Ааҕааччыларбыт- тирэх буолар дьоммут

Саҥа сылга бастакы үлэ күнэ саҕаланан, кинигэ, хаһыат, сурунаал доҕордоох күндү ааҕааччыларбыт Р.М. Павлова аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэни ахтыбыттыы тиэтэйэ-саарайа кэлэн бардылар.

Сарсыарда бибилэтиэкэ аанын арыйа айар куттаах Аркадий Иванов- Силис кэлэн кинигэ, сурунаал уларсан барда.

Ааспыт сылга “Чолбон” сурунаал улуустарынан ыыппыт “Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэххэ кыттан, улууска 3-с миэстэни ылбыт Наталья Чуручанова кэлэн саҥа кинигэлэри көрдө-иһиттэ, улуус устуоруйатыгар, Улуу Кыайыыга аналлаах кинигэлэри билистэ.

Ытык-мааны ааҕааччыбыт Михаил Абрахов сахалыы сурунааллары астына аахпытын туһунан санаатын үллэһиннэ.

Хаһыаты, сурунаалы көтүппэккэ умсугуйа ааҕар Андрей Алексеев саҥа сыл бэчээтинэй таһаарыыларын кэтэһэн, суохтаан бүгүн улуус устуоруйатын кэпсиир кинигэлэри ааҕар саалаҕа олорон аахта.

Дьиэ кэргэнинэн күргүөмүнэн кинигэни эргитэ сылдьан ааҕар Петр, Татьяна Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ ыалдьыттаатылар.Нэдиэлэтээҕи ааҕар кинигэлэрин, сурунаалларын хото уларсан бардылар.

Нэһилиэкпит ыччаттара Егор Алексеев, Анатолий Холдеков сахабыт улуу суруйааччыларын кинигэлэрин интэриэһиргээн уларыстылар.

             Биһиги хас биирдии ааҕааччыларбыт кинигэ, сурунаал, хаһыат уларсалларын таһынан саҥа, үтүө идиэйэлэрин, кэскиллээх этиилэрин киллэрэн биһиги үлэбитигэр сүрүн күүс, тирэх буолаллар. Күндү ыалдьыт буолан сырдыгынан сыдьаайан киирэн кэлэллэр.

Күндү ааҕааччыларбытын күннэтэ Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэргитин күүтэбит!