Хомолто

   Баасканы бэҕэһээ биригэдьиир тиксэрбит тилигирээмэтэ, саараама, утуппата. Кини тоҕо “вылетаю” диэбэккэ, “вылетаем” диэбитин таайа сатаан эрэйдэннэ. Аймаҕын илдьэ иһэрэ буолуо дуу эбэтэр сыыһа бэчээттэммитэ дуу…  Тоҕо эрэ кууруска барарыгар мааны таҥаһын бары хомунан барбытын Бааска ытырыктата санаабыта оруннанна дуу, тугуй дуу? Эс, ама дуу… Сарсыарданан нуктаан иһэн, таһаараа дьукаахтарын ааннарын тыаһыттан уута букатыннаахтык көтөн, […]

Сахалыы ойуулук сайда турдун!

Сахалыы ойуулук сайда турдун! Биһиги улууска сахалыы ойуулугу оҥоруунан дьарыктанар “Саҥа Step» диэн «Тускул» оҕо айымньытын киинин иһинэн куруһуок үлэлиир. Бу оҕолор ситиһиилэрэ сыллата таһыма үрдээн, эйгэтэ кэҥээн иһэр.Салайааччы- аныгы кэм технологияларын баһылаабыт, оҕону, төрөппүтү кытары үлэлиир дьоҕурдаах Анна Павловна Григорьева. Үүнэр 2025 сылга саха ойуулугун оҥорор «Саҥа Step» куруһуок оҕолорун кытары Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ ситимнээхтик […]

Түөлбэ литэрэтиирэтэ ааҕыыга көҕүлүүр күүс буолуо

Бу соторутааҕыта биир дойдулаахпытын, физика-математика билимин дуоктарын, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй дириэктэрин, саха норуота ытыктыыр лиидэрин  Уйбаан Самаайабы кэпсээнньит быһыытынан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэн турабыт. Ол кэннэ тута “Төлкөнү түстүүр түгэннэр» диэн кинигэтин Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэбититтэн былдьаһыгынан уларсан бардылар. «Бээ, ити Уйбаан Самаайап хаһааҥҥыттан суруйар буолбутай? Өссө кинигэлээҕин отой да билбэккэ сылдьыбыппыт»,- диэн ыйытык элбээтэ.          Онон  Саҥа дьылы көрсө […]

Опрос Министерства Культуры РФ

Уважаемые посетители!Просим Вас оценить работу нашей организации, пройдя по ссылке: https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTPLeBU7/?ap_orgcode=150220067Министерство культуры Российской Федерации приглашает Вас принятьучастие в оценке удовлетворенности граждан работой государственныхи муниципальных организаций культуры, искусства и народного творчества.Исследование проводится с помощью анонимной анкеты.Анкета заполняется просто. Внимательно прочитайте вопросы анкетыи выберите тот вариант ответа, который является наиболее подходящимдля Вас.Обратите внимание – на некоторые вопросы […]

Кыһыҥҥы тымныы күн

Хаһан этэй? Бадаҕа, 1990 с. быһыылааҕа, били, бары барыта көҥүл сатаатаххытына байыҥ диэн улахан тойоммут ыҥырыыта иһиллэн, сонурҕааһын, кэтэх эргиэмсиктэр сэмээр быгыалаан эрэр кэмнэрэ, такси диэн сыта да суоҕа, оптуобус сылдьыбата, быһата, социализмтан дьиикэй ырыынакка көһөр быыһык кэм. Саҥа Дьылы дьиэбитигэр көрсөн баран ойоҕум эдьиийигэр Ньурба Маарыгар барар буоллубут, икки кырачаан кыыс оҕолордоохпут, үлэбититтэн көҥүллэттэхпит […]

Хаатыҥкалаах киһи

(Сирэй кэпсээн)     Аҕыс уонус сыллар саҥалара. Билиҥҥигэ холоотоххо үүт-тураан, уу-чуумпу холку олох. Мин университекка ассистенынан үлэлиибин. Дьиэбэр эбиэттии бараары кафедрабар тугу эрэ гына олордохпуна сэкиритээр Антонина Семеновна кылбайан киирэн: «Уйбаан Уйбаанабыс, тойоҥҥор бара тардар үһүгүн», – диэтэ. Ити кэмҥэ, миигин, саҥа кандидат буолбут отуччалаах киһини, деканы наукаҕа солбуйааччы оҥорбуттара, онон урут соччо киирбэтэх-тахсыбатах […]

Бары айылҕа оҕолоробут

Ахсынньы 17 күнүгэр Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Дойдум эмтээх отторо” олус интэриэһинэй кэпсэтии буолла. Хаһыс да сылларын эмтээх оттору хомуйуунан дьарыктанар Саха Далбар Хотуттара, улууспут “Үнүгэс” түмсүүтэ кэлэн ыалдьыттаата. Түмсүү салайааччыта Раиса Ивановна Васильева боҕуруоскай оту уматан, сыт таһааран ыраастаата. Боҕуруоскай от киһи уйулҕатын уоскутар, туругун тупсарар аналлааҕын таһынан тумуу, сөтөл кэмигэр харыстыыр, ыраастыыр. […]

“Мин Үҥэр Таҥарам…” хоһоонньуттар күрэхтэрэ Үөдүгэйгэ

Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгэр Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитэр улуустааҕы хоһоон айааччылар күрэхтэрэ буолан ааста. Барыта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн, Үөдүгэй, Нам, Тамалакаан, Куду, Туобуйа нэһилиэктэриттэн барыта 22 киһи кыттыыны ыллылар. Хоһоон абылаҥнаах түһүлгэтигэр кинилэр бэйэлэрэ айан кэлбит хоһооннорун ааҕан көрөөччүлэр сүрэхтэрин долгуттулар. Бииртэн биир истиҥ, хомоҕой хоһооннору аахтылар. Муттуххай Бороҥ хоһоонноругар саҥа ырыалар […]

Үйэлээх бэлэх

Улууспут киэн туттар устуоруга уонна кыраайы үөрэтээччитэ, “Память” кинигэлэр ааптардара, Учууталлар учууталлара, Үөдүгэйтэн сыдьааннаах Мария Даниловна Михайлова бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ өр сылларга муспут саха суруйааччыларын туһунан матырыйаалларын аҕалан туттарда, бэлэх ууна. Нэһилиэкпит, улууспут олохтоохторо, чинчийэр үлэнэн, устуоруйанан дьарыгырар ыччата, оҕолор, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн Сахабыт суруйааччыларын туһунан матырыйааллары көрүөххүтүн, үөрэтиэххитин, суруйар дакылааттаргытыгар туттуоххутун сөп.

Кэрэ буолуу чааһа

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн,  “Сэбэрэни көрүнүү” Кэрэ буолуу чааһа ыытылынна. Мэри Кэй хампаанньа сулустаах консультана Марианна Павловна Оконешникова тэрээһини ыытта. Хас биирдиибитигэр туһалаах сүбэлэри -амалары биэрдэ.