Үөдүгэйгэ Чехов сахалыы саҥарыаҕа

Бу саас Үөдүгэй нэһилиэгиттэн “Ситис” коммерческайа суох тэрилтэ Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, “Чехов сахалыы тылынан” диэн бырайыагынан (ааптар – билигин улуустааҕы киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Тамара Саввинова) култуура көҕүлээһиннэригэр Бэрэсидьиэн пуондатын Граныгар кыттан кыайыылаах буолбута. Онон “Чехов сахалыы тылынан” диэн бырайыак биһиги Үөдүгэйбитигэр тохсунньу 27 күнүгэр диэри олоххо киириэхтээх, Үөдүгэйбит култууратын дьиэтигэр сыанаҕа туруоруллуохтаах.  Бу туруорууну Үөһээ […]

9 декабря – международный день борьбы с коррупцией

Международный день борьбы с коррупцией (International Anti-Corruption Day) отмечается ежегодно 9 декабря по инициативе Организации Объединенных Наций. В этот день в 2003 году была открыта для подписания Конвенция ООН против коррупции (принята Генеральной ассамблеей ООН 31 октября 2003 года). Россия в числе первых стран подписала Конвенцию и ратифицировала ее Федеральным законом от 8 марта 2006 […]

Коррупцияны утары

Ахсынньы 9 күнүгэр – Коррупцияны утары охсуһуу норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ. Бу күн Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова уонна Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэсиэдэ ыыттылар.

Үбүлүөйдээх уруокка оҕо буолан ыллыбыт

Ахсынньы 6-7 күннэригэр М.Т. Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх орто оскуола төрүттэммитэ 50 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылла тураллар. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар, выпускниктар, үлэлээн ааспыт учууталлар, үлэһиттэр олохторун биир бэлиэ күндү кэмин санатар оскуолаларыгар сылдьан астына- дуоһуйа көрдүлэр-иһиттилэр, учууталларын, бииргэ үөрэммит оҕолорун көрсөн үөрэ – көтө кэпсэттилэр. Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оскуола выпускниктарыгар анаан “ […]

Үөдүгэйгэ -Кыһыл көмүс сыбаайба

Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин киэн туттар, ытык -мааны дьиэ кэргэнэ Николаевтар  бүгүн ыал буолан олорбуттара 50 сылын, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтииллэр.   Мария Григорьевна уонна Анатолий Спиридонович, төһө да 70-с хаардарыгар үктэннэллэр, күн бүгүҥҥэ диэри иккиэн нэһилиэк, улуус актыбыыстара, коммунистическай үлэ ударниктара. Мария Григорьевна Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.   Николаевтары, биир дойдулаахтара үтүө суобастаах, үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх, көхтөөх уопсастыбанньык дьонунан билэллэр. Мария Григорьевна атыыһыттар курстарын бүтэрэн баран, ПМК […]

📝📝📝РФ суруналыыстарын уонна Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ ааптара, поэт, прозаик, биир дойдулаахпыт Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ төрөөбүт күнүн көрсө улуустааҕы хоһоон айааччылар күрэхтэрин БАЛАҺЫАННЬАТА:

Сыала:  Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитии Соруга: -Иэйиитин   хоһооҥҥо тиһэн суруйар, айар дьоҕурдаах дьону булуу, дьон сэргэ истиитигэр, билиитигэр таһаарыы; -Ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии, тыл кэрэтин кэрэхсииргэ уһуйуу; -Айар дьоҕурдаах дьону  өйөөһүн, түмүү, көҕүлээһин; бэйэ хоһоонун дьон иннигэр ааҕар дьоҕуру сайыннарыы. Ыытыллар күнэ, кэмэ:  Ахсынньы 14 күнэ, 2024 с., 14:00. ч.  […]

Дьылҕа дуу, оҥоһуу дуу?

Бүгүн да тымныы намыраабатах быһыылаах, таһырдьа туох-ханнык буола турарын икки хараҕа көрөрүттэн маппыт Уйбаан Боппуок билбэт. Кини билигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор, манна киирбитэ үһүс сыла, били, отой кырачаан сааһыгар тулаайах хаалан, оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ, аны кырдьар сааһыгар эмиэ судаарыстыба көрүүтүгэр киирдэҕэ. Бэйэтэ да сэрэйэринэн олоҕун манна түмүктүүр буолуохтаах. Сылаас дьиэ, бэлэм ас, таҥаскын сууйаллар, туруккун […]

Үөдүгэйдэр – олоҥхо дэкээдэтигэр

Саха сирин үрдүнэн Олоҥхо дэкээдэтэ бүгүн түмүктэнэр.Норуот уус- уран айымньытын муҥутуур чыпчаала буолбут Олоҥхо суолтата сыллата үрдээн иһэрин бэлиэтиэххэ наада.Олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ оҕо- аймах, дьон- сэргэ кыттыыта кэҥээн иһэр. Быйыл Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Олоҥхо дьыктааныгар 12 киһи кыттыыны ылла. Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназия оҕолоро учууталларынаан, Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Герасим Александрович Егоровтыын Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ […]

Үөдүгэйгэ уйулҕа үөрэхтээхтэрэ түмсүү тэриннилэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Психосоматика уонна киһи туруга” диэн кэпсэтии буолла. Кэпсэтиини уйулҕа үөрэхтээҕэ Альбина Николаевна Тюкянова ыытта. Бу күн Үөдүгэй нэһилиэгин уйулҕа үөрэхтээхтэрэ түмсүү тэриннилэр. Кинилэр сыаллара – нэһилиэк олохтоохторугар психологическай көмөнү оҥоруу. Сүрүн соруктара – нэһилиэнньэ бары араҥата бөҕө куттаах, бэйэҕэ эрэллээх, олоххо тирэхтээх буолалларыгар анаан былааннаах үлэни ыытыахтара. Чөл, чэгиэн […]