Дордо туһунан ааҕааччы санаата

Хатыҥ түннүк анныгар сайбайар

Маҥкы-тэлээр сэбирдэҕэр

Сыл-хонук уруһуйун түһэрэр…

Дордо

Санаа ханна тиийбэтэҕэ

Сулус уутун испэтэҕэ

Суохха дылы тииспэтэҕэ…

                                                                Дордо

«Кыах кыыс, сүдү күүс, ыыра киэҥэ, этэр тыла эҥсэн дуорааннааҕа, илбистээҕэ, соһуччута сөхтөрдө. Кимиэхэ да майгыннаабат туспа суоллаах, айылгылаах. Бэйэтиттэн толлуох, сүр баттатыах санаалар киирэллэр.

Кылгас хоһооннорун утаппыттыы ааҕабын. Бэйэтин көрүөх баҕа баар да, саллабын. Миигин көрөөт да кыра ычалаахпын, кыараҕас эйгэлээхпин, өнүйбэтэх иэйиилээхпин, сыппах тыллаахпын курдары көрүө буоллаҕа. Ол эрээри, үөрэбин маннык улуу дьахтар баарыттан.

Оо, арай, алҕаска эдэр буолан, кинини ойох ылбыт буолуум, хайдах курдук сахабыт тылын дириҥ чүөмпэтигэр чомполонуо, айар илбискэ бас бэринэн үрдүккэ көтүө, тыл эгэтин кыайан тобулбакка эрэйдэниэ, дьон өйдөөбөт хаҕыс тылларын сүрэхпитигэр түһэрэн хаанынан ытыа этибитий?- диэн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ бэриниилээх, бастыҥ ааҕааччыта, айар куттаах Аркадий Иванов- Силис Үөдүгэйдэр айылҕаттан айар, суруйар талааннаах Далбар Хотуммут Наталия Дордо туһунан санаатын үллэстэр. Кини Дордо айымньыларын Иван Арбита айымньыларыгар ханыылыы саныыр, киһини дириҥник толкуйдатар, мээнэ киһи дэбигис өйдүү охсубат, олоҕу дириҥник, киэҥник эҥсэн суруйар улахан талааннаах хоһоонньут диэн сыанабылы биэрэр.

Санатан эттэххэ, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Дордо хоһооннорун, кэпсээннэрин кинигэлэрин уларсан астына, дуоһуйа ааҕыаххытын сөп. Ону таһынан бу кинигэлэри уура сылдьан умсугуйа ааҕыан баҕарар дьоҥҥо анаан бибилэтиэкэҕэ кинигэлэр атыыга бааллар. Биир кинигэ сыаната- 300 солк.

Күндү ааҕааччыларбыт, биир дойдулаахпыт Наталия Дордо кинигэлэрин ааҕыҥ, бэйэтэ айар куттаах киһи Аркадий Иванов маннык уһулуччу улахан сыанабылы биэрбит хоһоонньут айымньыларын ааҕыҥ, анаарыҥ…