Сэрии сылларын оҕотуттан – Екатерина Васильевна Адамоваттан истэн, сэрии саҕаланарыгар үлэ-хамнас, олох күннээҕи кыһалҕата диэни үчүгэйдик өйдүүр, оҕус сиэтэр оҕо сааһа ааһан, уҥуоҕа кытаатан, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит обургу оҕо тылыттан суруйуохпун баҕарар санаабын толордум. Эрдэттэн болдьоһон, кулун тутар 17 күнүгэр Екатерина Васильевна дьиэтигэр тиийэн, сыалбын-сорукпун ситиһэрдии иҥэн-тоҥон ыйыталаһан бардым. Ааҕааччыларбар кэпсиир дьонум күн сиригэр кэлбит кэмнэриттэн билиһиннэрэр үгэспинэн, бу да сэһэммэр эмиэ ол кэмтэн саҕалыыбын.
Кэтириис кыысчаан 1925 с. сайын ортотугар, от ыйын 1 күнүгэр, Үөдүгэй нэһилиэгин Дабыыдап учаастагар төрөөбүт. Оччолорго кэриим аҕабыта нэһилиэктэринэн сылдьан кыһыл оҕолору сүрэхтиирэ. Итинник тэрээһиҥҥэ оҕону туора дьахтар көтөҕөн сүрэхтэтэрэ. Ону алааска соҕотоҕун олорор ыал хантан дьахтар булунуохтарай? Арай уолдьах ол түгэҥҥэ Кэнтиктэн төрүттээх Бытыыкай оҕонньор кустуу сылдьан хоно кэлэн олороро. Онон ол оҕонньор кыыска сүрэхтээбит аҕата буолбут. «Төрөппүттэрин кимнээх этилэрий? – диэн ыйыппыппар, Екатерина Васильевна: «Төрөппүт ийэлээх, аҕалаах этим да, кинилэри билиммэппин ээ», – диэтэ. Соһуйаммын өрө көрө түспүппэр, киһим, мүчүк гынан баран, быһааран биэрдэ. Онтубут туспа остуоруйалаах эбит. Аҕата, Васильев Василий Севастьянович, Дабыыдап төрүт олохтооҕо, ийэтэ, Иванова Софья Михайловна, Өргүөттэн төрүттээх. Ол гынан баран, кыысчаан ийэтин эмиийин үүтүнэн ыйтан эрэ ордук эмсэхтэммит. Онтон түөрт уон хонуктаах оҕону дьоно аҕатын бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр иитийэххэ биэрбиттэр. Ол төрүөтүнэн Феодосия Васильевна уонна Василий Адамович Куолайаптар (Адамовтар) үс оҕолоро үһүөн биир-биир истэрин быһа туттаран, apaaha, муҥурдаахтарынан буолуо, ыалдьан өлөн хаалбыттара буолбут. Онон Васильевтар балыстарын аһынан кыыстарын уонна өссө үс сылынан төрөөбүт уолларын эмиэ иитийэххэ кинилэргэ биэрэннэр, оҕолоруттан көрбүтүнэн илии соттон иэдэйэн олорор аймахтарын тыыннарын уһаппыттар, буруоларын салҕаабыттар.
Кэтириис оҕо caaha Дабыыдап Кээнэкээн алааһын күөх кырдалыгар ааспыт. 1932 с. кыысчаан алааһыттан түөрт биэрэстэлээх Дабыыдапка сатыы сылдьан түөрт кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирбит. Үөрэх сырдык аартыгын Дабыыдап оччотооҕу оҕолоругар арыйбыт учууталларынан Василий Титович, Марина Устиновна Карадчиннар эбит. Дьоно ол саҕана холкуоска өссө да киирэ илик буолан, бытархай бэйэлэрин хаһаайыстыбаларынан олорбуттар. Аҕалара көмүс көлөһүнүнэн булуммут баайын-дуолун харыһыйан холкуоска киирбэккэ олорон баран, күһэллэн саас 1939 с. түөрт ыанньыксыттарыттан иккитин, икки атыыр оҕустарын, үс биэтин, биир көлүнэр миҥэтин уопсайга холбоон, холкуостаах буолбуттар. Биэс да биэстээх сабыс-саҥа дьиэ туттубуттарын украинецтар кэлэллэр диэн эмиэ тутан ылан, көтүрэн Кудуга көһөрбүттэр. Олор кэлбэтэхтэр эбит да, холкуос дьиэлэрин төттөрү биэрбэтэх.
