Сотору- хаартыска быыстапката!

Күндү дьоммут- сэргэбит! Олунньу 25 күнүгэр, сэрэдэҕэ, күнүс 2 ч. 30 мүн. Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэк төрүттэммитэ 255 уонна Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ “Тохтоо даа, күүт, дьоллоох түгэн!…” диэн Үөдүгэйбит биир чулуу уола, Арассыыйа үтүөлээх энэргиэтигэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Пудович Аянитов тутан ылаттаабыт түгэннэрин – хаартыскаларын быыстапкатын […]
Үөдүгэй нэһилиэгин төрүттэммит устуоруйата

«Үөһээ Бүлүү: Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын» диэн биһиги улууспут уруккута- хойуккута дьон-сэргэ киэҥ араҥатыгар, кэлэр көлүөнэҕэ туһуланар кинигэтигэр Саха сирин биир биллэр историк учуонайа, профессор Ф.Г. Сафронов научнай үлэлэригэр олоҕуран, сахалар Бүлүү умнаһыгар ХVII үйэ иккис аҥарыттан олохсуйан барбыттара бэлиэтэнэр. Бу историческай чахчы Лазарь Федотович Николаев (1900-1975 сс) диэн уҥуоргу Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх, ис сүрэҕиттэн дьиҥнээх […]
Үөдүгэйдэр “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся Потапова” испэктээги туруоруохтара

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын, Р.П. Матвеева аатынан бибилэтиэкэ, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин көҕүлээһиннэринэн, дойдуга Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура, Үөһээ Бүлүүгэ үөрэҕирии сылларынан уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылынан Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы быһаччы олохтоспут Үөдүгэй биир чаҕылхай кыыһа Марфа Георгиевна Потапова – Габышева туһунан хатыламмат күүстээх уобараһын арыйар ыччакка тиэрдэр сыаллаах “Кыһыл Чолбон кыыма- Муся […]
Степан Иванов аатынан “Көмүс бөрүө» күрэххэ кыттыы хайдаҕый?

Саҥа 2026 сыл үүнээтин, Арассыыйа Бэчээтин күнүн уонна Үөдүгэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылын көрсө биир дойдулаахпыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа бэчээттээччилэрин Гильдиятын чилиэнэ, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат редакторынан үлэлээбит талааннаах салайааччы, сытыы бөрүөлээх суруналыыс Степан Михайлович Иванов аатынан “Көмүс бөрүө” күрэх балаһыанньата биллэриллибитэ. Бу күрэҕи Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ, Үөдүгэйдээҕи култуура […]
“Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүүгэ бүгүн ураты күн

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түмсүү көрүстэ. Көрсүһүүгэй айар куттаахтар уонна Үөдүгэйбит Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ Игорь Егорович Сортолов кыттыыны ыллылар. Ааспыт сыл ситиһиилэрин, үлэтин-хамнаһын ырыттылар. Ылан көрдөххө, элбэх, дьоһуннаах үлэ барбыт эбит. Ахтан аастахха ааспыт сыл тохсунньутугар Надежда Куттаах “Умсулҕан” диэн кэпсээнин кинигэтэ тахсан дьон-сэргэ улахан биһирэбилин […]
“Сыллары тутаммын кэс тылы арыйар эбиппин”

Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, ити тыллары суруйбут олохтоох поэт, суруйааччы саҥа кинигэтин Үөдүгэй библиотекатыттан уларсан ааҕыҥ диэн ыҥырабын. Кинигэ аатыныы “Кылбаарар кынаппар олорсон ” Наталия Петровна Дордо хоһооннорунан сирдэтэн, тапталлаах дойдубут Үөдүгэйбит кэрэ айылҕатын көрүҥ. Саҥа кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Оҕо буоллун, улахан дьон буоллун тулалыыр эйгэбитин эргиччи көрөн кыһыннары- сайыннары, күһүннэри […]
Үөдүгэйбит дьонун туһунан – «Күрүлгэҥҥэ»!

Дьокуускайга ыытыллыбыт «Дойдубут туһугар!» «Ситим-Медиа» тэрилтэ уонна «Кыым» бар дьон хаһыатын итиэннэ «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал эрэдээксийэлэрэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин өйөбүлүнэн ыыппыт күрэхтэригэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылаҕа, айар-суруйар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар ИДьМ бэтэрээнэ Надежда Кардашевская-Куттаах «Күүстээх Кирилэ» кэпсээнинэнБиһирэбил бириискэ тиксибитэ. Күрэх Улуу Кыайыы 80 уонна Арассыыйаҕа биллэриллибит Аҕа дойдуну, Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ дойдуну […]
Үөдүгэй биир чулуу уола Николай Егоров төрөөбүт күнэ

Саха сирин биллиилээх учууталларыттан биирдэстэрэ, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, “Кыһыл Сулус» уордьан уонна биэс бойобуой мэтээл кавалера этэ. Кэлин норуот үөрэҕириитигэр үтүөлэрин иһин Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Николай Васильевич ахсынньы 3 күнүгэр 1903 сыллаахха II Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үөһээ […]
Ийэм туһунан ахтыы

Ийэм, Егорова Анна Николаевна, I Маҥааска ыам ыйын 12 күнүгэр 1922 сыллаахха элбэх оҕолоох Егоров Николай Ефремович–Саллар, Иванова Анисия дьиэ кэргэттэригэр 6-с оҕонон төрөөбүтэ, бииргэ торообуттэр 7 этилэр. 1941 сыллааха Аҕа Дойду сэриитэ саҕаланан, эр дьон фроҥҥа бараннар, Харбаала совхозка 18 саастаах кыыһы сытыы-хотуу, үлэһит диэн биригэдьииринэн анаабыттар. Ол үлэтигэр 17 сыл үлэлээбитэ. Ийэм […]
Харааччыннар Кудуга, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ суоллара

Урукку дьыллар уорҕаларыгар, ааспыт үйэлэр үһүйээннэригэр хааллахтара, хаарыан хампа тыа быыһыгар олорбут, төгүрүк алаастарга түөлбэлэммит, үрэх бастарынан батан буруо таһаарынан оҕо-уруу тэниппит биһиги төрүт дьоммут-сэргэбит… Кып-кыра Куду сириттэн бүтүн Саха сиригэр биллэр-көстөр, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, историятыгар үгүһү киллэрсибит өркөн өйдөөх, үтүө суобастаах элбэх ыччат тахсыбыта. Үтүө ааттара бэйэлэрин үйэлэрин төһө эмэ нөҥүөлээбит Куду дьонун-сэргэтин үгүһү ааттыахха […]