Ахсынньы 6-7 күннэригэр М.Т. Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх орто оскуола төрүттэммитэ 50 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылла тураллар.

Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар, выпускниктар, үлэлээн ааспыт учууталлар, үлэһиттэр олохторун биир бэлиэ күндү кэмин санатар оскуолаларыгар сылдьан астына- дуоһуйа көрдүлэр-иһиттилэр, учууталларын, бииргэ үөрэммит оҕолорун көрсөн үөрэ – көтө кэпсэттилэр.

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оскуола выпускниктарыгар анаан “ Оҕо сааспыт ыллыктарынан” диэн библиотечнай уруок ыыттылар.

Мустубут ыалдьыттар сүрэхтэригэр уйалаан илдьэ сылдьар саамай сырдык, үтүө, дьоллоох оскуолатааҕы кэмнэригэр төннөн оҕо буолан ыллылар.

Оҕолуу ыраастык, истиҥник үөрдүлэр-көттүлэр, уруокка эппиэттээн чуопчаардылар, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн да ыллылар. Уруһуйдаан, айан, анааран көрдүлэр. Оскуолатааҕы көрүдьүөс кэмнэри санаан-ахтан аастылар.

Бу уруоктан бары чэмэлиһэ үөрэн тарҕастылар. Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйэн, “Учууталбар” ырыанан уруогу түмүктээтилэр. Бу оонньуу ньыматынан ыытыллыбыт уруокка доҕордоһуу кыайан, минньигэс сакалаат бириистээх бардылар.