1936 – 1937 үөрэх сылыгар Кэтириис бэһис кылааска үөрэнээри быраатын кытта Yөһээ Бүлүүгэ киирэн, төрөппүт ийэлэрэ оҕолоноору быстыбытын кэннэ иккис ойохтоммут аҕаларыгар олорбуттар. Кинилэр биир кыыстаахтара үһү. Ол саҕана да ас-үөл бэрт кырыымчык буолан, оҕолор буспут куобах этин мас холбуйаҕа ууруна сылдьан кэмчилээн сииллэрэ. Ыал ийэтэ син лэппиэскэ буһарара үһү да, кинилэргэ олох бэрсибэт эбит. Оннук аас-туор соҕус аһылыктаах Кэтириис сэттис, быраата бэһис кылааска дылы тиийбиттэр. Тохсунньутааҕы уһун өрөбүл буолан, оҕолор Кээнэкэннэригэр барбыттар. Ол кэмҥэ куор тарҕанан, быраата ыалдьан хаалбыт. Устунан оҕолор дьиэлэриттэн атын сиргэ баралларын сөбүлээбэттэриттэн уонна аҥардас ырыган куобах этинэн аһылыктанан аччыктыылларын санаан, оскуолаттан иккиэн уурайан хаалбыттар. Дьонноро да оҕолорун бэйэлэриттэн арааралларын ыарырҕыыр уонна үөрэх наадатын улаханнык өйдөөбөт буолан, оскуолаҕа күһэйэн туран ыыта сатаабатахтар. Дьиҥэр олох кырыымчыга кыһарыйбатаҕа буоллар, кыыс үөрэнэр баҕалааҕа, кыахтааҕа даҕаны. Үөрэммит учууталларыттан Екатерина Васильевна, Яков Алексеевич Николаевы билигин да махтана ахтар.
Холкуоска холбоһоллоругар кыыс ат, оҕус иччитэ буолан дьонугар көмөлөһөн тутуспут саҥа дьиэтин харыһыйа санаабыт. Улаатан эрэр оҕо ас-таҥас хантан кэлэрин өйдөөн эрдэҕэ. Холкуоска киирэн, ити сыл сааһыгар Куолайаптар Кээнэкээннэриттэн Дабыыдапка көһөн киирбиттэр. Кыыс дьиэтигэр кыратыттан күнү быһа үлэлиир буолан, оонньуур диэни билбэккэ улаатан, хата, холкуоска киирдэхпитинэ оонньуом этэ диэн, кыра оҕолорго ымсыыра саныыра. Кырдьаҕас аҕаларын булка анааннар, сайын кыыс быраатын кытта аҕаларыгар көмөлөһөн моҕотойдоору ураҕас сүгэһэрдээх, быраата эпчиргэ мастаах икки атах сыгынньах ойуурга бараллара. Өлөрбүт моҕотойдорун аҕалара кэннилэриттэн хааман иһэн сүлэн дьиэлэригэр кэлэллэригэр тириилэрин эрэ аҕалара. Оттон холкуостаах буолан тугу үлэлээтиҥ диэн ыйыппыппар: «Сайыны быһа оҕуруокка түүннэри уу кутан, көрөн-харайан араас оҕуруот аһын үүннэрэрбит, окко сылдьарбыт. Кыһын Николаев Аввакум диэн сылгыһыт ырыганнаан турбат буолан хаалбыт убаһаны көрүҥ-харайыҥ диэбитин бырааппын кытта буостуктааммыт син атаҕар туруорбуппут. Холкуоска куонньук баара. Онно уонтан тахса аты аҕалан баайалларын бырааппынаан аһатар үлэлээх дьон буолбуппут. Быаларын сүөрээри тиийбэккэ бааллыбыт бүтэйдэрин үрдүгэр ыттан тахса-тахса сүөрэн ыытарбыт. Далга саахтарын ыраастыырбыт, кыбыыттан отторун аҕалан аһатарбыт. Аттар да араас кэмэлдьилээх буолаллар: Ньылыбыдах Харата диэн ат баара туттарымаары киһини сырса сылдьар куһаҕан кэмэлдьилээҕэ, наһаа эрэйдиирэ. Кини көрбөт өттүттэн далга киирэ сатыырбыт. Аттарбытын кытта оннук араастык бодьуустаһан кыһыны туораабыппыт», – диэтэ. Хамнас диэн суоҕа, көлөһүн күнэ ааҕаллара. Ас-таҥас маҕаһыыҥҥа да суоҕа. Бэл ыаллартан турунуопус сэбирдэҕин хомуйан түҥэтэллэрэ. Ол саҕана, хата, мас көтөрө бөҕө үксээн сылдыбыт. Алааска кытыаҥҥа түһэн аһыыллара. Хаппыт хахыйахтарга, омуннаатахха тураах курдук элбэх буолан олороллорун оҕолор үлэлэригэр кэлэ-бара үгүстүк көрөллөрө. Аҕалара кылынан хатан туһах иитэргэ үөрэппит. Биир да куртуйаҕы аҕаллахха тотор мин буолара. Оччотооҕу дьон бары да бултаан айахтарыгар эбинэллэрэ.
