ОҔО СААҺЫМ ЫЫРДАРА. 1960-с сыллар.

  Биһиги “норуот” диэн ааттанан, Кэм-Кэрдии хаһан да сэгэйбэт быыһыгар тимирэн симэлийдэрбит, Күн сиригэр кэлбит хас биирдии киһи арылла илик кинигэ кэриэтэ – кэпсиир сэһэнэ элбэх, саныыр санаата, толкуйа баһаам. Олортон саамай чаҕылхай ахтылҕан – оҕо саас! Оҕо саас халлаана мэлдьи сырдык, куруук күннээх курдук хас биирдии киһи өйүгэр хаалара буолуо. Мин эмиэ, оҕо сааһым […]

«Кыһыҥҥы тымныыга кынатым арыллар…”

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Үөдүгэй нэһилиэгин хомоҕой тыллаах хоһоонньута, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайката Антонина Гаврильевна Хобусарова “Санаам-ытыллар холорук” диэн бастакы кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.             Кинигэ сүрэхтэниитигэр ыраахтан-чугастан Антонина Хобусарова бииргэ үөрэммит доҕотторо, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ, үөрэппит оҕолорун төрөппүттэрэ, аймахтара, айар эйгэ сүгүрүйээччилэрэ биэс […]

Ытык дьон ыччата, төрүт дьон төрүөҕэ

Бэҕэһээ нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһыгар, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Сергеевич Федоровка сылдьан нэһилиэкпит устуоруйатын, донун- сэргэтин, оччотооҕу олох-дьаһах, үлэ- хамнас  туһунан элбэҕи биллибит. Биһиги нэһилиэктэн төрүттээх ытык дьон ыччата, төрүт дьон төрүөҕэ буолан Саха сиригэр биллибит дьоммутуттан биирдэстэрэ- судаарыстыбаннай – бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит Степан Николаевич Платонов буоларын биллибит. Дьэ, […]

Үс үйэ үөһүттэн

    Үөдүгэй аҕа ууһун дьоно ХVII үйэ ортотун диэки Өлүөнэ хаҥас кытылыттан билиҥҥи Үөһээ Бүлүү сиригэр олоччу көһөн кэлбиттэр. Кыраайы үөрэтээччилэр этэллэринэн, Саха сиригэр итинник бүтүннүү ууһунан көҥүлү батыспыт суох. Көспүт төрүөттэрэ- нуучча кэлиитигэр бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанан олороору. Үөдүгэйдэр кэргэн-чаҕар дьоннорун илдьэ барыта 18 ыал көһөн кэлбит. Өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, […]

Дордо туһунан ааҕааччы санаата

Хатыҥ түннүк анныгар сайбайар Маҥкы-тэлээр сэбирдэҕэр Сыл-хонук уруһуйун түһэрэр… Дордо Санаа ханна тиийбэтэҕэ Сулус уутун испэтэҕэ Суохха дылы тииспэтэҕэ…                                                                 Дордо «Кыах кыыс, сүдү күүс, ыыра киэҥэ, этэр тыла эҥсэн дуорааннааҕа, илбистээҕэ, соһуччута сөхтөрдө. Кимиэхэ да майгыннаабат туспа суоллаах, айылгылаах. Бэйэтиттэн толлуох, сүр баттатыах санаалар киирэллэр. Кылгас хоһооннорун утаппыттыы ааҕабын. Бэйэтин көрүөх баҕа баар да, […]

Сэргэх сэрээккэҕэ сырыттыбыт

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи Култуура киинигэр доруобуйа күнүн чэрчитинэн, эти-сиини чэбдигирдэр хамсаныылар буоллулар. Дьарыгы – көҥүл тустууга, хапсаҕайга спорт маастара, Саха сирин чөмпүйүөнэ, Саха сирин үтүөлээх тириэньэрэ Валерий Николаевич Семенов ыытта. Сарсыарда уһуктаат да, оронтон тура илигиттэн киһи ханнык эрчиллиилэри оҥорон барыахтааҕын бэрт имигэстик, сымсатык оҥорон көрдөрдө. Бу хас -биирдии хамсаныы киһи доруобуйатын туругар, чэгиэн буоларыгар туһалааҕын […]

Үөдүгэй оҕолоро- наукаҕа ситиһиилэрэ

Бүгүн Аан дойду үрдүнэн талааннаах, бэйэлэрэ чинчийэн, оҥорон, айан таһаарар оҕолор күннэрэ. Бүгүн үүнэн иһэр чинчийээччилэри чиэстиир эрэ күн буолбакка, оҕолор тулалыыр эйгэҕэ болҕомтолоохтук, айымньылаахтык сыһыаннаһалларыгар туһуланар күн. Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга ыытыллыбыт «Инникигэ хардыы” академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр чинчийээччилэр научнай-практическай конференцияларыгар Үөдүгэй оҕолоро: И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 6-с кылааһын үөрэнээччитэ […]

Бастыҥтан бастыҥнар бэлиэтэннилэр

Үөдүгэйгэ тохсунньу 14 күнүгэр 2024 сыл түмүгүнэн, үлэ бастыҥнарын биһирэмниир уонна нэһилиэк түмсүүлэрин эргэ Саҥа дьылы көрсөр тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу тэрээһин Үөдүгэйдэр нэһилиэк Өрөгөйүн ырыатын сүһүөхтэрин үрдүгэр үөрүүнэн уруйдаан туран ыллыылларыттан саҕаланна.2021 сыллаахха нэһилиэкпит 250 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар, биир дойдулаахпыт,     СӨ үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, поэт  Петр […]

Үтүө да кэмнэр этэ…

Сэбиэскэй кэм! Ким ону билигин өйдүүрүй? Орто саастаах дьон буоллаҕа. Мин оҕолорбуттан ону өйдүүр суох быһыылаах. Бэйэм, дьэ, баттаспыт дьоллоохпун. Ол кэмнээҕи үлэһиттэр, тэрилтэлэр билиҥҥи кэмнээҕи капиталистическай тутул үлэһиттэриттэн чыҥха атыттар. Тэрилтэлэр да элбэхтэрэ. Райсоюз, промстрой, мелиорация, промкомбинат уонна бытовой комбинат, сорохторун умнан да кэбиспиппин. Бытовой комбинат, атах таҥаһын тигэр сыаҕар үлэлээн үтүө дьону кытта […]

Ааҕааччыларбыт- тирэх буолар дьоммут

Саҥа сылга бастакы үлэ күнэ саҕаланан, кинигэ, хаһыат, сурунаал доҕордоох күндү ааҕааччыларбыт Р.М. Павлова аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэни ахтыбыттыы тиэтэйэ-саарайа кэлэн бардылар. Сарсыарда бибилэтиэкэ аанын арыйа айар куттаах Аркадий Иванов- Силис кэлэн кинигэ, сурунаал уларсан барда. Ааспыт сылга “Чолбон” сурунаал улуустарынан ыыппыт “Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэххэ кыттан, улууска 3-с миэстэни ылбыт Наталья Чуручанова кэлэн саҥа кинигэлэри […]