Бүгүн Аан дойду үрдүнэн талааннаах, бэйэлэрэ чинчийэн, оҥорон, айан таһаарар оҕолор күннэрэ. Бүгүн үүнэн иһэр чинчийээччилэри чиэстиир эрэ күн буолбакка, оҕолор тулалыыр эйгэҕэ болҕомтолоохтук, айымньылаахтык сыһыаннаһалларыгар туһуланар күн.
Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга ыытыллыбыт «Инникигэ хардыы” академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр чинчийээччилэр научнай-практическай конференцияларыгар Үөдүгэй оҕолоро: И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Сайдам Павлов «Физическэй наукалар уонна астрономия” диэн хайысхаҕа кыттан, Лауреат үрдүк аатын ылбыта.
Ону тэҥэ М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ: Радомир Адамов “Спортивная наука и ЗОЖ”,

Степан Никифоров “Психология” хайысхаларыгар чаҕылхайдык кыттаннар, Саха сирин араас муннуктарыттан кыттыбыт оҕолортон чинчийбит үлэлэрин уһулуччу итэҕэтиилээхтик дакаастааннар, 1-кы, 2-с истиэпэннээх Дипломант аатын ылбыттара.

Санатан эттэххэ, ааспыт сылга Сайдам Павлов Москва куоракка научнай-практическай конференцияҕа баран ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ. «Чолбон» сурунаал кэлэктиибэ улуустарынан ыыппыт «Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕэр дьиэ кэргэнинээн кыттан улууска 3-с миэстэ буолбуттара.
Радомир Адамов Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ биир бастыҥ ааҕааччыта. Кини саха улуу суруйааччыларын айымньыларын сөбүлээн ааҕар. Соторутааҕыта кини Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамаанын уларсан аахпыта.
Үөдүгэйбит оҕолоро наукаҕа ситиһиилэринэн киэн туттабыт, кинилэри, салайааччыларын, төрөппүттэрин эҕэрдэлиибит! Инникитин даҕаны толкуйдуур, ырытар, чинчийэр дьоҕургут сайда, үүнэ туруохтун! Аа5ар кинигэлэргит саҥа санаалары, дириҥ толкуйдары сахтыннар!