Екатерина Васильевна сэрии тыына эрдэттэн биллибитэ, 1940 сылтан аччыктааһын саҕаламмыта диир. Сэрии буолбут сураҕын ханна истибитин ыйыталаспыппар, кулуупка мунньан эппиттэрин, ким да саҥарбатаҕын, бары тута ыар сурах санаатытар баттаппыттарын кэпсиир. Атаарыы эҥин диэн тэриллибитин Екатерина Васильевна өйдөөбөт. «Ханнааҕы астарынан-үөллэринэн да тэрийиэхтэрэй. Оттуу сылдьар дьон хотуурдарын күрүөҕэ ыйаан баран ходуһаттан тахсан мустан бараллара. Сорохтор акка иккилии буолан мэҥэстиһэ-мэҥэстиһэ барбыттар. Өргүөт, Туобуйа дьоно айаннаан иһэн оскуола таһыгар олорон сынньана түһэн ааһаллара. Атын нэһилиэк дьонун кытта көрсөн күө-дьаа кэпсэтии диэн суоҕа: бэйэ-бэйэлэрин эрэ кытта отур-ботур кэпсэтэллэрэ» диэн Екатерина Васильевна сэһэргэһиибит тиһигин салгыыр.
Кыракый Дабыыдаптан сэриигэ уонна үлэ фронугар алта уонча киһи барбыта. Сэриигэ барбыттаах ыалларга пособие диэн, аҕыйах солкуобай да буоллар, көмө көрүллэрэ. Сэрии икки бастакы сылыгар эдэр, бэйэлэрин кыанар дьон бары фроҥҥа барбыттара. Ханна да курдук, холкуоска сэриигэ барар саастарын ааспыт, күүстээх үлэни кыайбат кырдьаҕастары, дьахталлары кытта оҕолор эрэ хаалбыттара. Сэрии баран истэҕин аайы Кэтириис бииргэ үөрэммит уолаттара саастара туолан эмиэ барыталаабыттара уонна дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ. Сэрии бастакы сылларыгар ордук элбэх «хара суруктар» кэлитэлээбиттэрэ. Дьонноро муҥнаахтар ытаһыы-соҥоһуу бөҕө буолаахтыыллара. Холкуос туох баар отун-маһын үлэтэ барыта хаалбыт дьон, оҕолор кыһалҕалара буолбута. Уон сэттэлэрин-уон аҕыстарын туолбуттар, улахан дьон үлэтин нуорматынан үлэлииллэрэ ирдэнэрэ. Обургу оҕолортон дуоспуруннаахтара, сытыы-хотуу, олоругас-туругас диэн холкуос салалтата Кэтирииһи сэрии саҥатыгар ыһыы биригэдьииринэн анаабыт.
«Биригэдьиир да буолаахтаан, сорук-боллур курдук сылдьарым: ыһыыга барар дьоҥҥо көлөлөрүн, туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин булан биэрэрим. Оччолорго туох да техника суох, барыта илиинэн үлэ: сирбитин мас суокунан хоруттарарбыт, сиэмэ бурдукпутун чабычахха кута сылдьан илиибитинэн ыһарбыт. Кырдьаҕастарбыт хайдах ыһарга үөрэтэллэрэ: наһаа хойуутук да, арыылаан көтүмэхтик да ыһар сатаммата. Онтон аны боруонньалааһын буолар. Ыһыыга сылдьар аттарбыт ырыгаттара бөҕө, эрэйдээхтэри сынньата-сынньата үлэлэтэрбит. Бурдукпутун күһүөрү кыһын сир тоҥуута, алтынньыга, молотилкаҕа сыстарабыт уонна оройуон киинигэр сыарҕалаах атынан киллэрэн сыпной пууҥҥа Николаев Николай Николаевичка – Дьүлэй Ньукууһаҕа илдьэрбит. Онно тиийэн веялка диэн тэрили эргитэн, бурдукпутун ыраастаан баран туттарабыт. Ол веялканы эргитэр олус ыарахан. Саввинов Никита эрэ, саастаах да буоллар, кыайар этэ. Итиччэ ыараханы күнү быһа эрийээхтиирэ. Киниэхэ көмөлөһөөрү биһиги, оҕо дьон, эрийэ сатыырбыт да, тутааҕа эрэ эриллэн таҕыстаҕына кыайан аллара баттаабакка ыйанан хааларбыт», – диэн Екатерина Васильевна кэпсии үөрүйэҕинэн аа-дьуо сэһэргии олордо.
