«Кыһыҥҥы тымныыга кынатым арыллар…”

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Үөдүгэй нэһилиэгин хомоҕой тыллаах хоһоонньута, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайката Антонина Гаврильевна Хобусарова “Санаам-ытыллар холорук” диэн бастакы кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

            Кинигэ сүрэхтэниитигэр ыраахтан-чугастан Антонина Хобусарова бииргэ үөрэммит доҕотторо, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ, үөрэппит оҕолорун төрөппүттэрэ, аймахтара, айар эйгэ сүгүрүйээччилэрэ биэс уонтан тахса киһи бу дьоро күҥҥэ мустан ааптар үлэтин-хамнаһын, айар талаанын туһунан истиҥник кэпсэттилэр.

            Үөдүгэй нэһилиэгин айар куттаах үтүөкэн Далбар Хотуна Антонина Гаврильевнаны бастакы айар кинигэтэ күн сирин көрбүтүнэн, түөлбэ литературатын нэһилиэстибэтигэр саҥа, хомоҕой хоһооннордоох кинигэ эбиллибитинэн Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ, Улуус Сэбиэтин дьокутаата Игорь Егорович Сортолов эҕэрдэлээтилэр.

            Бу кинигэҕэ киирбит хоһооннору Антонина Гаврильевна дьүөгэлэрэ, кэллиэгэлэрэ, киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ иэйиилээхтик аахпыттара видероликка көһүннэ. Хомуурунньук киэҥ ырытыытын Учууталлар учууталлара, улууска ийэ тылы уонна устуоруйаны хараанныыр үлэлэри тэрийээччи Бурхалей Степанович Макаров оҥордо.

Ону тэҥэ Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Марта Симоновна Силигиянова хоһоон тылларын уонна уобарастарын бэрт сэргэхтик ырытта.

            Бу кинигэ сүрэхтэниитигэр бэйэтин эҕэрдэтин “Күрүлгэн” сурунаал бас эрэдээктэрэ Афанасий Гаврильевич Гуринов- Арчылан куйаар ситимин нөҥүө тириэртэ. Кини Антонина Гаврильевна Алампа «Аҕабар сурук” диэн айымньытын нууччалыы тылбаастаан, кумык омуктар бэйэлэрин тылларынан ааҕалларыгар олук уурбутун бэлиэтээтэ.

Хас биирдии хоһоонньут айымньыта ырыа буолан көтүөн баҕарар. Ол курдук Николай Чуручанов  «Муҥха» диэн Антонина тылларыгар ырыа айбытын толорон иһитиннэрдэ. Уонна видеоҕа уһуллубут  Үөдүгэйдэр муҥхаларыгар бу ырыа фон буолан киирбитин экраҥҥа көрдүбүт.

Соторутааҕыта Антонина Хобусарова «Уруйдан, улууттан улуубут!» диэн хоһооно Сергей Зверев – Кыыл Уола үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах Өрөгөй ырыатын күрэҕигэр кыайан, Өрөгөй ырыата буолан ылланна! Бу ырыаны куйаар ситиминэн ыытыллыбыт клипкэ көрөн үөрдүбүт, сөхтүбүт. Бу ырыаны бастакынан Ильина Лидия Никифоровна Дьокуускай куоракка Сунтаардар тэрээһиннэригэр сылдьан истибитин, “Антонина Хобусарова тыллара” диэбиттэригэр, сүрдээҕин үөрбүтүн, киэн туттубутун долгуйа кэпсээтэ.  

Антонина Гаврильевна үөрүүтүн үллэстэ кэлбит кэллиэгэлэрэ, дьүөгэлэрэ, бииргэ үөрэммит оҕолоро, Үөдүгэй олохтоохторо, айар идэлээх дьон бары истиҥник-иһирэхтик эҕэрдэлээтилэр. Өссө да саҥа айымньылара күн сирин көрөн ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тарҕана турарыгар баҕа санааларын эттилэр.

Улууспут киэн туттуута, Кудуттан төрүттээх Анна Петровна Иванова- Дмитриева олус долгутуулаахтык, истиҥник Кудутааҕы кэмнэрин аҕынна уонна «Төрөөбүт алааспар” диэн ырыатынан эҕэрдэлээтэ. Ааптар бу ырыа “Күнү көрбүт Кудубар” хоһоон айыллан тахсыбытыгар төрүөт буолбутун бэлиэтээтэ.

Антонина Хобусарова “Хаар эрэлэ эрэлбин, Хаһыйан кээһимэҥ» диэбитинии, кэлбит ыалдьыттар бу көрсүһүүттэн олус дуоһуйан, астынан,  , ааптар хомуурунньугар тиспит иэйиитин өссө даҕаны бүччүмнээн олорон ааҕыахпыт дэһэн тарҕастылар.