата Василий Васильевич Ченохов, хаан-уруу быраата, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна Михаил Гаврильевич Абрахов, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Учууталлар учууталлара Мария Тимофеевна Александрова, улууспут биир чулуу педагога Д.С. Спиридонов кыыһа Раиса Дмитриевна Спиридонова, балтыта СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Петровна Жендринская эҕэрдэлээтилэр, оҕо, эдэр саастарын истиҥник аҕыннылар, ааспыт кэрэ кэмнэрин эргитэн күлэн-үөрэн чаҕылыйдылар.





Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, «Үөдүгэй бөрүөтэ» түмсүүттэн Исиидэр Бараахап аатынан орто оскуола нуучча тылын, литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһэ Антонина Гаврильевна Хобусарова «Аҕам айыы санаатынан” кинигэтин туһунан санааларын үллэһиннилэр. Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Герасим Александрович Егоров эҕэрдэ тылын эттэ, түмсүү аатыттан сэмэй бэлэҕин туттарда.
О.Д. Федорова аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотека иһинэн үлэлиир ,,Санаа ситимэ,, литературнай түмсүү кыттыылаахтара Вера Спиридоновна төрөөбүт дойдуну, олоҕу, тапталы дьүһүйбүт хоһооннорун иэйиилээхтик аахтылар, литэрэтиирэ хонуутугар улгумнук сиэтэн киллэрдилэр. Бука бары төрөөбүт дойду улаҕата көстүбэт улуу тапталыгар куустаран олордохпутуна, Евдокия Гаврильева тылыгар, Василий Ефимов матыыбыгар ,,Төрөөбүт алааспар ырыаны Вера Нанова биир дойдулааҕа СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Дмитриева- Иванова толорон өссө долгутта, уйадытта.


Үөдүгэйдээҕи култуура киинин иһинэн тэриллибит “Иэйии” эдэр ырыаһыттар ансаамбыллара “Өлүөнэ Эбэккэм” ырыаны ыллааннар, эдэркээн сааһыгар Дьокуускай куораты булан үлэттэн дьолломмут Вера Спиридоновна олоҕун арылыччы кэпсииргэ дылылар.


Бу киэһэ Вера Спиридоновна олоҕун кэрчиктэриттэн аһаҕастык сэһэргээтэ. Олоҕу таптыырга, сэттэ кырыылаах киһи буолан килбэйэн тахсарга төрөөбүт төрүт дойду айылҕата, үлэһит дьоно-сэргэтэ, олоҕун кыһалҕата, үөрүүтэ-хомолтото барыта күүс, толкуй, муударас, уопут биэрэн кынаттаабыт, үрдүк чыпчаалларга сирдээбит эбит диэн саныыгын. Хайдах эрэ саха омук биир чаҕылхай кыыһын Вера Спиридоновна Нанова- Солдатова олоҕуттан киинэ оҥорбут киһи наһаа да үчүгэй ис хоһоонноох, иитэр суолталаах, долгутуулаах буолуох эбит диэн санааҕа кэлэҕин.

Түмүккэ, Вера Нанова- Солдатова биир дойдулааҕа, уос номоҕор сылдьар «Чолбон» рок-бөлөх ырыаһыта, норуот таптыыр, сүгүрүйэр киһитэ – Дьураай “Махтал” диэн ырыаны бэлэх уунна.
Бу кэннэ мустубут дьон бары сүһүөхтэрин үрдүгэр тураннар Үөһээ Бүлүү биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлин, араас омук дьонун кытары биир уопсай тылы булан, тэрийэр, салайар дьоҕурунан өрүү инники күөҥҥэ сылдьан, дьонун-сэргэтин тапталын, ытыктабылын ылбыт СӨ суруйааччыларын уонна Арассыыйа суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Вера Нанова- Солдатованы кытары Лев Ошанин тылларыгар “Песня о тревожной молодости” ырыаны биир тыынынан доргуччу ыллаатылар.Эдэркээн саастарыттан баччаҕа диэри дойдуларын бэриниилээх патриоттара буоланнар, үлэни-хамнаһы, сырдык, үтүө олоҕу өрө тутан, туруулаһан кэллэхтэрэ. Махтал буоллун, алмаас таастыы күлүмүрдэс талаанынан дьонун-сэргэтин түмэ тардар, муударай санааларга тириэрдэр, айар куттаах Вера Спиридоновнаҕа!
Күн сирин
Көмүс күөнүгэр
Көҥүл тыыным
Көччүйэрин тухары
Көрүлүөм…
Көҥүл кынатым
Күпсүйэрин тухары Күөрэйиэм…
Көҥүл санаам
Күөмчүлэммэтин тухары
Күн сирин күндүтүгэр
Көҕүйүөм…
диэн Вера Спиридоновна хоһоонун тыллара хас биирдиибитин олоххо кынаттыы, саҥа саҥахтарга сирдии турдуннар…
Валентина Филиппова