Аҕаларын 1942 с. ыраах Өргүөт сиригэр бултата илдьибиттэрэ хайыһарынан кыайан төттөрү кэлбэккэ сиргэ хонон ыалдьан, саас өлөн хаалаахтаабыт. Кини суох буолуоҕуттан ыал олоҕо, биллэн турар, ыараабыт: урукку курдук бултаан- алтаан, отторун-мастарын тиэйэн кэлэр киһилэрэ суох буолбута олус ыарахана, куһаҕана. Хата, туһахтыырга үөрэтэн хоргуйан өлөртөн быыһаабытын иһин, от тиэйэргэ үөрэппэтэҕэ оҕолору эрэйгэ тэппитэ. Аан маҥнай бэйэлэрэ эрэ оҕустаах сыарҕанан отторун тиэйэ үс биэрэстэлээх сиргэ бараннар, тиэнэн баран төннөллөрүгэр отторо охтон хаалан, сарсыардаттан хоҥнубут дьон, түүн ыал утуйбутун кэннэ биирдэ кэлбиттэр. Ону да ийэлэрэ оҕолор моһуогурбуттарын сэрэйэн утары тиийэн көмөлөһөн, отторун оннун булларан, аҕалбыттар. Онно эрэйдэммиттэрин Екатерина Васильевна билигин да умнубат уонна аҕалаах ыал бултаан аһыылларыгар ымсыырарын эмиэ ахтан ааһар. Биирдэ оройуон киинигэр Иванов Михаил Гаврильевич диэн аймахтара киһиэхэ киирэ сылдьан, бултуур саалаахпыт буоллар диэбитигэр, биир уостаах саатын биэрэн ыыппыт. Ол саатынан Кэтириис аан маҥнай Кээнэкээнигэр оттуу сылдьан, биэрэстэ курдуктаах аһыыр, балыктыыр чугас Ойбон Күөллэриттэн хоҥор хааһы ытан ылбыт. Бииргэ үлэлии сылдьар дьонун киэһэ сиэҕиҥ диэбитин, кыысчаан бастакы булдун ийэтигэр сиэттин диэн, дьиэҕэр илдьэн биэр диэннэр, Кудуга улахан бултаах киһи быһыытынан сүгэн аҕалбыт. Хаастара сүрдээх эмис буолан, үөрэ-көтө аһаан-сиэн абыраммыттар. Кэтириис ол саатынан ыал буолуор дылы бултанан сылдыбыт. Кэлин онтун быраатыгар Баһылайга бэлэхтээбит.
Ити саҕана, сэрии саҕаланыан иннинэ аҕай, маҥнай аҕата туох эрэ дьаҥҥа сыҥааҕын, тарбаҕын уҥуоҕун сиэппит, онтон сэрии маҥнайгы сылыгар ийэлэринээн иккиэн илиилэринэн ыалдьан адьас тугу да кыайан туттубат буолан хаалбыттар. Онуоха оччотооҕуга холкуоска бэрэссэдээтэллээн олорбут Шамаев Иван Иннокентьевич Кэтирииһи бырабылыанньаҕа ыҥыртаран ылбыт уонна дьоҥҥут холкуоска уонна үлэлиир кыахтара суох, онон эһиги кинилэр оннуларыгар үлэлиэхтээххит диэн, кыыһы кыһын аттарын аһатарын таһынан суруксут оҥостубут. Бэйэтэ биир-биэс үөрэҕэ суоҕа: аахпат да, суруйбат да, арай үөрэппиттэрин үтүгүннэрэн илии эрэ баттыыра. Ол да буоллар докумуону суруйарга Кэтирииһи аан маҥнай кини үөрэппит. Холобур, этэн биэрэн ыспараапка дуу, нэрээт дуу суруйтарар, онтун аахтаран истэр уонна сөп диэтэҕинэ илии баттыыр. Күүстээх үлэ буолбатаҕынан диэн буолуо, кыыс түөрт күн үлэлээтэҕинэ биир үлэ күнүнэн ааҕара.
