Сотору- хаартыска быыстапката!

Күндү дьоммут- сэргэбит! Олунньу 25 күнүгэр, сэрэдэҕэ, күнүс 2 ч. 30 мүн. Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэк төрүттэммитэ 255 уонна Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ “Тохтоо даа, күүт, дьоллоох түгэн!…” диэн Үөдүгэйбит биир чулуу уола, Арассыыйа үтүөлээх энэргиэтигэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Пудович Аянитов тутан ылаттаабыт түгэннэрин – хаартыскаларын быыстапкатын […]
Цеолиттарга хаалбыт ыра санаа

(ыстатыйа) Саха Сиригэр Сунтаар оройуонугар, муҥура суох тайҕа уонна ыраас өрүстэр быыстарыгар сир ураты баайа — цеолит баар. Ыраастыыр, көмүскүүр, олоҕу биэрэр кыахтаах минерал. Степан Михайлович Иванов эмиэ оннук этэ, кини аатын билигин “Кыһыл Көмүс бөрүө” куонкурус сүгэр. Кини олус эрдэ, 59 сааһыгар, бэйэтин кэнниттэн аҥардастыы үтүө өйдөбүлү эрэ буолбакка, кинини билэр дьон сүрэхтэригэр олохсуйан […]
Үөдүгэй үүннэрбит үтүөкэн киһитэ

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр Үөдүгэйбит нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт киэн туттар биир дойдулаахпыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа бэчээттээччилэрин Гильдиятын чилиэнэ, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакторынан үлэлээбит талааннаах салайааччы, сытыы бөрүөлээх суруналыыс Степан Михайлович Иванов аатынан «Көмүс бөрүө» күрэх түмүгүн биллэрэр үөрүүлээх түгэн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолан ааста. […]
Үөдүгэй нэһилиэгин төрүттэммит устуоруйата

«Үөһээ Бүлүү: Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын» диэн биһиги улууспут уруккута- хойуккута дьон-сэргэ киэҥ араҥатыгар, кэлэр көлүөнэҕэ туһуланар кинигэтигэр Саха сирин биир биллэр историк учуонайа, профессор Ф.Г. Сафронов научнай үлэлэригэр олоҕуран, сахалар Бүлүү умнаһыгар ХVII үйэ иккис аҥарыттан олохсуйан барбыттара бэлиэтэнэр. Бу историческай чахчы Лазарь Федотович Николаев (1900-1975 сс) диэн уҥуоргу Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх, ис сүрэҕиттэн дьиҥнээх […]
Дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах уруоктар

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччилэригэр “Моя Россия – мои горизонты” эбии үөрэх чэрчитинэн, дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах библиотечнай уруоктары ыыттылар. Оҕолор олус сэргээн, дьарыкка көхтөөхтүк кытыннылар. Дьарык оонньуу – уруок быһыытынан барда. Бастыҥ үлэлээх оҕолор тустарынан улууспут төрүттэммит күнүгэр Үөдүгэй бибилэтиэкэтин саайтыгар билиһиннэриэхпит.
“Кыбытык тигии” эйгэтэ Далбар Хотуттары түмтэ

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Оптуорунньук- доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн, кыбытык тигиигэ маастар-кылаас буолла. Маастар-кылааһы норуот маастара Наталья Ионовна Павлова ыытта. Нэһилиэкпит Далбар Хотуттара кэлэн кыбытык тигии ымпыгар-чымпыгар , кистэлэҥнэригэр үөрэннилэр. Үөрэн – көтөн, астынан бардылар. Иис – мэйии, тарбах үлэтин, болҕомтону, тулууру сайыннарар. Уоскутар, кэрэҕэ сирдиир абылаҥнаах, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр үөрэтэр аналлаах.
Үөдүгэйдэр “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся Потапова” испэктээги туруоруохтара

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын, Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин көҕүлээһиннэринэн, дойдуга Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура, Үөһээ Бүлүүгэ үөрэҕирии сылларынан уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылынан Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы быһаччы олохтоспут Үөдүгэй биир чаҕылхай кыыһа Марфа Георгиевна Потапова – Габышева туһунан хатыламмат күүстээх уобараһын арыйар ыччакка тиэрдэр сыаллаах “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся […]
Саҕынньах

Миниистир күн аайы ыраах тыаҕа кэлбэт. Үйэҕэ биирдэ тиксибит дьол биир отдел олоҕун улаханнык дьалкытан турар. Улахан тойон отделга айаннаан кэлээт, уонча сололоох батыһыннарыылаах, иҥнэл –таҥнал түспүт эргэ дьиэ боруоктарыттан, аан дьайыҥнарыттан кылабачыгас бачыыҥкатын төбөтүнэн, үскэл таһаатынан иҥнэн ыла – ыла хостору кэрийбит. Олохтоох үлэһиттэр чиккэһиэхтэринэн чиккэһэн туралларыгар биир- икки тылы быраҕан дьоллообут […]
Степан Иванов аатынан “Көмүс бөрүө» күрэххэ кыттыы хайдаҕый?

Саҥа 2026 сыл үүнээтин, Арассыыйа Бэчээтин күнүн уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылын көрсө биир дойдулаахпыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа бэчээттээччилэрин Гильдиятын чилиэнэ, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат редакторынан үлэлээбит талааннаах салайааччы, сытыы бөрүөлээх суруналыыс Степан Михайлович Иванов аатынан “Көмүс бөрүө” күрэх балаһыанньата биллэриллибитэ. Бу күрэҕи Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ, Үөдүгэйдээҕи култуура […]
Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр – саҥа кинигэлэр

Хас биирдии ааҕааччыбыт бибилэтиэкэҕэ киирэн кэллэ даҕаны, бастакы ыйытыга «Саҥа кинигэ баар дуо?» диэн буолар. Ыйытымына, куруук ааҕар дьон бибилэтиэкэ улахан аҥарын, сорохтор барытын да кэриэтэ аахтахтара. Онон саҥа, сонун кинигэни олус кэтэһэллэр. Өссө араадьыйаҕа, куйаар ситиминэн саҥа тахсыбыт кинигэлэр угуйуктарын көрөн кэлэн ыйытааччылар. Ардыгар бэл, «Айар» кинигэ кыһатын улууспутугар баар киоскатыттан саҥа тахсыбыт кинигэлэртэн […]