Үөдүгэйгэ уйулҕа үөрэхтээхтэрэ түмсүү тэриннилэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Психосоматика уонна киһи туруга” диэн кэпсэтии буолла. Кэпсэтиини уйулҕа үөрэхтээҕэ Альбина Николаевна Тюкянова ыытта.

Бу күн Үөдүгэй нэһилиэгин уйулҕа үөрэхтээхтэрэ түмсүү тэриннилэр. Кинилэр сыаллара – нэһилиэк олохтоохторугар психологическай көмөнү оҥоруу. Сүрүн соруктара – нэһилиэнньэ бары араҥата бөҕө куттаах, бэйэҕэ эрэллээх, олоххо тирэхтээх буолалларыгар анаан былааннаах үлэни ыытыахтара.

Чөл, чэгиэн сылдьыаҕыҥ!