Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр, Үөдүгэйтэн төрүттээх физика уонна математика билимнэрин дуоктара, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей дириэктэрэ, Ил Түмэн V ыҥырыытын дьокутаата, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин ытык киһитэ Иван Иванович Шамаев төрөөбүт күнэ.
Ытыктыыр, күндү киһибитин, убайбытын Иван Ивановиһы аанньалыҥ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт дойдуҥ киил маһыныы кытаанах доруобуйаны, дьоҕурдаах оҕону сайыннаран, үүннэрэн таһаарар лицейыҥ үлэтэ күннэтэ сайда – үүнэ турдун, сахаҥ норуотун кэскилин, инникитин туһугар саргылаах, инникилээх бастыҥ бырайыактаргын олоххо киллэрэ тур, айар үлэҥ аартыга арыллан саҥа кинигэлэр тахсан истиннэр, нэһилиэгиҥ, Сахаҥ сирин дириҥ историятын үөрэтэр, чинчийэр, кыраайы үөрэтэр дьону түмэр үлэҥ тахсыылаах, дьоһун түмүктэрдээх буоллун. Үөдүгэйиҥ историятын кэпсиир, 2000 сылларга бэчээттэтэн таһаарбыт кинигэлэргин үүнэр көлүөнэ ыччаппытыгар хос бэчээттэтэн таһааран дьоһуннаах, үйэлээх бэлэх оҥороргор баҕарабыт!
“Ааҕар Саха сирэ» бырайыак элбэх силистэнэн, бүтүн Саха сирин тилийэ көтөн, дьон-сэргэ, оҕо-ыччат ааҕыыга көҕө үрдүү турдун!
Уйбааммыт Уолунан
Улахан дьоллоохпут,
УУС – тан сонуннар
Умсуур сарт тыллаахтар,
Уруйтан – айхалтан
Ураты тыыннаахтар,
Уолук – хоой үүтүнэн
Устарга дылылар,
Уһуктар туһугар
Уһуктаах буолбуттар,
Улугур күн бүгүн
Уох чаҕыл сахтылар!
Уйбааммыт Уолугар
Уруйу тиэрдиэҕиҥ:
Уонунан дьылларга
УУС сонун үрдээтин,
Убайбыт тус күөнэ
Улаата туруохтун!