Саввинов Никита Саввич, Налыйдыров Елисей Дмитриевич иҥин курдук кырдьаҕастар кыһыннары-сайыннары оҕолору дьаһайан үлэлэтэллэрэ: тугу, хайдах туттарга, сэпкэ-сэбиргэлгэ сэрэхтээх буоларга, үлэлииргэ үөрэтэллэрэ, сүбэлииллэрэ, батыһа сылдьан от буоллаҕына хотуурдарын, мастыыр буоллахтарына сүгэлэрин сытыылаан биэрэллэр. Ол саҕана Дабыыдапка отучча ыччат дьон бааллара, үгүстэрэ Кэтириис саастыылаахтара: Иванова Ольга, Адамова Екатерина Евсеевна (бу кыыс мэлдьи от охсуутугар сылдьара), Фёдорова Мария, Шамаева Мария, бырааттыы-балыстыы Мэхээлэ, Мотурууна Михайловтар, Семён, Родион, Ульяна Саввиновтар, Иванов Александр (кэлин монтёр буолбут). Кыргыттар от үлэтигэр охсоллор да, мунньаллар да этэ. Күнү быһа хараҥаттан хараҥаҕа дылы оҕо-дьахтар үлэни үмүрүтэр кыахтаахтара. Николаева Кэтириинэ барыларыттан аҕа саастааҕа, онон кыһын от тиэйиитигэр сылдьара. Николаева Балааҕыйа Бүлүү Сымалыырыттан, Касьянов Дьөгүөр эдьиийэ Балбааралыын, Анисия буолан, аччык дьылга Өргүөт Муоҕаныттан кэлбиттэр. Бу дьонун кытта Кэтириис тэҥҥэ үлэлэһэрэ уонна биригэдьиир быһыытынан ким төһөнү үлэлээбитин барытын кээмэйдээн, сурунан холкуоһун бэрэссээдэтэлигэр И.И.Шамаевка, кэлин Е.Г. Лазаревка отчуоттаан иһэрэ. Елисей Гаврильевич оччолорго Бүлүүттэн кэлбит. Үгүстэр кини кэмигэр сэриигэ барбыттар. Дьону сэрии уотуттан куоттаран хааллара сатаан, саастарын кыччатан суруйар түбэлтэрэ бааллара. Ону хайдах киһини бары оннук суруйуохтара баарай, биирдэ эмит табылыннаҕына эрэ буолара. Елисей Гаврильевич Екатерина Васильевнаны оҕолору салайарга, дьону кытта кэпсэтэргэ, дьон ортотугар үлэлииргэ, сири кээмэйдээн, үлэни ааҕан-суоттаан үлэ күнүн таһаарарга барытыгар элбэхтэ үөрэппит киһи эбит.
Бурдук суоҕун кэриэтэ этэ: курааннаан уонна аһыҥа ылан от да, бурдук да кыайан үүммэккэ аччыктааһын, хоргуйуу да буолбута. Дьон да, сүөһү да өлүтэлээбиттэрэ, далга аттар өлөн охтон түһэллэрэ. Онон отчуттарга сүрүн астара диэн суорат буолара. Ону мас буочукаҕа оҥорон баран сыарҕаҕа тиэйэ сылдьан ыһыкка куруусканан түҥэтэллэрэ. Сэрбэкэ диэн кырдьаҕас оҕонньор мундулаан абырыыра: кини таһаарбыт мундутун буһарынан бары уостарынан үллэстэн эбинэллэрэ. От охсооччулар Иванов Марк Иванович, Саввинов Никита Саввич, Колаев Евсей Адамович Дабыыдап сирин барытын илиинэн охсоллоро. Оҕо дьонтон Михайлов Мэхээлэ, Саввинов Родион уөрэнэн улахан отчут буолтара, бэркэ от охсоллоро. Дабыыдаптан икки көс Сэтэкэн Боотулуутугар эмиэ сайыны быһа оттууллара.
«Итинник сэрии сылларын усталаах-туоратыгар үлэттэн илиибитин араарбакка, биир күн ерөөбөккө үлэлээн олорбуппут. Кыайыы улам чугаһаан испитэ. Дьон-сэргэ санаата көтөҕүллэн үлэҕэ турунан туран үлэлиир буолтара. Кырыы сир буоламмыт кыайыы буолбутун күнүнэн хойутаан истибиппит. Араадьыйа, төлөпүөн диэн суох, онон оройуонтан аттаах наарыһынай кэлбитигэр кулуупка мунньан эппиттэрэ. Үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут. Онно Ефимов Баһылай барыбытын, отуттан тахса киһини, үгүстэрэ оҕо, эдэр дьону, кулууп таһыгар хаартыскаҕа түһэрбитэ да, миэхэ суох, кимиэхэ эрэ биэрдэҕим буолуо. Сонно тута бырааһыннык тэрийбэтэхтэрэ, ыһыахха оҥорбуттара: эт-ас бөҕө, кымыс, мас буочукаҕа пиибэ да баара.
