Бүгүн, ыам ыйын 14 күнүгэр, Олоҥхо дьиэтигэр Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Барҕарыы” фонда лауреата, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Тулабар чыычаахтар ыллыыллар» диэн оскуола иннинээҕи саастаах уонна начаалынай кылаас оҕолоругар аналлаах улуустааҕы ырыа-хоһоон түһүлгэтэ тэнийдэ.

Ырыа-хоһоон күрэҕигэр улуус иһинээҕи оҕо уһуйааннарыттан уонна Ороһуттан барыта 70 нүөмэр, 100-тэн тахса оҕо кыттыыны ыллылар.Оҕолорбут барахсаттар Петр Одорусов хоһооннорун дорҕоонноохтук чуопчаара аахтылар, ырыаларын ыллаан дьиэрэттилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: бэрэссэдээтэл- Галина Семенова, СӨ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ Бэчээтин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-киинин исписэлииһэ, Галина Саввинова, СӨ Култууратын туйгуна, улуустааҕы бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр отделын сүрүн бибилэтиэкэрэ, Розалия Степанова, СӨ Култууратын туйгуна, улуустааҕы бибилэтиэкэ комплектование салаатын кылаабынай библиограба.
Хас биирдии оҕо хоһоонун толору арыйан, сөп түбэһэр көстүүмнээх, атрибуттаах, артыыстаан олус хомоҕойдук аахтылар. Кырачааннарбыт үс саастарыттан үрдүк сыанаҕа хоһоону иэйиилээхтик аахтылар. Сорох оҕолор аан бастакытын сыанаҕа таҕыстылар. Арыый улахаттар бэл, дьиэрэҥкэйинэн ааҕа тахсаллар.
Оттон саалаҕа көрө олорор оҕолор ааҕар оҕо хоһооннорун эндэппэккэ билэллэринэн сөхтөрдүлэр. Өссө биир кыысчаан “Котофей” туһунан ааҕа турар оҕону истэн баран, «Һа, ити Аида хоһооно дии»,- диэн соһуйан чаҕаара түстэ, аттыгар олорооччу дьону күллэрдэ.

«Бырааһынньык күнэ бүгүн манна үүннэ…» хас да оҕо боччумуран туран бу хоһоону аахтылар. Бүгүн чахчы да, ырыа-хоһоон бырааһынньыга. Оҕо-аймах таптыыр суруйааччыта Петр Одорусов оҕолорго аналлаах литературнай нэһилиэстибэтин оҕолор дьоҥҥо-сэргэҕэ ааҕан, ыллаан иһитиннэрдилэр. Хас биирдии кыттыбыт оҕо бу күрэхтэн элбэҕи биллэ, үүннэ-сайынна.

Ырыа хоһоон күрэҕин түмүгэр 3 саастаах оҕолого 1-кы миэстэни Июлина Федорова, “Сказка” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, 2-с миэстэни Айсен Николаев, “Сказка” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, Люба Платонова, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, 3-с миэстэни Милана Еттянова, Уйгулаана Варфоломеева, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ ыллылар.
4-5 саастаах оҕолорго 1-кы миэстэ Эрсан Павлов, Ньургуйаана Григорьева, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, Эрчим Яковлев, «Сардаана” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, 2-с миэстэ Дамир Николаев, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, 3-с миэстэни Аян Босиков, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, Регина Иванова, «Сардаана» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ буоллулар.
6-7 саастаах оҕолорго 1-кы миэстэ Артур Донской, 2-с миэстэ Амелия Егорова, 3-с миэстэ Алина Саввинова, “Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ буоллулар.
Ырыаҕа 1-кы миэстэни Айхал Ефимов, «Сказка” оҕо уһуйааныттан, 2-с миэстэни «Солнышко” оҕо уһуйааныттан София Иванова уонна ансамбль, 3-с миэстэ Санаайа Иванова уонна “Айгын” бөлөх буоллулар.
Кыайыылаахтары уонна бары кыттыбыт оҕолору, айымньылаахтык үлэлии сылдьар бары уһуйаан иитээччилэрин, үлэһиттэрин бу ырыа-хоһоон түһүлгэтэ ситиһиилээхтик кыттыбыккытынан эҕэрдэлиибит уонна махтанабыт.

Кыайыылаахтар Добун суруктаргытын уонна бириистэри улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтиттэн кэлэн ыларгытын күүтэбит. Бары кыттыбыт оҕолорго туоһу суруктары эмиэ оҕо бибилэтиэкэтигэр туттарабыт.

Валентина ФИЛИППОВА