Ааҕар оҕо- билиилээх оҕо

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо кинигэтин нэдиэлэтин чэрчитинэн, Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Ааҕар оҕо- билиилээх оҕо” диэн тэрээһин буолла.

Бу күн оҕолор улуу нуучча суруйааччыта Л.Н. Толстой оҕолорго аналлаах кэпсээннэрин кытары билистилэр, айымньылар ис хоһооннорун ырыттылар, туохха үөрэтэллэрин туһунан санааларын атастастылар.

Ону тэҥэ төрөөбүт төрүт тылы төһө билэллэрин бэрэбиэркэлиир, чиҥэтэр, сайыннарар тыл оонньууларын оонньоотулар. Ийэ тылбытын, кини барҕа баайын ортотук билэр эбиппит диэн түмүк оҥоһуннулар.

Оҕолорго анаан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин үлэһитэ Алина Макарьевна Васильева эрчимнээх флеш- моб ыытта, оҕолор биирдиилээн тахсан үҥкүүлээн көрдөрдүлэр.

oplus_2097152

Бу кэннэ Н.А. Некрасов хоһооннорун иэйиилээхтик аахтылар. Хамаанданан арахсан сөбүлүүр айымньыларын туһунан буктрейлер уһуллулар. Оҕолор оруолларыгар киирэн олус айымньылаахтык үлэлээтилэр. Күннэй Филиппова хамаандата “Кэҕэ” остуоруйаны туруоран уһулла. Күннэй Васильева хамаандата сөбүлүүр кэпсээннэрин туһунан интервью оҥордо. Оҕолор бары түмсэн, санааларын холбоон олус интэриэһинэйдик үлэлээтилэр.

oplus_2097152

oplus_2097152

oplus_2097152

oplus_2097152

Түмүккэ, бары үөрэн-көтөн, элбэҕи билэн-көрөн, доҕордоһон, минньигэс бириис илии тутуурдаах тарҕастылар. “Бибилэтиэкэҕэ кэлиэхпит, көрсүөххэ диэри”,- диэн санааларын эттилэр.

Валентина ФИЛИППОВА