Сэрии бүтүөҕүттэн от, бурдук, ордук хортуоппуй дэлэйдик үүнэн дьону абыраабыта. Хортуоппуй олордуллуон төһө эмит инниттэн бэлэмнэнии үлэ ыытыллара: кыһын кур балбааҕы луомунан хоҥнорон бааһынаҕа тиэйэн илдьэн тарҕата кутабыт, тибии типтэрэбит. Сайыныгар угут дьыл кэлэн, үүнүү бөҕөнү ылбыппыт. Миигин ити дьыл хортуоппуй үлэтигэр биригэдьиир оҥорбуттара. 1947 с. Дабыыдаптан чугас Кыталыктаах бааһынатыгар хортуоппуй эмиэ өлгөмнүк үүммүтэ. Арай биирдэ күһүн онно үлэлии сылдьан көрдөхпүтүнэ, уһун синиэлин тэллэҕэ тэлимнээн биир киһи тиэтэйэ-саарайа хааман иһэрэ көһүннэ. Кимин билбэккэ көрөн турдубут. Онтубут биһиги иитийэҕинэн бииргэ үөскээбит убайбыт Адамов Гаврил эбит, аҥар харахтааҕа. Үөрдэхпит буолан буолуо, киһибитин хортуоппуйунан эпчиргэлээн көрсүбүппүт”, – диэн ол үөрүүлээх түгэни санаан сэһэргээччим мичийэн ылла.
Хортуоппуй хомуллуутутар Кэтириис, биригэдьиир дуоһунастаах буолан, холкуостаахтарын кытта аттаах сыарҕанан тиэйэ сылдьан ыалларга түҥэппиттэр. Оччолорго ыал дьиэтэ барыта кыараҕас, уурар сирдэрэ суох. Ол иһин уонна аҕалымаҥ диэн бэйэлэрэ аккаастаналлара. Арай Кетехов Василий Спиридоновичтаах элбэҕи ылбыттар: кинилэр бэйэлэрэ сииллэрин таһынан сүөһүгэ эмиэ ылаллар эбит. Атыттар ону өйдөөбөтөхтөр. Онон хортуоппуй бөҕө ордон хаалбытын хайдах харайабыт диэн буолбутугар, бэрэссэдээтэллэрэ, дьаамата хаһан көмөн кэбиһиҥ диэбит. Оннук дьаһанан сир тоҥуон эрэ иннинэ аны төттөрү хостоон солуурунан, чабычаҕынан биир сыарҕаҕа куул курдук гынан баран сүрдээх улахан хааҕа хортуоппуйдарын төттөрү-таары мэскэйдээн талан үлэ бөҕө буолбуттар. Сэрии кэннэ да бурдук кэмчи эбит, нуорманан үллэрэллэрин чараас гына лэппиэскэлээн сииллэрэ. Хата, хортуоппуй үгүөрүтүк үүнэн аччыктаабат буолбуттар. 1947 сылтан ас-үөл, дьэ, дэлэйэн барбыт.
Сэрии кэннэ холкуоска Кетёхова Мария Васильевна бухгалтер этэ. Кэтириис учуотчут буолан, ким тугу үлэлээбитин, абаансаҕа тугу ылан сиэбитин барытын ааҕара. Инньэ гынан үлэлэрин аахсалларыгар үгүстэр ылалларынааҕар төлөбүрдээх буолан тахсаллара. Аны, баҕар баҕарыма, киһиэхэ барытытар булгуччулаах заём төлөбүрэ, ону таһынан суол, эт, арыы, сулумахтарга эбии холостуой нолуоктара диэн бааллара. Итинник Кэтириис араас үлэҕэ эриллэн-мускуллан испитэ. 1947 с. Дабыыдапка холкуос уопсай мунньаҕар сөбүлэспэтэҕин үрдүнэн аны маҕаһыын атыыһытынан анаабыттара. Атыыһыт бэйэтин үлэтин таһынан нэһилиэнньэттэн нолуок арыыны тутар эбээһинэстэҕэ. Ону сорох дьон арыыларын ыйааһынын элбэтэ сатаан уу, туус куталлара. Оннук уулаах арыыны ылан туттардаҕына, атыыһыт бэйэтэ төлүүрэ, онон көрөн, бэрэбиэркэлээн тута сатыыра. Маҕаһыыҥҥа туох бэриллэр ас барыта нуорма, кытаанах аахсыы, отчуот. Ону таһынан атыылаатахха атыыһыт бэйэтэ икки бүк төлүөхтээҕэ. Дьон астара бүтэн кэлэн көрдөһүү бөҕө буолаахтыыллара, аһыннар да биэрэр кыаҕа эмиэ суоҕа. Онон итиннэ үлэлииригэр дууһата эрэйдэнэн, 1948 с. ахсынньы саҥатыгар олох таһы-быһа аккаастанан уурайбыт уонна төттөрү Дабыыдапка холкуоһугар үлэлии киирэн эмиэ биригэдьиирдээбит.
