Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин киэн туттар, ытык -мааны дьиэ кэргэнэ Николаевтар бүгүн ыал буолан олорбуттара 50 сылын, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтииллэр.
Мария Григорьевна уонна Анатолий Спиридонович, төһө да 70-с хаардарыгар үктэннэллэр, күн бүгүҥҥэ диэри иккиэн нэһилиэк, улуус актыбыыстара, коммунистическай үлэ ударниктара. Мария Григорьевна Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Николаевтары, биир дойдулаахтара үтүө суобастаах, үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх, көхтөөх уопсастыбанньык дьонунан билэллэр. Мария Григорьевна атыыһыттар курстарын бүтэрэн баран, ПМК маҕаһыыныттан булар-талар, атыылыыр, дьону кытта элбэхтик алтыһар түбүктээх үлэтин саҕалаабыта. Ити курдук бэкээринэҕэ, хаһаайыстыбаннай маҕаһыыҥҥа олус таһаарыылаахтык улэлээбитэ. Кэлин маҕаһыыннар туспа барыыларыгар 2 сыл «Дьулуур» маҕаһыыҥҥа дириэктэрдээбитэ. «Дьулуур» диэн ааты маҕаһыыҥҥа иҥэрбит эмиэ кини буолар.
Ол кэнниттэн бары маҕаһыыннар холбоһон «Куорамыкы» диэн бөлөххө кубулуйбуттара. Өр сылларга эргиэн эйгэтигэр үлэлээбит элбэх билиилээх-көрүүлээх буолан «Сельмаг» маҕаһыыныгар улэлии киирбитэ. Мария Григорьевна 2003 сылга улуус үрдүнэн үгэскэ кубулуйбут атыыһыттар курэхтэригэр хотон «Бастыҥ атыыһыт» диэн анал ааты сүкпүтэ уонна республика курэҕэр кыттар чиэскэ тиксибитэ. Республиканскай курэх «Лучший по профессии-2003» Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Майа нэһилиэгэр буолбута, онно Мария Григорьевна чаҕылхайдык кыттан, талаанын арыйан 3-с миэстэ буолбута.
2005 сылга Үөһээ Бүлүү остолобуойун сэбиэдиссэйинэн анаммыта уонна Үөдүгэйгэ дьокутаатынан талыллан икки сыл улэлээбитэ. Дьон-сэргэ кинини «Атыыһыт Морууса» диэнинэн ордук билинэр.
Анатолий Спиридонович эдэр эрдэҕиттэн бултуурун-алтыырын сөбүлүүр, уйэтин тухары тутууга биригэдьииринэн улэлээбитэ, кини салайар биригээдэтэ өрүү инники улэлэрин туттараллара уонна хайҕалга сылдьаллара. 1990 сыллааха Всероссийскай соц.күрэхтэһиигэ үрдүк наҕараадатын ылбыттара. Үөһээ Бүлүүгэ «Найрамдал» кинотеатрын, 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын, ол сылларга 2 этээстээх дьиэлэри кинилэр туппуттара. Анатолий Спиридонович оҕо сылдьан олус учугэйдик уруһуйдуур уонна илиитинэн араас оҥоһуктары оҥорор этэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, оҥоһугун Москваҕа конкурска ыыппыттарыгар миэстэлэһэн, оҥоһугун ВДНХ быыстапкатыгар туруорбуттар уонна А.И.Герцен аатынан ЛГПИ үөрэххэ ыҥырыы суругун ыыталлар.
Мария Григорьевна уонна Анатолий Спиридонович Николаевтар үс оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбиттэрэ.

Оҕолор билигин бэйэлэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын чиэстээхтик сүгэ сылдьаллар. Улахан кыыс Дора Николаева – оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бутэрбитэ, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр улэлиир; Елена Николаева – иккис кыыс үөрэх эйгэтигэр улэлиир; Вячеслав Николаев – Үөһээ Бүлүүгэ социальнай фонда тутаах улэһитэ.
– Биһиги төрөппүттэрбит үөрэхтэннэхпитинэ эрэ үчүгэй идэлээх уонна бигэ тирэхтээх буолуохпут, сырдык өйбүтүнэн тумус туттуохпут туһунан этэллэрэ. Төрөппүттэрбит биһиги баҕабытын быһа гыммакка толороллор этэ. Иккиэн ыарахан үлэҕэ да сырытталлар, хайдах барыбытын атын оҕолортон хаалсыбат гына таҥыннаран, аһатан-сиэтэн олорбуттарын билигин сөҕөбүт.
Төрөппүттэрбит биэнсийэҕэ тахсаат, сүөһү иитиитинэн дьарыгырбыттара, студенны сырыттахпытына мэлдьи сибиэһэй сүөгэй, эт, үүт ыытааччылар. Билигин даҕаны буспут бэрэскитигэр, балыгар тиийэ кэһиилэрин ыытаахтыыллар.
«Киһини үлэ киэргэтэр, үлэ – олох үрдүк муудараһа» диэн төрөппүттэрбит кыра эрдэхпититтэн эппит тыллара биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар кытаанахтык иҥэн хаалбыт. Ону тэҥэ кинилэр үтүө холобурдарынан бары үлэни өрө тутар, үөрэхтээх, идэлээх дьон буолан олоробут».
Ити курдук, төрөппүттэрбит барахсаттар биһиги дьоллоох оҕо сааһы билэрбит, ыраас ыра санаалаах улаатарбыт туһугар ахсаабат кыһамньыларын уурбуттарын, олохторун бүтүннүү анаабыттарын үрдүктүк сыаналыыбыт, – диэн оҕолоро санааларын үллэстэллэр.