📝📝📝РФ суруналыыстарын уонна Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ ааптара, поэт, прозаик, биир дойдулаахпыт Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ төрөөбүт күнүн көрсө улуустааҕы хоһоон айааччылар күрэхтэрин БАЛАҺЫАННЬАТА:

Сыала:  Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитии

Соруга:

-Иэйиитин   хоһооҥҥо тиһэн суруйар, айар дьоҕурдаах дьону булуу, дьон сэргэ истиитигэр, билиитигэр таһаарыы;

-Ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии, тыл кэрэтин кэрэхсииргэ уһуйуу;

-Айар дьоҕурдаах дьону  өйөөһүн, түмүү, көҕүлээһин; бэйэ хоһоонун дьон иннигэр ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.

Ыытыллар күнэ, кэмэ:  Ахсынньы 14 күнэ, 2024 с., 14:00. ч. 

Ыытыллар сирэ: Үөдүгэй нэһилиэгэ, Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэ.

Тэрийээччилэр: Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Үөдүгэйдээҕи модельнай бибилэтиэкэ, «Үөдүгэй бөрүөтэ» түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ.

Кыттааччылар: Үөһээ Бүлүү улууһун айар дьоҕурдаах дьоно икки бөлөҕүнэн кытталлар. 1)18-35 сааһыгар дылы. 2) 35 сааһыттан үөһэ саастаах дьон 

Ирдэбилэ:

-Кыттааччы бэйэтэ айан суруйбут эрдэ ханнык даҕаны күрэххэ кытта илик үс хоһоонун киллэрэр;

-Хоһоон тиэмэтэ, арааһа (силлабическай, аллитерационнай) көҥүл,  саха тылынан суруллубут буолуохтаах;

-Кыттааччы үс хоһоонун А4 лиискэ 14 бичигинэн (шрифт), устуруока икки ардын 1,5 арыттаах гынан, хас хоһоон аайы аатын суруйан, бэлиэтэнии кэмигэр (регистрация) тэрийээччилэргэ туттарар.

-Күрэх кэмигэр дьүүллүүр сүбэ иннигэр үс хоһоонуттан биир талбытын ааҕан иһитиннэрэр. 

-Киирбит хоһооннор ырытыллыбаттар, төннөрүллүбэттэр.

-Кыттыы иһин усунуос – 200 солк.

Түмүк тахсыыта:

Дьүүллүүр сүбэ киирбит хоһооннору көрөн, кыттааччылар хоһооннорун хайдах көрөөччүгэ тириэрдибиттэрин истэн түмүк таһаарар.

Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу сурук, кыайыылахтарга, биһирэммиттэргэ Махтал сурук уонна анал бириистэр туттарыллаллар.

Билсэр сэлэспэҕит: 8 9679112124 Валентина Петровна Филиппова

Айар куттаах, хоһоон тыыннаах дьону бука барыгытын күүтэбит!

Сэргээҥ! Көрүҥ! Кыттыҥ!

Тэрийэр бөлөх