Сэрии саҕаланарыгар оҕо саастаахтар сэрии бүтүүтүгэр холкуос төһүү үлэһиттэрэ, «Ударник», «Стахановец» диэн бочуоттаах ааттары ылар дьоһуннаах дьон буолбуттара. 1946 с. биэс уон алта бастыҥ үлэлээх холкуостаах Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Олортон үксүлэрэ оҕо, эдэр саастаах дьон этилэр. Кинилэр ортолоругар Екатерина Васильевна эмиэ баара.
1950 сыл буолар. Оччолорго Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй биир нэһилиэк этилэр. Ити сылтан ыла Екатерина Васильевна оройуон олоҕор-дьаһаҕар быһаччы кыттыһар киһи буолан испитэ. Маҥнай Дабыыдал уонна Чүүт учаастактара холбоһоннор кини оройуон Сэбиэтин депутатынан талыллыбыта, онтон Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ буолан, дьон убаастаан сүрэхтээбитинэн «Сэбиэт Кэтириинэ» диэн аат иҥиэр дылы 1950 – 1953 сс. үтүө суобаһынан үлэлээбитэ. Ол да кэннэ Екатерина Васильевна ферма сэбиэдиссэйэ, оҕуруот биригэдьиирэ курдук оҕотук эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит үгэһинэн чэпчэкитэ суох салайар үлэҕэ сылдьыбыта.
Ити быыһыгар 1952 с. Екатерина Васильевна эмиэ Дабыыдаптан төрүттээх, сэрии кыттыылааҕа Ильин Василий Тихоновиһы кытта сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттар. Василий Тихонович сэрии кэннэ Ороһуга лесхозка, райсовет спорка салатыгар, Дабыыдапка кулууп сэбиэдиссэйинэн, милиция сотруднигынан уонна пенсияҕа тахсыар диэри тутууга үлэлээн, оройуон араас нэһилиэктэригэр кини сүгэтин олуга түспүт тэрилтэ, олорор дьиэлэр, гаражтар билигин да туһалыы тураллар.
1961 с. кулун тутар 5 кунугэр Yөhээ Бүлүү уонна Үөдүгэй арахсаннар тус-туспа нэһилиэк буолбуттара. Саҥа тэриллибит II Үөдүгэй нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдэтэлин Михайлов Родион Ефимович буолбута. Киниэхэ секретарынан Екатерина Васильевна талыллан сэттэ сыл үлэлээбитэ. Ону таһынан кини оччотооҕу общественнай олох эмиэ үөһүгэр сылдьыбыта: нэһилиэгэр дьахтар комитетын салайара, куруһуоктары, араас түмсүүлэри тэрийэрэ, народнай суукка сэтээтэллиирэ, табаарыстыы суукка бэрэссэдээтэллиирэ. Биир киһи санныгар бу аҕыйаҕа суох ноҕурууска. Хайа, аны маны таһынан кини сыллата кэриэтэ элбэх оҕоломмут, сүөһүлээх-астаах улахан дьиэ кэргэн ийэтэ. Кини олоҕун эридьиэстии санаан толкуйдаатахпына, Екатерина Васильевна оҕо эрдэҕиттэн, сэрии сылларыттан, салайар үлэ кытаанах оскуолатын ааспыта кинини туох да түбүктэн, хайа да үлэттэн чаҕыйбат буоларга үөрэттэҕэ.
