Үс үйэ үөһүттэн

    Үөдүгэй аҕа ууһун дьоно ХVII үйэ ортотун диэки Өлүөнэ хаҥас кытылыттан билиҥҥи Үөһээ Бүлүү сиригэр олоччу көһөн кэлбиттэр. Кыраайы үөрэтээччилэр этэллэринэн, Саха сиригэр итинник бүтүннүү ууһунан көҥүлү батыспыт суох. Көспүт төрүөттэрэ- нуучча кэлиитигэр бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанан олороору. Үөдүгэйдэр кэргэн-чаҕар дьоннорун илдьэ барыта 18 ыал көһөн кэлбит. Өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы хаалаллар. Оттон өрүс хаҥас өттүгэр Наакаан баһылыктаах тахсаллар. Дьэ, ити курдук Бүлүү өрүс уҥуор-маҥаар өттүлэригэр икки Үөдүгэй нэһилиэктэрэ баар буолбуттар. 

   СӨ национальнай архыыбыгар Үөһээ Бүлүү улууһун туһунан харалла сытар докумуоҥҥа, 1771 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр алтан бэчээт ылбыт кинээстэр ортолоругар Үөдүгэйтэн Быранагай Унюгесов уонна Батак Бекчекев ааттара суруллубут. Ол аата II Үөдүгэй нэһилиэгэ өссө 254 сыл анараа өттүгэр Арассыыйа судаарыстыбатын Саха сиринээҕи территориальнай тутулун биир алын сүһүөх тэриллиитин быһыытынан ахтыллыбыт. Бу ыспыраапкаҕа 1776-1777 сыллардаахха Бүлүү ведомствотын волостарын кыраныыссалара быһаарыллыбыт эбит. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, 2025 сылга Үөһээ Бүлүү улууһун биир улахан уонна дириҥ силистээх-мутуктаах, баай историялаах Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 254 сыла!

            Үөдүгэй нэһилиэгэ улуус киинин кытары силлиһэ сытар улууспут биир саамай киэҥ территориялаах нэһилиэктэриттэн биирдэстэрэ буолар. Нэһилиэктэн 25 км тэйиччи сытар Куду учаастага Үөдүгэй нэһилиэгэр киирсэр, төрүт уус Үөдүгэй дьоно-сэргэтэ түҥ былыргыттан кэлэн олохсуйбут сирэ-уота буолар.

            Күн бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгэр 2624 киһи олорор, нэһилиэкпит күннэтэ үүнэр-сайдар, киэркэйэр. Саха сирин, Арассыыйа ыытар араас судаарыстыбаннай бырагыраамаларыгар, Граннарыгар кыттан нэһилиэк социальнай-экономическэй, култуурунай олоҕо тупсарыгар болҕомто ууруллар.  Саҥа микро оройуоннар эбиллэннэр, эдэр ыччат дьиэ-уот туттан, олохсуйарыгар усулуобуйа оҥоһуллар, нэһилиэкпит кэҥиир. Кэнчээри ыччаппыт сайдарыгар – үүнэригэр, Ийэ дойдутун таптыыр, төрөөбүт төрүт дойдутунан киэн туттар дьоһуннаах киһини иитэр, үөрэтэн таһаарар сыаллаах нэһилиэкпит оскуолалара, уһуйааннара араас өрүттээх оҕону сайыннарар, иитэр үлэлэри ыыталлар. Нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ уонна уон араас уопсастыбаннай түмсүүлэрбит Үөдүгэйбит нэһилиэгин олоҕо тупсарыгар, таһыма үрдүүрүгэр көхтөөхтүк кыттаннар өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар.

Биһиги Үөдүгэйбит нэһилиэгиттэн тахсыбыт сүдү дьоммутунан – Саха АССР судаарыстыбаннай, общественнай диэйэтэлэ, медицинэ билимин уонна доруобуйа харыстабылын биллэр-көстөр улахан тэрийээччитэ Ефрем Николаевич Андреевынан, медицинэ билимин дуоктара, профессор, өр сылларга Дьокуускайдааҕы медицинскэй институту салайбыт, СӨ Ил(Түмэнин) дьокутаатынан үлэлээбит Пальмира Георгиевна Петрованан, Тыа хаһаайыстыбатын билимин кандидата , Саха АССР үтүөлээх агронома Петр Петрович Васильевынан, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин миниистиринэн, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн, СӨ (Ил Түмэнин) дьокутаатынан үлэлээбит  Феодосия Васильевна Габышеванан, физико-математическай билим дуоктара, общественнай лидер, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат дириэктэрэ Иван Иванович Шамаевынан, техническэй билим кандидата Валерий Иосифович Ивановунан, психология билимин кандидатынан Лилия Ионовна Алексееванан, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна Николай Васильевич Егоровынан, нэһилиэкпититтэн бастакынан Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин аппараатыгар дьыалалары дьаһайааччы дуоһунаһыгар өр сылларга үлэлээбит Григорий Данилович Аржаковунан, СӨ үтүөлээх артыыскалара Аксиния Кирилловна Адамованан, Мария Егоровна Николаеванан, үөрэх эйгэтигэр өр сылларга салайар үлэлэргэ үлэлээбит Яков Алексеевич Николаевынан, партийнай үлэһит  Василий Спиридонович Петровунан, суруналыыһынан, эрэдээктэринэн үлэлээбит  Петр Федорович Сячиковынан, 24 сыл улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ салайааччынан үлэлээбит Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Лаврентий Спиридонович Карадчинынан, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, айылҕаттан айдарыылаах харах эмчитэ Георгий Титович Карадчинынан, Октябрьскай Революция уордьан кавалера, сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит Гаврил Гаврильевич Лазаревынан, ССРС Государственнай бириэмийэтин лауреата Прокопий Петрович Степановынан , Саха радиотын биллэр чаҕылхай диктора Николай Терентьевич Николаевынан- Мучумаанынан,  РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа, Ленин уонна «Бочуот Знага”  СӨ үтүөлээх учуутала, поэт Петр Поликарпович Одорусовынан, СӨ суруйааччыларын Сойууһун уонна РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ В.В. Васильев- Муттуххай Бороҥунан, дьоруой ийэлэрбитинэн Марина Антоновна Михайлованан, Екатерина Васильевна Адамованан, Анна Васильевна Васильеванан, Светлана Ивановна Васильеванан, о.д.а. үтүө-мааны дьоммутунан киэн туттабыт.

            Үөдүгэйбит дьонун-сэргэтин, олорон ааспыт олоҕун үөрэтэ, чинчийэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэ туруохпут!