Үөдүгэйгэ Чехов сахалыы саҥарыаҕа

Бу саас Үөдүгэй нэһилиэгиттэн “Ситис” коммерческайа суох тэрилтэ Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, “Чехов сахалыы тылынан” диэн бырайыагынан (ааптар – билигин улуустааҕы киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Тамара Саввинова) култуура көҕүлээһиннэригэр Бэрэсидьиэн пуондатын Граныгар кыттан кыайыылаах буолбута.

Онон “Чехов сахалыы тылынан” диэн бырайыак биһиги Үөдүгэйбитигэр тохсунньу 27 күнүгэр диэри олоххо киириэхтээх, Үөдүгэйбит култууратын дьиэтигэр сыанаҕа туруоруллуохтаах. 

Бу туруорууну Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын дириэктэрин солбуйааччыта Дария Иванова Яковлева режиссердаан туруоруоҕа