Куо мэтэкэ сааһыгар сэрии уораанын көрсүбүт уон оҕолоох герой ийэ Екатерина Васильевна уонна фронтовик Василий Тихонович оҕолоро төрөппүттэрин үтүө ааттарын ааттатар эмиэ үлэһит дьон буолбуттара: Октябрина Васильевна – Yөһээ Бүлүүгэ киин балыыһа медсестрата, доруобуйа харыстабылын туйгуна, 2009 с. ыалдьан суох буолбут; Феодосия Васильевна – Саха Республикатын Правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, п.н.д.; Екатерина Васильевна – Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Дьокуускайга Саха, немецкэй, английскай тылга гимназиятын алын кылаас учуутала; Афанасий Васильевич – ОДьКХ диспетчерэ, пенсионер; Дария Васильевна – олохтоох детсад тутаах үлэһитэ, пенсионер; Галина Васильевна – Дьокуускай поликлиникатыгар үрдүк категориялаах медсестра; Софья Васильевна – бытовой комбинат уран тарбахтаах иистэнньэҥэ, пенсионер; Валентина Васильевна – Дьокуускайга Саха, немецкэй, английскай тылга гимназиятын директора; Василий Васильевич – Дьокуускайга Правительство аппараатын ыстаастаах суоппара; Ольга Васильевна – үрдүк үөрэхтээх омук тылын учуутала, Үөһээ Бүлүүгэ Ю.Н. Прокопьев аатынан 3 Nº-дээх орто оскуола директора.
1991 с. эрэ пенсияҕа тахсыбыт Екатерина Васильевна элбэх оҕотугар уонна дьон-сэргэ туһугар үйэтигэр үлэлээн ылбыт сүрүн наҕараадалара: Ийэ килбиэнэ II степеннээх мэтээлэ — 1960 с.; Ийэ килбиэнэ I степеннээх мэтээлэ — 1962 с.; Ийэ албан аата III степеннээх ордена – 1965 с.; Ийэ албан аата II степеннээх ордена – 1967 с.; Ийэ албан аата I степеннээх ордена – 1970 с.; Герой ийэ — 1988 с. «1941 – 1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр кидюлбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл – 1946 с.; Улуу Кыайыы 30, 40, 50, 60, 65 үбүлүөйдээх сылларын мэтээллэрэ; «Үлэ ветерана» мэтээл – 1975 с.; «САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» – 1990 с. «Тыыл ветерана» – 1995 с.; «Ийэҥэ махтаныы үрдүк бэлиэтэ» — 2005 с. (Знак высшей благодарности матери Саха Якутия).
Маны таһынан «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа», «Пятилетка ударнига», «Коммунистическай үлэ ударнига», араас таһымнаах Бочуотунай да, көннөрү грамоталар, махтал суруктар ахсааннарын ааҕан сиппэккин.
Кэпсэтиибит бүтүүтэ хаартыска талыыта буолла. Эдэр эрдэҕинээҕитин көрдөөбүппэр, Екатерина Васильевна, бу баар, мантан ордук эдэрим суох, диэн баран, туох эрэ киниискэтин ууммутун ылбытым, киһим өссө матасыыкыл ыытарга правалаах буолан соһутта. Күнүн-дьылын көрбүтүм, соһуйуом иһин, киһим биэс уонугар, 1975 с. ылбыта сурулла сылдьар. Екатерина Васильевна матасыыкылы ыыта сылдыбыт кэмиттэн: «Көлөбүн миинэн уулуссаҕа таҕыстахпына, чүөчэ буолан баран өссө матасыыкыллаах ээ, дии-диилэр оҕо бөҕө олорсор буолара», – диэн кэпсээн күллэрдэ.

Дьэ, итинник биһиги ортобутугар үлэ бөҕөнү үлэлээн, оҕо, сиэн бөҕөнү атахтарыгар туруоран, бэйэтин да, оҕолорун да үтүөтүнэн өҥнүбэккэ Екатерина Васильевна боростуой саха дьахтарын сиэринэн сэмэйдик туттан, билиитин-көрүүтүн билигин да ыччаттарга үөрэтэ-такайа олороро киниэхэ өссө ордук ытыктабылы үөскэтэр, үөрдэр, астыннарар. Саха сиэрдээх киһитэ, ийэ диэн маннык буолуохтаах диэн сэһэммин түмүктүүбүн уонна улахан дьиэ кэргэн Далбар Хотун ийэтин, эбээтин алаа дьиэтэ кини оҕолоругар, сиэннэригэр, аймах-билэ дьонугар дьол уйата буоллун диэн алгыыбын.
Мария Михайлова, «Улуу Кыайыы туһугар толук буолбут оҕо саас” кинигэттэн
Кулун тутар ый, 2013 с.